СӨ Прокуратурата сэрэтэр: Массыанньыктартан сэрэхтээх буолуҥ!
Кэнники сылларга информационнай технологиялар балысханнык сайдалларын кытта массыанньыктааһын интэриниэт хонуутугар көстө.
СӨ Ис дьыалаҕа министиэристибэтин дааннайынан, ааспыт 2020 сыл устата телекоммуникационнай технологиялар нөҥүө 2287 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит (2019 сыллаахха 1583 этэ). Быйылгы 2021 сыл 3 ыйын устата номнуо 778 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит, ол аата интэриниэт көмөтүнэн массыанньыктааһын биһиэхэ 64,8 % элбээтэ.
СӨ Прокуратурата бар дьону интэриниэт уонна мобильнай массыанньыктартан сэрэнэргэ ыҥырар! Онуоха мантан аллара бэриллибит информацияны болҕойон ааҕыҥ уонна чугас дьоҥҥутугар, оҕолоргутугар, аҕам саастаах аймахтаргытыгар кэпсээҥ.
Мобильнай уонна интэриниэт массыанньыктар үксүн атын региоҥҥа, тас дойдуга олорор дьон буолаллар. Ол иһин кинилэри харыларыттан харбыыр техническэй өттүнэн олус уустук, үксүн бу буруйу оҥоруулар аһыллыбакка хаалалаллар, дьон харчытын сатаан төнүннэрбэттэр. Массыанньыктар, буоларын курдук, симкалары бэйэлэрин ааттарыгар атыыласпаттар, нүөмэри дьон харчытын түөкэйдииллэрин эрэ саҕана быстах болдьоххо тутта түһэн баран араараллар.
Ханнык буруйу оҥоруулар бэлиэтэнэллэрий?
Массыанньыктааһын үксүн мобильнай тэриллэр уонна интэриниэт ситимин нөҥүө барар (бу буруйу оҥоруу РФ Холуобунай кодексатын 159 ыст. эппиэттиир). 2020 сылга Саха сиригэр интэриниэт түөкүннэр дьонтон албыннаан ылбыт харчыларын суумата 132 мөл. солк. тэҥнэстэ (64,5 % элбээтэ – 2020 сылга 1907 киһи албыннатта, 2019 с. – 1159 киһи этэ).
Хараҥа дьыала баһыйар өттө “ыраахтан олорон уоруу” («дистанционные хищения» диэн термин олоххо киирдэ) көрүҥэр киирсэр. Каартаттан харчыны устан ылыы – массыанньыктааһын саамай тарҕаммыт көрүҥэ (бу буруйу оҥоруу РФ Холуобунай кодексатын 158 ыст. эппиэттиир). 2020 сылга Саха сиригэр 754 дьон каартатыттан харчыны устан ылыы бэлиэтэммит, хоромньу уопсай суумата – 52 мөл. солк.
Маны таһынан, наркотигы аныгы технологиялары туһанан тарҕатыы (ХК 228, 228.1 ыст) – 522 (былырыын 561) уонна компьютернай информацияны кытта ситимнээх буруйу оҥоруу – 29 (14) бэлиэтэннэ, ол аата икки төгүл эбилиннэ диэн СӨ Прокуратурата иһитиннэрдэ.
Ким сиэртибэ буоларый?
Маннык массыанньыктарга аныгы технологияларга быһаарсыбат кырдьаҕас дьон уонна мэник соҕус майгылаах эдэрдэр түбэһэллэр дии саныыр буоллаххытына, улаханнык сыыһаҕыт. Статистика көрдөрөрүнэн, сиэртибэлэринэн үксүн бастайааннай дохуоттаах, каартаҕа ылар хамнастаах 25-55 саастаах дьон буолаллар. Албыннаппыт дьон иһигэр 13-14 % эрэ эдэрдэр уонна аҕам саастаахтар бааллар.
Бааҥҥа счеттаах, харчы уурунуулаах, интэриниэтинэн араас табаары атыылаһар, өҥөлөрүнэн туһанар үгэстээх дьон кэбэҕэстик сиэртибэ буолуохтарын сөп. Билиҥҥитэ массыанньыктарга албыннаппыт дьон ахсаана Дьокуускайга, Мииринэйгэ, Нерюнгригэ, Удачнайга, Алдаҥҥа, Ленскэйгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Бүлүүгэ уонна Чурапчыга элбии турар.
Дьону албынныыр албастара элбэх
Полиция биэрэр дааннайынан, өрөспүүбүлүкэбитигэр билигин массыанньыктааһын маннык көрүҥнэрэ хото тарҕанан тураллар:
Массыанньыктар аатырар интэриниэт балаһааккаларга атыы-кутуу туһунан сымыйа биллэриилэри тарҕаталлар (Авито, Дром, Юла, о.д.а.).
Баан, полиция уонна да атын былаас уорганнарын үлэһиттэрэ буолан кубулунан эрийэллэр.
Сымыйа интэриниэт сайтары айаллар. Бу сайтар былаас уорганнарын официальнай сайтарыгар наһаа майгынныыр буолаллар, сыныйан көрбүт эрэ киһи уратыларын буолуон сөп.
Интэриниэккэ уонна социальнай ситимнэргэ дьону үлэҕэ ылыы, бырыһыаҥҥа харчы үксэтии туһунан рекламаны тарҕаталлар. Маныаха “биржа”, “инвестиция” диэн тыллар дьону ымсыырдаллар.
Массыанньыктар күн-түүн аайы атынтан атын дьону угаайыга угар ньымалары толкуйдууллар. Оттон дьон үксэ чэпчэки сыаналаах табаары ылаары, харчыларын түргэнник үксэтээри албыҥҥа киирэн биэрээхтииллэр.
Хайдах албынныылларый?
Массыанньыктар Авито, Дром, Юла, о.д.а. босхо биллэриилэри таһаарар балаһааккаларга сымыйа информацияны таһаараллар. Атыылаһаары эбэтэр табаары атыылаары кинилэргэ сибээскэ тахсаҕыт. Кэпсэтии кэмигэр массыанньык “харчы ыытан кэбиһээри” баан каартатын нүөмэрин туоһулаһыан сөп эбэтэр атыылаһар табаарыҥ сыанатын сорҕотун “авансанан ыыт” диир. Каартаҕыт нүөмэрин биллэ, авансаны тутта да, массыанньык сибээскэ тахсыбат буолан хаалар, суола сойор.
Онон интэриниэтинэн табаары атыылаһыы, бэл, сөмөлүөт билиэтин ылыы кытта, сэрэхтээх буолла. Ханнык баҕарар сайт сымыйа куоппуйа буолуон сөп, оттон харчыгытын тэрилтэҕэ буолбакка, массыанньыкка ыыппыт буолуоххутун сөп.
Угаайыга киирэн биэримэҥ!
Биллэриинэн тугу эмэ атыылаһаргытыгар хаһан да төлөбүрүн авансанан ыытымаҥ. Наложеннай төлөбүрүнэн да албыннатыахха сөп. Табаар оннугар почтанан бөҕү-саҕы ыыталлара кытта баар.
Илэ хараххытынан көрөн, төлөөн ыларгыт ордук диэн полицияҕа сүбэлииллэр. Сайт офиһын аадырыһа биллэрэ, интэриниэт маҕаһыын олорор сиргитигэр офистаах буолара ордук. Интэриниэтинэн атыылаһаргытыгар хамнаскыт түһэр каартатын туһанымаҥ, туспа каарта арынан туттуҥ. Билигин cashback эбэтэр travel бонус түһэр каартатын ханнык баҕарар бааҥҥа оҥорторуохха сөп. Атыылаһыаххыт иннинэ эрэ ол каартаҕа харчы ыытар гына дьаһаныҥ.
Авиа уонна тимир суол билиэттэрин каассалартан атыыласпыт эбэтэр чуолкай сайтарын билэр буоллаххытына эрэ интэриниэтинэн ылбыт ордук.
Каартаттан харчыны хайдах уоралларый?
Сүрүннээн маннык албастары тутталлар:
Эрийэллэр, смс ыыталлар – баан үлэһиттэрэ эбэтэр судаарыстыбаннай уорганнар бэрэстэбиитэллэрэ буолан кубулуналлар. Сиэртибэлэр бэйэлэрэ каарталарын нүөмэрин, паролларын этэн биэрэллэр (холобур, Сбербанк-онлайн паролун эппиккитин билбэккэ да хаалыаххыт). Оттон массыанньыктар харчыгытын каартаттан түргэн үлүгэрдик устан ылаллар.
Каартаҕытын уоран эбэтэр булан ылан баран маҕаһыыннартан атыылаһаллар. Маны таһынан массыанньыктар үксүн эрийэн: “Баан куттала суох буолуутун сулууспатыттан эрийэбит, эн каартаҕыттан төлөбүрдэр баран эрэллэр, ону бопсорго нүөмэрин уонна куодун эт”, – диэн ууга-уокка түһэрэллэр. Бэл, банкомакка баран парольгун уларытарга кытта модьуйуохтарын сөп.
Эбэтэр: “СМС кэлбэт буолбут, тус кабинеккын алдьаппыттар, онон смс ыытарга каартаҥ кэннигэр баар куоду ыыт”, – дииллэр.
Статистика көрдөрөрүнэн, массыанньыктар урут албыннаабыт дьонноругар хайаан да хат эрийэллэр. Полиция үлэһитэ буолан кубулунан, харчыны төнүннэрэргэ көмөлөһүөх буолан, эмиэ тус дааннайдары түөкэйдээн ылаллар. Онуоха бу киһи иккиһин отоойкоҕо олорор.
Оҕоҥ, аймаҕыҥ полицияҕа тутуллубутун, иэдээҥҥэ түбэспитин туһунан сымыйа смс көмөтүнэн албыннатыы билигин да аҕыйаабат. Чугас киһигитин иэдээнтэн быыһыыр сыаллаах туохха баҕарар киирэн биэриэххитин сөп.
Эбэтэр эн нүөмэргэр, каартаҕар сыыһа харчы барбытын туһунан этэллэр. Төннөрөргө тугу гынаргын ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Харчы чахчы кимтэн эрэ кэлэн түспүт буолуон сөп. Оттон төннөрөргө көрдөһөөччү номнуо массыанньык буолар.
Массыанньыктааһын бары көрүҥүн суруйар хаһыат кээмэйигэр баппат. Холобур, бу кэлиҥҥи кэмҥэ пандемиянан хааччахтар кэмнэригэр элбэх социальнай көмө көрүлүннэ, онон туһанан массыанньыктар “Госуслуги” портал куоппуйатын туһанар буоллулар. Ханнык эмэ “төлөбүр ыытаары” СНИЛС-кыт уонна каартаҕыт нүөмэрин көрдөөн өйгүтүн бутуйуохтарын сөп. Маны тэҥэ 900 нүөмэртэн “Сбербантан эрийдибит” диэхтэрин эмиэ сөп.
Харчыгытын харыстааҥ
Бастатан туран, эрийэр дьоҥҥо барытыгар итэҕэйэн иһимэҥ. Эрийэр дьон модьуйуутунан мобильнай бааҥҥа тугу да баттаамаҥ. Көрсүһүүгэ ыҥырдахтарына барымаҥ. Бэйэҕит баан нүөмэрин булан сөптөөх информацияны чуолкайдаһыҥ. Гражданскай кодекс 210 ыст. олоҕуран, гражданин бэйэтин баайын-дуолун харыстыырга эппиэтинэһи сүгэр, ол аата каартатын дааннайын эппэт бырааптаах.
Каарта пин-куода уонна CVC-куода, ону тэҥэ смс иһитиннэриилэр – гражданин бас билиитэ, туора дьоҥҥо этиллиэ суохтаах.
Түргэнник байыы-тайыы, дохуоту үксэтии балаһааккаларыгар массыанньыктааһын элбэх. Улахан барыстаах биржаҕа харчы угуу пирамида буолан тахсыан сөп. Инвестициянан дьарыктаныаххытын баҕарар буоллаххытына, көнөтүнэн бааҥҥа тиийэн дуогабар түһэрсиҥ.
Куолаһыттан таайыахха сөп дуо?
Массыанньыгы куолаһыттан хаһан даҕаны билиэ суоххут. Кэпсэтэригэр кини өрүү элэккэй, бэйэтигэр эрэллээх, грамотнай саҥалаах-иҥэлээх, киһиэхэ эрэли үөскэтэр буолуоҕа.
Болҕойуҥ! Үлэтэ суох чугас дьоҥҥутугар саарбах биллэриилэринэн үлэҕэ киирбэттэригэр сүбэлээҥ. Наркотигы тарҕатыыга кыттыһыннарыахтарын сөп. Дьоҕус малы илдьэн биэриигэ сөбүлэспит киһи, бэйэтэ билбэтэх да буоллаҕына, буруйу оҥорууга кыттыгастаах буолар уонна толору эппиэтинэскэ тардыллар. 10 сылга диэри хаайыыга да уураахтаныан сөп, наркотигы элбэх кээмэйинэн тарҕатыы иһин 20 сылга диэри хаайыы көрүллэр.
Саарбах үлэҕэ киирэн, быстах харчылаһар кэриэтэ Үлэ биржатыгар учуокка туран, үлэтэ суох босуобуйатын оҥорторон, сокуону кэспэккэ эрэ үлэ көрдөммүт ордук. Эбэтэр “Мой бизнес” киин көмөтүнэн бэйэ дьыалатын саҕалыахха сөп.
Сэрэххитин хаһан да сүтэримэҥ! Бэйэ бэйэҕитин харыстаһыҥ, чугас дьоҥҥутугар болҕомтолоох буолуҥ. Хара санаалаах дьон угаайыларыгар киирэн биэримэҥ!