26.11.2019 | 12:15

СҮҮҺҮНЭН ОҔО “МААМАТА”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Вера Афанасьевна Кутанова-Александрова  “Берегиня” оҕо дьиэтигэр үлэлээбитэ 15 сыл буолла. “Урут оҕолорум “маама”  диэн ыҥыраллара, аны сааһыраммын “эбээ” диир буолбуттар”, - диэн сэмэйдик мичээрдиир «Айыыһыт” рубрикабыт геройа Вера Афанасьевна.

*Бастаан Төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору еабилитациялыыр киин диэн этибит. Дьиэбит Петр Алексеев уулуссатыгар баара, 2002 сыллаахха мин онно үлэлии кэлбитим. Онтон тэрилтэбит Кузьмин уулуссатыгар көһөн, Оҕо дьиэтэ буолбута. Үксүн түүҥҥү ньээҥкэнэн үлэлээбитим, соторутааҕыта күнүскүгэ көстүм. Икки күн үлэлибин, биир күн сынньанабын.

Билигин “Солнышко” кыра оҕолор бөлөхтөрүгэр ньээҥкэлиибин. Бу Можайскай уулуссатыгар турар дьиэбитигэр кыралар “солнышколар” уонна орто бөлөх “радугалар” баарбыт. Улахаттарбыт Кузьмин уулуссатыгар бааллар.

*Оҕолорбун наһаа аһынабын. Сорох оҕо ийэтэ-аҕата көнө суолга туран, бэйэ бодолорун өрө тардынан, былдьаппыт оҕолорун ылан барааччылар. Оччоҕо бары үөрэбит.

Социальнай сулууспалар сорох оҕону быстах кэмҥэ, сорохтору улаатыахтарыгар диэри олордор гына дьаһайаллар. Биһиги оннук үлэҕэ орооспоппут, кырачааннарбытын бүөбэйбиир эбээһинэспитин суобастаахтык толоробут.

*Бэйэм орто үөрэхтээхпин. Киномеханик идэлээх этим, 25 сыл идэбинэн үлэлээбитим. Ньурба улууһун Маарыттан төрүттээхпин. 2000 сыллаахха, оҕолорбун үөрэттэрээри, Дьокуускайга көһөн кэлбиппит. 4 уол, 1 кыыс оҕолоохпун, 12 сиэннээхпин. Оҕолорум бары улаатан, үөрэнэн, үлэһит буоллулар, туһунан ыаллар. Оттон мин үлэтэ суох олох сатаммаппын, үөрэнэн хаалбыппын.

Кыра кыыһым ааҕы кытта олоробун. Оҕолорум бары “ийээ, сынньан” дииллэр, ону кытта сөпсөспөккө бу тура үлэлии сылдьабын.

*“Оҕо дьиэтэ” диибин, нууччалыыта “детдом”. Уруккуттан оннук ааттыыллар, билигин социальнайдарга бас бэринэҕит, реорганизация буолар дииллэр. Билигин үлэлиир усулуобуйабыт тупсаҕай, оҕолорбут хааччыллыылара да үчүгэй диэн уруккуну кытта тэҥнии саныыбын. Урут оҕолорбутугар таҥас-сап тиийээччитэ суох – наар колготка абырахтыырбытын, ол-бу таҥас тобоҕуттан наскы тигэрбитин өйдүүбүн. Онно холоотоххо билигин хааччыллыы үчүгэй. Астара олох үчүгэй, бэйэбит поварбыт наһаа минньигэстик астыыр.

Ол эрэн оҕоҕо хаһан баҕарар төрөппүттэрэ наадалар. Кини “маама” уонна “паапа” диэн тылларынан олоҕун устун сирдэтиниэн баҕарар. Тапталга наадыйар. Ол иһин биһигини үлэһиттэри “маама” диэн ааттыыллар. Быраҕыллыбыт, араас биричиинэнэн дьонуттан тэйитиллэн хаалбыт оҕо кыната сарбыллыбыт чыычаах курдук буолар. Оннук кэбирэх, уйан, көрүүгэ-истиигэ наадыйар.

Урут оҕолору түүннэри-күнүстэри аҕалыахтарын сөп этэ. Билигин оннук буолбатах. Дьиҥэ, төрөппүттэн оҕону наар былдьыы сатаабаттар. Олоххо араас буолар. Улахан дьон айыытыгар-харатыгар оҕо эппиэттиэ суохтаах.

*Араас оҕо кэлэр. Сорохтор бэйэлэрин бэйэлэрэ дьаһанар саастарыгар наадалаахха үөрэммэтэх буолаллар. Холобур, кэмигэр киирэн тахсарга, ньуосканы тутан олорон остуолга аһыырга о.д.а. – барытыгар ньээҥкэлэр үөрэтэбит. Бөлөххө үстүү иитээччи уонна иккилии түүҥҥү ньээҥкэ бааллар. Кыра бөлөхтөргө күнүскү ньээҥкэлэр хайаан да көрүллэллэр. Түүн сүгүн утуйбакка ытыыр оҕолор баар буолаллар, дьэ олору көтөҕө сылдьан ааттыыгын, уоскутаҕын...

Үлэбит чааһа сарсыарда 8-тан киэһээ 8 чааска диэри. Муоста, иһит сууйуутун таһынан, уһуйаантан, оскуолаттан илдьии-аҕалыы барыта киирсэр. Ханнык баҕарар тэрээһиҥҥэ оҕолорбутун арыаллыыбыт, барытыгар тэҥҥэ сылдьыһабыт.

*Наһаа үчүгэйкээн бииргэ төрөөбүт кыргыттар бааллара – иккиэлэр этэ. Ааттарын биллэр биричиинэнэн этиллибэт. Олорбун наһаа ахтабын. Сөп буола-буола көрсөбүт, сонуммутун кэпсэтэбит.

Урукку иитиллээччилэрбин син биир көрсөбүн. Икки өттүттэн үөрэбит, ирэ-хоро кэпсэтэбит. Оҕо дьиэтин оҕолоро улаатан  тахсан бардылар да, иитиллибит сирдэрин умналлар диэн буолбатах. Кэлэ-бара сылдьаллар, сүбэ-ама көрдүүллэр, араас мунаарар боппуруостарын быһаартаран бараллар. Уолаттарбыт аармыйаттан кэллэхтэринэ үөрэн-көтөн аҕай киирэн кэлээччилэр.  Улааппыт оҕолорбут көрсөн махтанааччылар, билигин да үлэлии сылдьарбын билэн сөҕөөччүлэр.

*Оҕолору кытта анал үөрэхтээх психологтар, социальнай педагогтар бэркэ үлэлииллэр. Тапсаллар, санааларын табаллар, олохторун салайан биэрэллэр. Биһиги ньээҥкэлэр күннээҕи кыһалҕаларын быһаарарбыт таһынан, киһи барыта сатыахтаах үөрүйэхтэрин иҥэрэбит.

Сэргэлээх шоссетыгар даачалаахпыт. Оҕолорбут сайын онно куораттан сынньанан кэлэллэр. Даачаҕа көһүөх иннинэ эбэтэр кэнниттэн уоппускаҕа баран кэлэбин. Саастаах киһи сылааргыыр эрээри, наар үлэлии сылдьарга үөрэммит киһи кыайар.

Оҕолорбун үчүгэй эрэ киһи буоллуннар диэн иитэбин, барыларын таптыыбын, барыларыгар дууһам ыалдьар. Бэйэм оҕолорбун үөрэппитим, ииппитим курдук такайабын. Онно туох да уратытта суох. Кып-кыра дьон буоллаҕа дии. Кинилэр истэрэ тот, ыстааннара кураанах буолуон наада. Биһиги тэрилтэбитигэр оҕону подгузникка үөрэтэн кэбиспэппит, наадатын дьаһанар гына үөрэтэбит.

*Оҕону иитэр дьиэҕэ чахчы тулуурдаах, киэҥ көҕүстээх эрэ дьон сатаан үлэлииллэр. Мин бэйэм холку киһи буоламмын абыранабын. Иитээччилэрбитин, дириэктэрбитин, асчыттарбытын, харабынайдарбытын о.д.а. барыларын ытыктыыбын, үтүөнү саҕар идэни талан, таһаарыылаахтык үлэлии сылдьалларын хайҕыыбын, холобур оҥостобун. Салалтабыт үлэбитин мэлдьи өйүүр, туохха наадыйарбытын барытын булан-талан биэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...