05.03.2023 | 09:30

Үс бүк үөрүү

Талыы-талба Тааттаттан тардыылаах Валентина Пинигина-Арылы оҕолорго аналлаах үс кинигэтэ “Дани-Алмас” кыһатыгар быйыл бэчээттэнэн таҕыста.
Үс бүк үөрүү
Ааптар: Светлана Самсонова-Сиибиктэ
Бөлөххө киир

Киирии тылы педагогическай үлэ бэтэрээнэ Колмогорова Акулина Павловна суруйбут, ойууларын Пинигин С.А. оҥорбут. Кинигэ кыра уонна орто саастаах оҕолорго, төрөппүттэргэ, иитээччилэргэ анаммыт.

“Кыыллар уонна үөннэр-көйүүрдэр” диэн хомуурунньук икки тэттик түһүмэхтэн турар. Бастакы түһүмэххэ хара тыа маанылаах кыылларын туһунан оҕо ааҕарыгар сөптөөх, өйдөнүмтүө тылынан суруллубут хоһооннор наарданан киирбиттэр. Ааптар быһыыны-тутууну, дьүһүнү-бодону ойуулаан көрдөрөр дьүһүннүүр туохтуурдары туһанан кыыл уобараһын субу баардыы арыйар. Ол курдук куобах, бөрө, тайах, бүүчээн, туртас, кырынаас, тииҥ хомоҕойдук хоһуйуллубуттар. Ылан көрүөҕүҥ :  

Аччык бөрө улуйар,

Уһун түүнү уҥуордуур,

Утуйбакка айанныыр,

Ас көрдөөн сундулуйар.

(Бөрө)

       Эбэтэр:

Ойуур сиргэ олохтоох

Ойуоккалаан оҕонньор,

Көрөн-истэн чөрбөҥнүүр,

Кулгаахтара чөрөҥнүүр.

(Куобах)

Сахабыт сирин баай хара тыатыгар үгүс элбэх кыыллар төрөөн-ууһаан, тэнийэн эрдэхтэрэ. Олортон сорохторо сэдэхтик көстөр кыыллар. Оҕолор билбэт харамайдарын туһунан хомуурунньуктан ааҕан билиилэрин хаҥатыахтара. Бу олус үчүгэй. Холобур:

Ыт саҕа бэйэтэ

Бөгдьөҕөр быһыылаах,

Көстө сылдьар аһыылаах,

Түргэн сүүрүк атахтаах,

Арыт мэнэх дэнэр,

Биллэр аата бүүчээн.

Мин санаабар, үгүс оҕо бүүчээн диэн кыылы истибэтэх да буолуохтаах. Кинигэттэн ааҕан дьиктиргээн, эбии хасыһан билиэн-көрүөн баҕарыа. Арылы айымньыта оҕо билиитин-көрүүтүн хаҥатарга, тылын саппааһын байытарга туһуламмыта кэрэхсэтэр. Ааптар кыыллар иккис ааттарын тоһоҕолоон ыйбытын сэргээн бэлиэтии көрдүм. Холобур, тайах – лөкөй, бүүчээн – мэнэх, кырынаас – бэлиэлээх.

Биллэрин курдук, дьүһүннүүр уонна тыаһы-ууһу, саҥаны-иҥэни үтүктэр тыллар саха тылын лексикатын биир этигэн араҥата буолар. “Үөннэр-көйүүрдэр” диэн иккис түһүмэххэ:

Күн уотун күлүмэр

Кынаттара дьэҥкэрэ,

Тэмэлдьигэн тэлээрэр,

Эрилийэ бу көрө

Таас харах бөлтөйөр.

(Тэмэлдьигэн)

Балык айаҕа оппоҥнуур,

Саҥата сатаан тахсыбат,

Кини тыла өйдөммөт,

Киһи сатаан истибэт.

(Балык)

Эбэтэр:

Бурҕаат буорбут быыһыттан

Дыыгын дорҕоон иһиллэр,

Дыыгыначчы күпсүйэн

Кыһыл кынат сарайар,

Дьарапалаан кэриэтэ

Өрө көтөн бу тахсар,

Буор аһыҥам сапсына

Бороҥ өҥө күкээрэр. 

(Буор аһыҥа)

Ааптар үөн-көйүүр үчүгэй өрүттэрин эрэ хоһуйбат, сахсырҕа, таракаан курдуктар буортуларын эмиэ арыйан көрдөрөн оҕону ыраастык туттарга, дьаһаллаах буоларга иитэр-үөрэтэр. Холобур: 

Адаар муоһа күөрэҥнэс,

Алтан көхсө күлүмнэс,

Тара-тара таракаан

Тобох аска дьэ аллаах,

Ордук сииккэ баҕалаах,

Сытыгаҥҥа тиксиилээх,

Суксуруйар сырыылаах.

Таракынай таракаан

Хахха сири сөбүлүүр,

Хайаҕаска дьэ куотар,

Сиирэ-халты харбатар,

Саһар-бүгэр, сэрбэнэр.

“Сайын ырыата” хоһооҥҥо аар айылҕа барахсан сүрэҕи сылаанньытар сыта-сымара, илгийэр “чээл тыына”, сайа кууһар ичигэс “үрүмэ салгына” оҕо аймах болҕомтотун тардар. Сайыҥҥы алыптаах муусукаҕа уйдаран оттуун-мастыын, чыычаахтыын туох барыта тэҥҥэ ыллаһарга дылылар. Тыыннааҕымсытыы: 

Аттыгар чуораанчык 

Лыҥкыныы чугдаарбыт,

Ньаассын от солколуу

Суугуна кыттыспыт.

Күөх халлаан ньууругар

Күн күлэн мичээрбит,

Күөрэгэй чыычаахпыт

Дьурулуу битийбит.

Ааптар ийэ айылҕалыын чугастык алтыһан улааппыт буолан, хамсыыр харамайдар дьүһүннэрин-бодолорун, майгыларын-сигилилэрин, олохторун-дьаһахтарын кыраҕытык кэтээн хоһуйар ураты дьоҕура хас биирдии хоһоонугар арылхайдык көстөр. 

 “Көтөрдөр” диэн хомуурунньук оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт дойдутун көтөрдөрүн билэригэр, тулалыыр эйгэтин анааран көрөрүгэр, тылын саппааһын байытарыгар туһуламмыт. Хараххар уу-хонуу, мас көтөрдөрө, тыҥырахтаах көтөр, чыычаахтар көстөн кэлэллэр. Кэҕэ, хоптолор, туруйа, кыталык, чооруос, туллук, улар, суор, хаххан, барабыай, бочугурас, курупааскы, күөрэгэй – бииргэ түмсүбүттэр. 

Валентина Пинигина-Арылы ойуулуур-дьүһүннүүр уус-уран ньыма арааһын хото туһанан кыыллар, үөннэр-көйүүрдэр, көтөрдөр уобарастарын аттыгар бааллар курдук арыйан көрдөрөр. Мин санаабар, итинник хоһуйуу оҕолорго ордук тиийимтиэ.  Холобур, эпитет:

Эрилийбит харахтаах,

Токур-икир тумустаах

Түүҥҥү көтөр түлүрбэх

Хаххан көтөн күпсүйэр. 

(Хаххан)

Эбэтэр:

Тумара дойдулаах, 

Турууктуур куоластаах

Туруйа көтөрүм

Кэрэҕин даҕаны.

(Туруйа)

Тэҥнээһин:

Сыа хаардыы туртаҥнаан

Көтөн кэлэр туллуктар

Далбыт иһин кэрийэн

Доодоруһа сырсаллар.

(Туллук)

Оттон ырыаҕа ылланар, номоххо кэпсэнэр күн айыы маанылаах көтөрүн кыталыгы ааптар уустаан-ураннаан хоһуйбута – кэрэмэн кэрэ көстүү. Кырдьыга, “Кырыымпа кэриэтэ кыҥкынас куоластаах”, дьороҕор атахтаах кыталык кыыл үҥкүүтүн дьоллоох эрэ киһи көрөн-истэн эрдэҕэ! 

Ааптар мас көтөрүн хос аатын, дьүһүнүн-бодотун оҕолорго анаан-минээн, сиһилии быһааран биэрэрэ кэрэхсэтэр:

Чобугурас саҥалаах

Эриэн өҥнөөх бочугурас,

Иккис аата бытыгырас,

Харахтарын тулата

Кыһыл өҥнөөх дьураалаах,

Кууруссаны санатар,

Оройугар тараахтаах. 

(Бочугурас)

Маны сэргэ ааптар хас биирдии көтөр тус уратытын олоххо сыһыаран тоһоҕолоон бэлиэтиир. Ылан көрүөҕүҥ, чооруос чыычааҕы:

Оройугар чөмчөйбүт

Бэргэһэтэ кытархай,

Бороҥ өҥнөөх чооруоспут

Кыһын кыстыыр бу манна.

Кырачаанын көрүмэҥ:

Чуопчаарыйар куоластаах,

Чоҕул сытыы харахтаах,

От-мас сиэмэтэ ыһыктаах,

Өс хоһооно кыттыгастаах,

Чыычаах тумса кээмэйдээх.

Оттон “Быһый атах ыалыкы, биллэр аата курупааскы кыһын кэтэр этэрбэс, кылбаа маҥан истээх сон” буолан туһалыырын хоһоону аахпыт оҕо сөҕө-махтайа ааҕыаҕа дии саныыбын. Манан ааптар көтөр-сүүрэр дьон-сэргэ олоҕор көдьүүһэ эгэлгэ арааһын, киэҥин, дэлэгэйин кыра ааҕааччыга тиэрдэр. 

Бэлиэтээн эттэххэ, айар тыл аҕата А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй оҕолорго анаммыт айымньыларыгар тыа кыылын, көтөр-сүүрэр, үөн-көйүүр, айылҕа көстүүтүн, от-мас тыллыытын туһунан уустаан-ураннаан хоһуйбута. Улуу поэт “Көтөр кэлиитэ” хоһоонугар туллук, хотой, тураах,  туруйа, хаас, көҕөн, кыталык, кыырт, мохсоҕол, чыычаах, кэҕэ, анды тустарынан суруйар. Ылан көрүөҕүҥ:

Туус маҕан хаар

Турар эрдэҕинэ,

Туох ханнык иннинэ

Туттаҕар дьүһүннээх,

Тутум бэйэлээх

Туллуктуура барахсан,

Тустаах суорумньу курдук,

Туналҕаннаах халлаанынан

Туйааран кэлэн,

Тууйуллубут санаабын

Туругурдан туһалаата.

 (Туллук)

 Ылбаҕай ырыаһыттардаах, сүдү олоҥхоһуттардаах Таатта сирэ-уота, саха норуотун талааннаах суруйааччылара үүнэн тахсыбыт эйгэлэрэ айар-суруйар дьоҥҥо күүс-көмө, тирэх буолаллара саарбаҕа суох. Ол курдук, Өксөкүлээх Өлөксөй айымньыта Валентина Пинигина айарыгар-тутарыгар бастыҥ холобур буолар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.

 Оттон “Таабырыннар” диэн үһүс кинигэ оҕо өйүн сытыылыырыгар, толкуйун тобуларыгар, быһаарар дьоҕурун сайыннарарыгар суолтата улахан диэн көрдүм. Таабырын-хоһоон хас биирдии тыла ис номохтоох, таайыытын буларга аналлаах. Хоһоону ааҕарга логическай охсуулаах, тохтобуллаах буолан таайтарар интонация иһиллэр. Таабырыннартан холобурдары ылан көрүөҕүҥ. Хамсыыр-харамайга сыһыаннаах:

Түү мээчик кэриэтэ

Бу туохпут ойуолуур,

Күөх оту кэбийэн

Тур-тар тардыалыыр?

Күн сырал суоһуттан

Тигээччилээн тэйэр,

Тилигирии сүүрэн

Кутуруга хоройор.

Холобур, бу таабырыны кыыл майгытынан-сигилитинэн, дьүһүнүнэн-бодотунан кэбэҕэстик таайыахха сөп:

Албынынан биллибит

Олус өйдөөх, сэрэх кыыл.

Чуорун ааһан сытымсах,

Үөмэр, саһар, сыбдыйар,

Булдун тутан сэмсэнэр.

Ханнык кыылый, оҕолоор?

Окко-маска, үүнээйигэ сыһыаннаах:

Хонууга үүммүт 

Синньигэс атахха

Үрүҥ кыламан,

Араҕас харах.

Таайыҥ эрэ, бу тугуй?

Эбэтэр:

Уоска даҕайаат үрдэххэ

Үрэл гына тарҕанар,

Тыалга аргыый уйдаран

Чэпчэкитик тэлээрэр.

Этиҥ эрэ оҕолоор, 

Бу туохпут эбитий?

Олох сайдыытыгар сыһыаннаах:

Дьиҥнээх зебра да буолбатар

Дьүһүнэ ону санатар,

Күөх өҥү кытары

Кини куруук доҕордуу.

Дьикти-дьиибэ да эбит,

Ким билэр, бу тугуй?

Дьыл кэмигэр сыһыаннаах:

Таммах түһэн чоккуруур,

Толооҥҥо үрүччэ сүүрүгүрэр,

Чыычаах ыллыыр, күн көрөр,

Харалдьыкпыт хараарар.

          Дьыл ханнык кэмэй бу?

Таайыҥ эрэ, оҕолоор.

Хомуурунньукка ордук хамсыыр-харамайга сыһыаннаах таабырыннар хото киирбиттэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Окко-маска, үүнээйигэ, айылҕа көстүүтүгэр, киһиэхэ о.д.а. сыһыаннааҕы ааптар инники өттүгэр эбии киллэрэн, тиэмэтин кэҥэтэн биэриэн сөптөөх диэн көрдүм.

Манна даҕатан эттэххэ, билигин тырымнас тыллардаах, уустук уобарастардаах хоһооннор бассаап ситимигэр дэлэйдилэр, ол эрээри киһи кутун-сүрүн туппаттар, иэйиитин уһугуннарбаттар, кутугунаппаттар. Ардыгар сорох тыллара дэбигис өйдөммөт буолан, нууччалыыттан сатамматах тылбаас курдуктар, көлөттүгэстэр. Өйтөн-сүрэхтэн хаан хабан, буһан-хатан тахсыбатах хоһооннор – тымныылар. 

Оттон Арылы хоһоонноро судургу тылынан дьоһуннааҕы этэр ураты тыыннаахтар. Ис сүрэхтэн тахсар истиҥ иэйии, төрөөбүт дойдуга, айылҕаҕа таптал – уйаҕас лирика. Киһи быһыытынан чараас, уйан куттаах буолан, оҕо өйүн-санаатын, уйулҕатын өйдүүрэ, тылын-өһүн уратыларын үчүгэйдик билэрэ хоһоонунан айымньытыгар дьэҥкэтик көстөр. Онон кыра ааҕааччы төрөөбүт дойду кэрэ айылҕатын, көтөрүн-сүүрэрин туһунан хомуурунньугу сөбүлээн ааҕыаҕа, үгүһү билэн киэн тутта, харыстыы-харыһыйа улаатыаҕа.

Түмүктээн эттэххэ, Валентина Пинигина-Арылы үс кэрэхсэбиллээх хомуурунньугу бэлэмнээн оҕолорго, төрөппүттэргэ, иитээччилэргэ дьоһун бэлэҕи оҥордо. Бу – боччумнаах үлэ түмүгэ, үс бүк үөрүү. Оҕолорго анаан сонун уобарастаах, сэргэх тыыннаах айымньылары суруйуу – кэм ирдэбилэ. Көрөрбүт курдук, олохпут сайдыыта балысхан. Оҕо аймаҕы суотабай төлөпүөнтэн, куйаар ситимин илимиттэн арай үчүгэйкээн айымньы эрэ абылаан ылан ааҕарга угуйуоҕа. Бу хомуурунньугу кинигэ таһаарар кыһа өссө эбии ситэрэн-хоторон, чочуйан элбэх ахсаанынан (үгүөрү тираһынан) таһаарара буоллар көдьүүстээх буолуох этэ. Атыыга даҕаны хамаҕатык барыаҕа диэн сылыктыыбын. Итинник этэн тураммын, Валентина Пинигина-Арылыга айымньылаах үлэтигэр ситиһиилэри, тус олоҕор дьолу-соргуну баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...