27.12.2019 | 10:02

Роза ИВАНОВА: “Тимофей Сметанины үйэтитиигэ олохпун анаатым”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ахсынньы ыйга Дьокуускайга суруйааччы Тимофей Сметанин 100 сыла үрдүк таһымнаахтык бэлиэтэннэ. Тимофей Сметанины үйэтитии туһунан ыалдьыппыт – кыраайы үөрэтээччи, педагог Роза Андреевна Иванованы кытта сэһэргэстибит.

– Мин төрүт уус Кэбээйи олохтооҕобун. Аҕам өттүнэн Сметаниннарбыт –Үөгүлүүр аҕа ууһа. Эһэм Роман Антонович Сметанин аҕам 3 саастааҕар өлбүт. Эһэбиттэн 5 оҕо хаалбыт – 4 уол, 1 кыыс. 5 оҕо бэһиэн туруу үлэһит,  бэйэлэрин кыанар дьон буола үүммүттэр.

Аҕам биир убайа – төрдүс оҕо – Иван Романович Петров Кэбээйи улууһугар бастакы үрдүк үөрэхтээх учуутал (мин аҕам уонна Уйбаан Арамаанабыс маачаха аҕаларын араспаанньатынан Петров буолбуттар. Сир үллэһигэр хаһаайыстыбаннай кинигэҕэ киллэрээри, эбии өлүүлэһээри).

Уйбаан Арамаанабыс 1935 сылтан, 20 сааһыттан учууталлаабыт. 1948 сыллаахха 58-с уонна 59-с ыстатыйаларынан сууттаммыт. Магаданынан Дьааҥы Эһэ Хайатыгар утаарыллыбыт. Дойдутуттан хааһахха симиллэн, тутуллан бараатын кытта, кэргэнэ, 1,5 саастаах кыра кыыһа өлбүттэр. Бииргэ төрөөбүттэриттэн биир убайа эрэ хаалар. 1955 сыллаахха хаайыыттан босхолоннор да, тута учууталлаппакка, дьаамсыктаан почта таспыт, тутууга, араас хара үлэҕэ сылдьыбыт. Онтон дьэ Тыайа нэһилиэгэр 7 кылаастаах оскуолаҕа, онтон дойдутугар Кэбээйигэ киэһээҥҥи оскуолаҕа учууталлаабыт. 1964 сыллаахха Иван Петров толору реабилитацияламмыта. Ол эрээри 70 сааһын ситэ туолбакка 1983 сыллаахха суох буолбута. Кини поэт этэ. Кэбээйилэр гимнэрэ буолбут “Кэрэ кэскил кыраайым”, онтон да элбэх ырыа буолбут хоһоон ааптара.

Иван Петров Тимофейы кытта хос эһэлэрэ бииргэ төрөөн, эт-хаан уруулар. 1933 с. төрдүс кылааһы бииргэ бүтэрэллэр. Доҕорун, быраатын Түмэппий туһунан дириҥ ис хоһоонноох суруйуулара (ахтыы – “Хотугу сулус” сурунаал, 1969 с. 9 №, анабыл хоһоонноро) бу сыллар усталарыгар биһиэхэ үөрэтэр, сирдэтэр ыйынньык курдук туттуллан кэллилэр.

Мин аҕам 1942 сыллаахха Тимофей Сметанины кытта сэриигэ бииргэ ыҥырыллыбыттар. Аҕам эмиэ бааһыран 1944 с. “За боевые заслуги” диэн мэтээллээх төннүбүт, 1952 сыллаахха баара-суоҕа 32 саастааҕар, мин оскуолаҕа киириэм иннинэ, оһолго түбэһэн өлбүтэ. Онон хаайыыга олорор абаҕам икки оҕотун кытта мин ийэбэр бары бииргэ иитиллибиппит.

– Тимофей Сметанины үйэтитиини хаһааҥҥыттан саҕалаабыккыный?

Тимофей Сметанин аатын үйэтитии Кэбээйигэ 1960-1961 үөрэх дьылыттан саҕаламмыта. Уопсайынан Кэбээйи оскуолатыгар кыраайы үөрэтии, оҕолору онно сыһыарыы 1949 сылтан саҕаламмыт, Георгий Петрович Никитин диэн биолог учууталтан. Бастакы пришкольнай учаастагы арыйбыт, айылҕаҕа походтары тэрийбит эмиэ кини. Оччолортон Кэбээйигэ аата да иһиллэ илик баклажан, тыква үүннэрэр буолбуттар.

Биһиги 7-с кылаастан маннык куруһуоктарга баҕаран туран дьарыктаммыппыт. Оччолорго баҕалааҕы барытын ылбаттар, бэйэҕин көрдөрүөххүн наада. 1961 сыллаахха Тимофей Сметаниҥҥа аан бастаан биэчэр тэрийбиппит. Ол саҕана кинини билэр киһи элбэҕэ. “Фронтовик” диэн тыл олох туттуллубата. Сэрии кыттыылаахтара диэн өрө тутуу суоҕа. Тимофей Сметаниҥҥа музейбытыгар муннук тэрийбиппит. Үлэлээбит Калинин аатынан холкуоһугар биир уулуссаҕа аатын иҥэрбиппит. 1961-62 үөрэх сылыгар “Тимофей Сметанин паартата” тэриллибитэ. Пионерскай дружинабытыгар Т. Сметанин аатын иҥэрбиттэрэ. Бүгүҥҥү харахпынан көрдөхпүнэ, кини аатын үйэтитии ити кэмтэн саҕаламмыт.

ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭ ЛООКУУТТАРА УОННА НЬУРГУҺУННАРА

– “Лоокуут уонна Ньургуһун” историята киэҥ. Аан бастаан биһиги улууспутугар 1952 сыллаахха туруоруллубут. Кэбээйи бастакы Ньургуһуна – Мария Ильинична Левина диэн култуура үлэһитэ, кэлин 1955 с. пединституту бүтэрэн нуучча тылын, литературатын учуутала этэ, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна. Кини Лоокуута – Иосиф Николаевич Корнилов. Бүлүү Педучилищетын кэнниттэн Тыайаҕа анаммыт учуутал, 1952 с. комсомол райкомун I сэкирэтээрэ, кэбээйилэр күтүөппүт. Сурукка киирбиитинэн, кинилэр бастакылар. Онтон 1956 сыллаахха Кэбээйи Калинин аатынан холкуоһун ыччаттара «Лоокуут уонна Ньургуһун» айымньынан испэктээкил туруорбуттар. Режиссердара – Евдокия Дмитриевна Сметанина, Культпросвет оскуолатын бүтэрбит кыыс. Ньургуһун – Мария Капитоновна Левина, бастыҥ ыанньыксыт. Лоокуут – Михаил Дмитириевич Кобяков, бастакы механизатор.

1966 сыл бүтүүтүгэр Кэбээйигэ Култуура дьиэтин дириэктэринэн Филипп Дмитриевич Сметанин анаммыт. Кини 1967 сыл Сэбиэскэй былаас 50 сыллаах үбүлүөйүн көрсө “Лоокуут уонна Ньургуһун” айымньыны туруорбута. Мин ону көрбүтүм. Ньургуһун оруолун Анастасия Петровна, Лоокууту Николай Харитонович Лугиновтар, эдэр ыаллар, толорбуттара. Анастасия Петровна бэйэтэ Кэбээйи буолбатах, Чурапчыга төрөөбүт, оҕо сааһа Дьокуускайга уонна Томпоҕо ааспыт. Ол кэнниттэн Анастасияны тута “Кэбээйи Ньургуһуна” диэн ааттаабыттара. Филипп Дмитриевич 1969 сыллаахха “Лоокууту уонна Ньургуһуну” иккистээн туруорар. Онно эмиэ бу Анастасия Петровна Лугинова оонньообут. Лоокууту атын уол оонньообут – аармыйаттан саҥа кэлбит, сибээс хонтуоратыгар мотористыы сылдьар Николай Степанович Кобяков. Николай Степанович билигин Арассыыйа суолун оҥоһуутун үтүөлээх үлэһитэ, Дьокуускайга олорор.

Ити драмкуруһуок үүнэн-сайдан, норуодунай театр аатын ыларга үлэлэһэр. Ол ааты 1973 сылаахха көмүскээбиттэр. Өрөспүүбүлүкэ хамыыһыйата тиийбитигэр эмиэ “Лоокууту уонна Ньургуһуну” туруорбуттар. Бу сыллааҕы Ньургуһун – Анастасия Федоровна Левина диэн. Кэбээйи олохтоох кыыһа, алын кылаас учуутала. Кини Лоокуутунан Прокопий Петрович Павлов диэн эдэр уол буолбут. Прокопий Павлов дьиэ кэргэннээх эдэр киһи, үөрэҕинэн муусука уонна уруһуй учуутала. Ньидьилигэ, Кэбээйигэ үлэлээбитэ. Бу 1973 сылга Кэбээйи сопхуос комсомольскай тэрилтэтин сэкирэтээрэ эбит. Кинилэр оонньооһуннара күн бүгүнүгэр диэри ахтыллар. Маны сэргэ 1959 сыллаахха Грант Григорян муусука суруйан, Саха музыкальнай драматическай театрыгар “Лоокуут уонна Ньургуһун” бастакы опера турбут. Онно Ньургуһун партиятын Марфа Ивановна Васильева ыллаабыт. Ол аата драмаҕа бастакы Ньургуһуммут – Ирина Михайловна Максимова. Оттон операҕа – Марфа Ивановна Васильева. Киниттэн саҕалаан ити партия элбэхтик ылланна: Ая Яковлева, Мария Николаева, оттон Анегина Ильина атын партияларын ыллаабыт. Ит курдук биһиги Тимофей Сметаниммыт “Лоокуута уонна Ньургуһуна” икки хайысханан барбыт: драмаҕа уонна операҕа.

– Билигин да туруоруллар, көрөөччү кутун туппут драма...

– Оннук. Холобура, 2001 сыллаахха Саха театра “Лоокууту уонна Ньургуһуну” туруорбута, сүрүн оруолларга Айаал Аммосов уонна Ирина Никифорова этилэр. Ыам ыйа этэ, оруобуна манна Дьокуускайга баар буолан тиийэн көрбүтүм. Сүтэрбиппин көрсөр курдук өр күүппүтүм, долгуйбутум. Чиэһинэ эттэххэ, урут, дойдубар, көрбүт туруорууларбыттан мыына санаабытым. Саха театра 2004 сыллаахха ити туруорууну Кэбээйигэ көрдөрөн үөрдүбүтэ-көтүппүтэ.

Кэбээйигэ бүгүҥҥү Лоокуут – Клим Эверстов диэн. Кини театрбыт бастакы режиссера Ф.Д. Сметанин сиэн быраата. Ол аата бу оҕо бэйэтэ үөрэппитинэн Лоокууттуу сылдьыбат, киниэхэ бу оруола геныгар сурулла сылдьар курдук саныыбын. Этэн аһарбыт Анастасия, Николай Лугиновтар төрөппүт сиэннэрэ – Саха театрын билиҥҥи кэскиллээх артыыһа Айсен Лугинов. Мин ити икки оҕону истэригэр-хааннарыгар «Лоокуут уонна Ньургуһун” баар диибин. Нууччалыы эттэххэ, “генное наследство”.

ҮЙЭТИТИИ – ЫТЫК ИЭСПИТ

– Бу сыллар тухары Тимофей Сметанин төрөөбүтэ төгүрүк сылларын бэлиэтээн иһэбит. 50 сааһынан Кэбээйигэ Эллэй, Суорун Омоллоон, Күннүк Уурастыырап кэлэн, тэрээһини суолталаабыттар. Кинилэри сэргэ саха бастыҥ артыыстара кэлэн, ис хоһоонноох тэрээһин буолбута. М.И. Васильева онно ариятын ыллаан иһитиннэрбитэ.

1979 сылаахха 60 сааһын туолуутун ылбатахпыт. Ол саҕана Сангаарга салалтаҕа үксэ нууччатымсыйбыт дьон этэ. Онтон 1989 сыллаахха 70 сааһын киэҥник бэлиэтээбиппит, өрөспүүбүлүкэ бастакы Ньургуһунун И.М. Максимованы ыҥыран, бенефис туруоруллубута. Ону барытын Валентина Георгиевна Кардашевская диэн олус талааннаах суруналыыс тэрийэн ыыппыта. Кини аҕата Георгий Кардашевскай университет саха тылын профессора. Ити Сангаарга национальнай концепция саҥа киирэн эрэр кэмэ этэ, олох нуучча тыллаах дойдуга Валентина Кардашевскайа салайааччылаах “Сэргэ” диэн сахалыы музыкальнай-литературнай кулууп тэриммиппит.

2004 с. Түмэппий 85 сааһыгар Хаҥалас улууһа ыҥырыллыбыта. Тоҕо диэтэххэ Хаҥалас – Т. Сметанин иккис дойдута. Хаҥалас кыыһын ойох ылар, соҕотох оҕото онно күн сирин көрөр, бэйэтин көмүс уҥуоҕа онно хаалар. “Егор Чээрин” Хаҥалас сиригэр суруллар, суруналыыс быһыытынан улахан уочаркалара онно тахсаллар. Ол саҕана хаҥаластар баһылыктара Анатолий Добрянцев, Павел Харитонов-Ойукуну тиийбиттэрэ. Тоҥ нуучча А.А. Добрянцев уу сахалыы наһаа истиҥник: “Тимофей Сметанин олорбут, үлэлээбит сириттэн эҕэрдэ”,- диэн  тыл эппитигэр ытыс тыаһа хабылла түстэ, былааһы ылла. “Эһиги Тимофей Сметаниҥҥыт биһиги Кыһыл Үрүйэбит красавицатын кэргэн ылбыта”, – диэн этэн кэбистэ. Биһиги, сахалар, атын омук сахалыы саҥардаҕына тута ууллабыт, долгуйабыт. Ол сиэринэн кэбээйилэр барахсаттар дьоллонуу бөҕө.

ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

– Билигин толкуйдаан, сыаналаан көрдөхпүнэ, бачча сааспар диэри  Тимофей Сметанины олоҕум аргыһа гына сылдьар эбиппин. 1993 с. П.А. Ойуунускай Кэбээйини кытта ситимин үөрэтэн ахан кэллибит. Бастакы Чөркөөххө сырыыбыт ити сайын ыытыллыбыта, 7 оскуола оҕолоро кыттыылаах. Кини аата биһигини кытта ситимэ бастакы пионерскай этэрээттэртэн саҕаламмыта. Т.Е. Сметанин “Былатыан суолунан бардарбыан” хоһооно, И.Р. Петров хаайыллыытын төрдө-төбөтө барыта Ойуунускайдыын сибээстээх.

2003 сылтан “көрдүүр-чинчийэр” диэн хайысханы тутуһан үлэлиибит. Куокуйга учууталлыы сылдьыбытым. Үөрэппит оҕолорум бэйэлэрэ учууталлар. Ол оҕолорбун тирэх оҥостон үлэ бара турар.

2008 сыллаахтан наар экспедиция айдаана буолбуппут. Онно кэнсиэпсийэ оҥоһуллар наадата тахсыбыта. Ол иһин “Ситим” – айан педагогиката” бырайыак оҥорон (ааптардар Куокуй оскуолатын учууталлара, Н.А. Лугинов аатынан литературнай музей салайааччылара С.Н. Унарова, В.М. Игнатьева), 2010 с. Бүлүүгэ ыытыллыбыт сайыҥҥы педярмаркаҕа көмүскээбиппит. Бырайыакпытын оҥорорбутугар сүбэһиттэринэн Е.М. Поликарпова, п.н.д., К.Д. Уткин, ф.н.д., академик уонна В.Р. Шишигина, Үөрэх сайдыытын уонна квалификациятын үрдэтэр институт доцена буолбуттара. Бырайыак сүнньэ: саха саарыннара киһи буолбут эйгэлэрин үөрэтии, ол эйгэҕэ алтыһыннаран оҕо бэйэтин булунар, сайыннарар кыаҕын үөскэтии. Ыраах сырыылар, айаннар оҕо уйулҕатын уһугуннараллар, кэллэктиипкэ сылдьыы, алтыһыы, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү тыыныгар уһуйуллаллар уонна “Биһиги кэбээйилэрбит” диэн сананыылара күүһүрэр.

Оскуола оҕолоро учууталларын кытта суруйааччылары ситимниир сирдэринэн сылдьаллар. Холобур, Т.Е. Сметанин учуутала ким этэй диэн үөрэтэн, Биилини булбуппут. Биилины билэр ким эмит баар дуо диэн, Сэмэн Тумакка тахсыбыппыт. Биилин кыргыттарын булан биэрдэ. Ньургустаананы, Харыйаананы буламмыт, 2009 сылга Чурапчыга айаннаан тиийэн билсистибит. Кинилэр аҕаларын туһунан булбут информациябытын, оҕолорбут суруйбут дакылааттарын илдьэн туттардыбыт. Ол түмүгэр Тимофей Сметанин айылҕаттан анаммыт талаанын уһугуннарбыт киһинэн учуутал Г.И. Егоров-Биилин буолуон сөп диэн түмүккэ кэлбиппит. Кини 1932 сыллаахха Тимофей 4 кылааска үөрэнэр сылыгар биир сыл кэлэн учууталлаабыт. “Сардаҥа” диэн бастакы литературнай хаһыат-сурунаалы таһаартарбыт. Онно Тимофей бастакы хоһоонноро тахсаллар. Аны Тимофей оһуобай уруһуйдьут буолан, онно уруһуйдуур эбит.

Уопсайынан даҕаны биһиги Түмэппийбитин оччотооҕу суруйааччылар бары даҕаны сөбүлүүр эбиттэр. Бырааттыы Даниловтар сөбүлээбиттэрэ, доҕордоспуттар диэн, 2008 с. Мытаахха баран кэлбиппит. Тимофей Сметанины кытта өссө ким алтыспытай диэн чинчийэн, Даадарга таҕыстыбыт. 2011 сыллаахха Даадар 100 сылын бэлиэтээбиппит. Томполортон кинини билэр дьону, бииргэ төрөөбүт балтын, Горнайтан кийиитин, үөрэппит үөрэнээччилэрин ыҥыртаан П.А. Ойуунускай мусуойугар тэрээһин ыыппыппыт.

2012 сылтан “Чурапчы уонна Кэбээйи литературнай сибээстэрэ” тиэмэни үөрэтэн, Кэбээйибит биир талааннааҕа поэт, прозаик, драматург И.Н. Левин айар үлэтигэр анаммыт айаммыт Чурапчы Алаҕарыгар тиэрдибитэ, таарыччы Биилиммитигэр наадалаах эбии матырыйааллары хомуйса.

Бу көрдөөһүн – чинчийии үлэтигэр Кэбээйи оскуолатын “Нуклеус” научнай уопсастыбата (сал. Вера Николаевна Заровняева,биология, химия учуутала) тута кыттыспыта, Куокуйунан, Таас Тумуһунан уонна кэнники экспедицияларга эколого-литературнай хайысхалаах араас көрдөөһүннэри, чинчийиилэри ыытан кэллэ. Маны сэргэ Сииттэ, Мукучу, Тыайа нэһилиэктэрэ ирдэбил таһымыгар толору эппиэттэһэн эдэрдиин кырдьаҕастыын турунан үлэлииллэр.

– Ол ылыммыккытын ыһыкта иликкит?

  • Билиҥҥээҥҥэ диэри ыһыктыбакка баран иһэбит. 2004 сыллаахха “Сирдээҕи дьолу билэбин...” кинигэ таһаарбыппыт. Ахтыы буолбатах, барыта дөкүмүөннэринэн. Ахтыылары бастакы миэстэҕэ туруорбаппын. Тоҕо диэтэххэ, холобур, биир түгэни 3 киһи атын-атыннык кэпсиэн сөп. Ахтыыны көмө матырыйаал эрэ оҥостобун. Били кэпсээбит бэйэбит оҥорбут “Кыһыл кинигэлэрбитин” саныыбын. Биирдэ музейбыт аһаҕас күнүн бэлэмнии сылдьан “Кыһыл кинигэҕэ” киирбит ахтыыга сыыһаны булан ыллым. Учууталбар талыгыратан илтим, көннөрүөххэ, сыыһа буллум диэн. Учууталым кытаанах баҕайытык: “Тыытыллыбат, бу историческай дөкүмүөн!” – диэтэ. Бу түгэни умнубаппын. Дьонтон ахтыы ыларбар кэпсээбит киһим сөбүлэҥин ылабын. Тыыннаах буочар дөссө ордук, бу бэйэтэ туспа устуоруйа. Бэчээттээбит илииспэр ахтыы биэрбит киһи “сөбүлэһэбин” диэн илии баттыахтаах. Билигин ахтыыны наһаа уларытан, араастаан тупсаран суруйаллар – ити кутталлаах.

ИННИКИ БЫЛААННАР

Нэһилиэктэринэн көрдөөһүн-чинчийии кииннэрэ – оскуолалар. Бу үлэлэр учууталлар туруулаах үлэлэринэн олоххо киирэр. Кэбээйиттэн тахсыбыт суруйааччыларбытын, айар талааннаахтарбытын болҕомто киинигэр илдьэ сылдьар соруктаахпыт, онон хаһан да тохтотуллубат үлэ бара турар.

2018 с. Н.А. Лугунаппыт 70 сааһыгар “Н.А. Лугинов айымньыларыгар тирэҕирэн уол оҕону саха эр киһитин сиэринэн иитии” тиэмэҕэ анал кэмпириэнсийэ төрөөбүт Тыайатыгар тэриллибитэ. 1956 с. айылҕа гааһа төлө көппүт Таас Тумус – ытык сиргэ бүтүн мемориальнай комплекс 2011 сылтан арыллан үлэлии турар. Бу 1965 с. саҕалаан быраҕыллыбыт сир. Манна 1942 с. төрүттэммит Кэбээйи балык собуотун, 1936 с. республика хара саһылы иитэр бастакы ферматын, чурапчылар уонна Ленинградскай уобаластан күүс өттүнэн көһөрүллүбүт финнэр, литовецтэр, немецтэр устуоруйалара, бастакы газовиктарга анаммыт тутуулар таһынан В.Н. Федоровка анаммыт Айар дьиэ, Н.А. Лугинов “Таас Тумус” сэһэнигэр анаммыт – саха балаҕана, эбээн суруйааччыларын – чуоралара тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ.

Быйыл Т.Е. Сметанинна ананар “Бу Лена” айымньытыттан саҕаланар “Таас Тумус литературнай аллеята” оҥоһулла турар. Бу үлэлэргэ бюджет харчыта ороскуоттаммакка кэллэ.

Сметаниммыт аата-суола, айымньылара бүтүн өрөспүүбүлүкэ таһымынан дуораһыйар. Онон биһиги, кэбээйилэр, таатталарбытыгар, ньурбаларбытыгар, сунтаардарбытыгар боростуой тылынан кыайан этиллибэт махталбытын тиэрдэбит. Эһиги Түмэппий Сметаниҥҥа сүгүрүйүүгүт, кини аатын үйэтитиигит кэлэр кэм ыччаттарынан уон төгүл сыаналаныа, санатылла туруо. Холобура, бу буолан ааспыт научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ 300 киһи кыттыбытыттан атын улуустартан уонна Дьокуускай куораттан – 111. Бу олус улахан көрдөрүү.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....