Роспотребнадзор оҕолорго туһаайан
Алтынньы 26 күнүттэн Дьокуускайга уонна кэккэ улуустарга оскуола үөрэнээччилэригэр икки нэдиэлэ устата каникул биллэриллэр.
Саха сиринээҕи Роспотребнадзор управлениета үөрэнээччилэр төрөппүттэригэр уонна үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр туһаайан, дьиэҕэ олороллоругар, нэһилиэнньэлээх пуунтан, өрөспүүбүлүкэттэн тахсыбаттарыгар ыҥырар. Аралдьыйар сыаллаах эргиэн кииннэригэр, кинотеатрдарга уонна балаһааккаларга сылдьар, уопсастыбаннай тырааныспарынан айанныыр, хампаанньанан мустар көҥүллэммэт.
Дьиэҕэ атын туһалааҕынан дьарыктаныахха сөп: үөрэтиллибит матырыйаалы хатылааһын, интернет ситимин, кинигэ нөҥүө элбэх саҥаны билиэххэ сөп, төрөппүттэри, бииргэ төрөөбүттэри кытта оонньуохха, төрөппүттэргэ дьиэ үлэтигэр көмөлөһүөххэ, киинэ көрүөххэ, дьиэ кыылларын көрүөххэ-харайыахха сөп.
COVID-19 ыарыы оҕолорго биллибэккэ ааһыан сөп; вирус дьиэҕэ биллибэтинэн кэлсиэн, улахан, эбэтэр саастаах дьону түргэнник ыарытыннарыан сөп. Таһырдьа тахсарга маасканы кэтэн, дьонтон тэйиччи сылдьары умнумаҥ, чэнчистик туттуҥ.
Ыарыы бастакы сибикитэ билиннэҕинэ (сөтөл, температура тахсыыта, мурун бүөлэниитэ, сыты ылбат буолуу) бырааһы дьиэҕэ ыҥырыллар, быраас анаабыт эминэн эрэ эмтэниллэр!
Каникулу ыарыы көрдөрүүтүн намтатарга уонна бэйэҕит уонна чугас дьоҥҥут доруобуйатын харыстыырга туһанаргытыгар ыҥырабыт. Самоизоляция эрэһиимин тутуһуу билигин олус наадалаах, онон каникул күннэрин дьиэҕэ атаараргыт ордук.