РОСДОРНИИ экспертэрэ киин куорат суолларын бэрэбиэркэлээтилэр
Владимир Кудашев салайааччылаах РОСДОРНИИ Уһук Илиҥҥи филиалын экспертэрэ Дьокуускай куоракка кэлэн «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар суол өрөмүөнүн хаачыстыбатын бэрэбиэркэлээтилэр.
Суол өрөмүөнүн кэтээн көрүү кэккэ түһүмэхтэринэн барар: бэлэмнэнии, саҕалааһын, үлэ бэйэтэ уонна түмүгү тутуу (приемка работы).
Бэс ыйын 25 күнүгэр федеральнай экспертэр «Главстрой» МХТ специалистарын кытта куорат таһынааҕы Хатас сэлиэнньэтигэр сылдьан Каландаришвили уулуссатыгар ыытылла турар суол өрөмүөнүн көрдүлэр, хаачыстыбатын бэрэбиэркэлээтилэр.
«Главстрой» суол тутуутугар салаатын кылаабынай специалиһа Павел Сидоров үлэ хаамыытын билиһиннэрдэ. «Эбийиэк аата «Хатас сэлиэнньэтин Каландаришвили уулуссатын өрөмүөнэ» диэн. Учаастак уһуна 1 км. 350 м. Куонкурус түмүгүнэн бэдэрээччик тэрилтэнэн «РИК Автодор» АУо буолбута. Бэдэрээччик үлэтин ыам ыйыттан саҕалаабыта. Суол аспаалбетонунан бүрүйүү үлэтэ бүттэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ бытархай үлэ хаалла – оптуобус «хармааннарын», суол кытыытын оҥоруу, суол бэлиэлэрин туруоруу, суол бэлиэтээһинин (разметкатын) оҥоруу хаалла. Муниципальнай хантыраак былаанын быһыытынан бу учаастак өрөмүөнэ алтынньы ый бүтэһигэр түмүктэниэхтээх этэ. Ол эрэн үлэ хаамыыта графиктан уруттаан иһэр. Ол иһин от ыйын саҕаланыыта үлэни түмүктүүр былааннаахпыт», - диэн кэпсээтэ «Главстрой» МХТ суол тутуутугар салаатын кылаабынай специалиһа Павел Сидоров. Өрөмүөн барар учаастагар сиринэн гаас, уот, уу ситимэ ааспат буолан үлэ тэтимэ түргэнин, ол иһин графиктан инникилээһин баарын быһаардылар.
Суол кытыытыгар үлэлии сылдьар суол оробуочайдарыгар чугаһаан уолаттар ааттарын-суолларын, туох үлэни оҥорор сылдьалларын туоһуластыбыт. Аймахтыы Николай уонна Алексей Гаврильевтар – «РИК Автодор» АУо үлэһиттэрэ. Оптуобус тохтуур сиригэр бордюр уонна күрүө оҥоро сылдьаллар эбит.
РОСДОРНИИ Уһук Илиҥҥи филиалын дириэктэрэ Владимир Кудашев бэрэбиэркэ бастакы түһүмэҕинэн үлэ түмүгэ үчүгэйин бэлиэтээтэ: «РОСДОРНИИ бэйэтэ Москва куоракка баар, 12 филиаллаах. Олортон биирдэстэринэн биһиги буолабыт. Биһиги уопсайа уон регион үлэтин хонтуруоллуубут. Саха сиригэр бу кэмҥэ биһигини кытта суол диагностикатыгар икки биригээдэ үлэлээтэ. Биирэ билигин Ленскэйгэ баар, иккиһэ үлэлээн бүтэн салгыы Магадаҥҥа барда. Эһиэхэ быйыл сэттэ эбийиэги хонтуруоллуубут – үс региональнай уонна түөрт куорат иһинээҕи суоллары. Бастакы түһүмэҕинэн биһиги суол өрөмүөнүгэр ирдэнэр туох баар наадалаах докумуоннары – хантыраак түһэриллибитин уонна төһө сөпкө толоруллубутун, тутуу матырыйааллара төһө бэлэмнэрин, бэдэрээччик өттүттэн аспаалбетон оҥорор собуоттар үлэлэрин көрдүбүт-иһиттибит. Бэрэбиэркэ бастакы түһүмэҕэ докумуоннар бары ирдэбиллэргэ эппиэттииллэрин, үлэ сөптөөхтүк саҕаланан эрэрин көрдөрдө. Кыра сыыһа-халты баар, ону эттэхпитинэ тута көннөрөллөр. Ол сүнньүнэн суол оҥоруутугар буолбакка, үлэ кэмигэр суолга сэрэхтээх буоларга сыһыаннаах. Түмүккэ Саха сирэ бэлэмнэнии уонна суол оҥоруутугар үлэ өттүнэн бүгүҥҥү күннээҕи туругунан региоҥҥа бастыҥнар ахсааннарыгар эрэллээхтик киирэр диэн тоһоҕолоон этиэхпин баҕарабын», - диэтэ Владимир Витальевич. Кини инертнай матырыйааллар боруобаларын ылбыттарын уонна Хабаровскайга илдьэн, лабораторияҕа чинчийэн хаачыстыбатын бэрэбиэркэлииллэрин туһунан эбэн эттэ.
Аспаалбетонунан бүрүллүбүт суолу устатын-туоратын РОСДОРНИИ Уһук Илиҥҥи филиалын сүрүннүүр специалиһа Константин Власов суол хаачыстыбатын бэрэбиэркэлээн кээмэйдээтэ. Кини этэринэн, судаарыстыбаннай стандаарт быһыытынан, аспаалбетон бүрүөһүнүн уонна линейка аллараа өттүн икки ардыларыгар 5 сиринэн хайаҕас 5 мм ордук буолуо суохтаах эбит. Кээмэйдээһин түмүгүнэн, Хатас сэлиэнньэтин Каландаришвили уулуссатын өрөмүөнэ стандаарка сөп түбэһэр, аспаалбетон көнөтүк ууруллубут диэн түмүктээтэ Константин Юрьевич.
Бу суол учаастагын өрөмүөнүн бэрэбиэркэтин түмүгүнэн РОСДОРНИИ Уһук Илиҥҥи филиалын хаачыстыба аудитыгар салаатын кылаабынай специалиһа Алексей Капитулины кэпсии түһэригэр көрдөстүбүт. Кини суол үрдүк хаачыстыбалаахтык оҥоһуллубутун бэлиэтээтэ.
«Суол өрөмүөнүн итэҕэстэрэ олох кыра, оннук улахан, харахха быраҕыллар суох да диэххэ сөп. Сүнньүнэн учаастак оҥоһуута нуормаҕа толору эппиэттиир. Сакаасчык «Главстрой» МХТ уонна куораты тутууга уонна тырааныспарга Департамент бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуоннарын уонна хантыраактарын хаачыстыбалаахтык оҥорбуттарын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Дьокуускайга биһиги аспаалбетон оҥорор собуоттаргы сырыттыбыт, толору бэлэмнээхтэрин көрдүбүт. Аныгы сырыыбытыгар технологическай үлэ сорох көрүҥнэрэ хайдах баран иһэллэрин бэрэбиэркэлиэхпит. Биһиги тэрилтэбит экспертэрэ эбийиэк үлэҕэ киириэр диэри хонтуруолга илдьэ сылдьаллар», - диэтэ Алексей Капитулин.
2021 сылга Дьокуускай куорат территориятыгар тутуу, саҥалыы уларытан оҥоруу, капитальнай уонна суол өрөмүөннэрин былааннарыгар уопсайа 58 км. усталаах 44 эбийиэк киирбитэ. Онтон быстах 8 уулуссата уоннуу км. усталаах. «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн уулусса-суол ситимин оҥоһуутугар быйылгы сылга 2,2 млрд. солкуобай бүдьдьүөттэн көрүллүбүт.