24.10.2023 | 14:30

Роман Дмитриев кытылын тупсаран оҥоруу 2024 сыл бэс ыйыгар диэри түмүктэниэҕэ

Роман Дмитриев кытылын тупсаран оҥоруу 2024 сыл бэс ыйыгар диэри түмүктэниэҕэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга Евгений Григорьев Роман Дмитриев кытылын тупсаран оҥорууну «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуу иннинэ, 2024 сыл бэс ыйыгар диэри түмүктүүргэ сорудахтаата диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Куорат баһылыга ыыппыт көһө сылдьар мунньаҕар Олохтоох дьаһалта тутууга структурнай салаалара,  бэдэрээтчит «Кинг-95» ХЭТ бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

«Главстрой» МХТ дириэктэрэ Алексей Варламов бэлиэтээбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ эбийиэккэ сирин уларытыы уонна болотунатын оҥоруу ыытыллар.

«Бэдэрээтчит урукку аспаал бүрүөһүнүн алдьатан бүтэрдэ. Билигин суол төрүтүн уларыталлар, суолга бөдөҥ хайыр тааһы куталлар. Аспааллааһын уонна суол икки өттүттэн тротуардары көтүрүү кэлэр сылга былааннанар», - диэтэ Алексей Варламов.

Бэдэрээтчит тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрэ иһитиннэрбиттэринэн, тыы станциятыттан Хабаров уулуссатын кытта быһа охсуһар суолга диэри учаастакка 7 оробуочай, 3 самосвал, суол катога, грейдер уонна экскаватор үлэлииллэр.

Санатар буоллахха, Роман Дмитриев аатынан кытылы тупсаран оҥоруу Дьокуускай куорат маастар-былаанын олоххо киллэрии чэрчитинэн ыытыллар. Саха сирин куораттарын сайыннарыыга 3,3 млрд солкуобай казначейскай кирэдьиит көрүлүннэ, ол иһигэр  1,5 млрд солкуобай киин куорат уопсастыбаннай туоналарын – Ленин болуоссатын, Сайсары күөлүн уонна 202-с дьоҕус оройуоҥҥа Роман Дмитриев аатынан кытыллары тупсаран оҥорууга.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...