Режиссер Дмитрий Кольцов: «Биһиги киинэбит тыыннаах, ону ааһан инникилээх!»
Атырдьах ыйын 24 күнүгэр «Арассыыйа – мин историям» история пааркатыгар үгэс буолбут «Киинэ түүнэ» аахсыйа буолан ааста. Тэрээһин өрөспүүбүлүкэтээҕи «ОТОН. фест» дьиэ кэргэн бэстибээлин чэрчитинэн ыытылынна. Бу киэһэ «Үлэ кыбаартала» кластер тэхиньиичэскэй дириэктэрэ, режиссер Дмитрий Кольцов лиэксийэтин ордук сэргээтибит. Кини «Рядовой Чээрин» киинэ айыллан, таҥыллан, чочуллан тахсыбыт кистэлэҥнэрин кэпсээтэ. Эрдэ истибэтэхпитин иһиттибит, билбэтэхпитин биллибит. Ону ааҕааччыларбытыгар тиэрдэбит.
Түөрт сыл иһигэр артыыстан режиссерга тиийэ «үүммүт»
2021 сыллаахха улахан экраҥҥа сүрэхтэммит «Рядовой Чээрин» киинэ көрөөччү биһирэбилин ылыан ылла. Бу иннинэ Дмитрий видео угуйуктары, араас роликтары оҥорон таһаарар эйгэҕэ үлэлээбит. Киинэттэн соччо «ырааҕа» суох, устуу хаамыытын балачча удумаҕалатар эбит. Ол эрээри айар эйгэни ис-иһиттэн билбэт эдэр киһи, соһуйуон иһин, бастакы холонуута ситиһиилээх буолбута, саҥа саҕахтары арыйбыта.
Дьиҥэр, кини 2015 сыллаахха бырайыакка бастаан артыыс быһыытынан ыҥырыллыбыт. Ону даҕаны, бэйэтэ этэринэн, нуучча дьүһүннээх артыыс наада буолан. Кини режиссерга тиийэ «үрдээбит» көрдөөх кэпсээнэ дьону-сэргэни сэргэхситтэ:
– Хаһан да киинэҕэ оонньоон көрбөтөх киһи холонорго санаммытым. Онтон «киинэни таҥыаҥ дуо?» диэбиттэригэр сөбүлэспитим. Сорох каадыр тиийбэт курдуга, ситэри устуохха наада буолбута. Аны туран сүрүн оруолу толорор артыыс Федот Львов солото суох, тыйаатырынан гастролга барыахтаах эбит. Онон саҥа артыыһы көрдүүр түбүккэ түспүппүт. Ол аата киинэни букатын да хос уһулуохха наада курдук буолбута. Оччотугар сценарийа эмиэ хаттаан суруллуохтааҕа. «Ким суруйар?» – диэн дьон дьонтон ыйыталаспыттара. Онтон: «Чэ, бэйэм холонон көрүөм», – диэн тылламмытым. Биирдэ өйдөөбүтүм, сценарист буолан хаалбыппын (саала күлэн тоҕо барар – Аапт.). Аны режиссер көрдөөтүбүт, ыйыталаспыт дьоммут атын бырайыакка үлэлии сылдьаллар. Онтон: «Дима, бэйэҥ холонон көрбөккүн дуо?» – диэтилэр. Инньэ гынан түөрт сыл иһигэр хаһан да киинэҕэ уһуллубатах артыыстан режиссерга тиийэ «үүммүтүм». Итинник олоххо мээнэ буолбат, ол эрээри киһи куйаарга ыыппыт баҕа санаата туолар эбит.
Бэйэбит көрдөрөр уонна көрөр кыахтаахпыт!
Дмитрий Кольцов Саха сирин киинэтин историятыгар, кэрдиис кэмнэригэр тохтоон ааста. 90-с сылларга, дойду үрдүнэн ыһыллыы-тоҕуллуу буола турар кэмигэр, Саха сиригэр «Сахафильм» хампаанньа тэриллибитэ сайдыы аартыгын арыйбытын бэлиэтээтэ. Итиэннэ пандемия саҕана киинэ индустриятыгар ыарахан кэм бүрүүкээбитин кэпсээтэ.
– Ковид кэнниттэн дьон үксэ стриминговай платформаларга көспүттэрэ, киинэҕэ соччо-бачча сылдьыбат буолан хаалбыттара. Биллэн турар, ол киинэ тыйаатырдарыгар улахан охсуулаах этэ. Аны 2022 сыл олунньу 24 күнэ үүнэр, туох барыта хааччахтанар, бобуллар, этэргэ дылы, киинэ тыйаатырдара көрдөрөллөрө да суох курдук буолар. Ити кэмҥэ Саха сирин эрэ тыйаатырдара киинэнэн тутахсыйбатахтара. Олохтоох ааптардарбыт кинилэри быыһаан ылбыттара – бэйэбит киинэбитин көрөр уонна көрдөрөр кыахтаах буоллахпыт. Биһиги киинэбит тыыннаах, ону ааһан инникилээх! – диэн, чахчы, ис сүрэҕиттэн астына уонна киэн тутта кэпсээтэ. Бэл диэтэр, «биһиги» уонна «бэйэбит» диэн тылларга куолаһа улаатан ылла.
Бүддьүөтэ – 3 мөл.солк.
Режиссер Тимофей Сметанин «Егор Чээрин» сэһэнин сөбүлээн, умсугуйан туран аахпытын, туохха сүрүн болҕомтотун уурбутун сэһэргээтэ.
– Хара маҥнайгыттан үүнэр көлүөнэҕэ анаан суруллубут айымньы, онон наһаа ыарахан байыаннай драма буолуо суохтаах дии санаабытым. Оҕо аймах сэргии көрөр киинэтин оҥорон таһаарар сыал-сорук турбута.
Бастаан «28 панфиловцев» киинэ курдук патриоттуу тыыннаах, «Сталинград» хартыынаттан хаалсыбат, «Т-34» курдук хамсааһына элбэх киинэ буолуохтаах дэстибит. Арай ити хартыыналар бүддьүөттэрин үөрэтэн көрдүбүт: «28 панфиловцев» 150 мөл. солк., «Сталинград» 30 мөл. дуоллар, «Т-34» 600 мөл. солк... (тохтуу түһэр – Аапт.) Оттон биһиги 3 мөлүйүөн солкуобайдаахпыт!
Салгыы Дмитрий «Рядовой Чээрин» бүддьүөтүгэр тохтоото. Тэҥнээн көрүүгэ 2004 сыллаахха тахсыбыт, аан дойдуга аар-саарга аатырбыт «Человек-паук 2» киинэни холобурдаата. Дьэ, эрэ, сүрүн ороскуоттарын табылыыссаҕа көрүөххэ:
«Окуопаларбытын» худуоһунньукпут даачатыгар хаспыппыт...
Устар хамаанда, бырайыак бүддьүөтэ кэмчи буолан, ханна да ыраах, холобур, Беларуська, барар кыаҕа суоҕа. Аны окуопаларбытын ханна хаһабыт диэн улахан толкуйга түспүттэр. Онуоха киинэҕэ үлэлэһэргэ сөбүлэспит саҥа саҕалаан эрэр (билигин киэҥник биллэр) худуоһунньуктара: «Чэ, мин даачабар хаһыахха», – диэбит. Дмитрий: «Халлаан күөх экраны туруоруохпут. Рекламаҕа үөрэммитим, технологиятын билэбин», – диэбит. Инньэ гынан киинэҕэ көстөр «окуопалар», «сэбиэскэйдэр ыстааптара», «хамандыыр ыстааба», «саллааттар сытар землянкалара» – бары даача түөрт муннугар хаһыллыбыттар (хаһа сылдьар хаартыскаларын көрдөрө-көрдөрө кэпсээтэ – Аапт.). Даачаттан чугас «бартыһааннар отуулара», «полевой куукуна» тэриллибит. Биллэн турар, устуу үлэтэ атын да сирдэргэ ыытыллыбыт, холобур, Кэҥкэмэҕэ. Ол эрээри сүрүн сыаналары даачаҕа уонна ол эргин устубуттар.
– Бүгүҥҥү туругунан (күн аайы кэтээн көрөбүн) «Рядовой Чээрин» Кинопоиск сервискэ сыанабыла – 7.4 (бу үрдүк көрдөрүү – Аапт.). 2022 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр СТС ханаалга премьерата буолбута. Ити биһиэхэ олус соһуччу этэ. Чиэһинэйдик эттэххэ, киинэбит Арассыыйаҕа тахсарын эрдэ билбитим буоллар, баҕар, баччааҥҥа диэри уһулан бүтэрэ илик буолуом этэ. Чэ, этэҥҥэ таһаарбыппыт, билиҥҥэ диэри бэйэтин олоҕун «олорор».
Көмпүүтэр графикатын хото туһаммыппыт
Дмитрий этэринэн, киинэ 4%-на хромакейга уһуллан, 72%-на көмпүүтэр графикатын туһанан, оҥоһуллан, ситэн-хотон тахсыбыт. Ол саҕана сканирование технологиятын, бэл, Арассыыйаҕа да улаханнык баһылыы иликтэр эбит. Оттон биһиги дьоммут сатабыллаахтык туһаммыттар. Холобур, сорох каадырга «окуопалары» уһатан биэриэххэ наада эбит. Дьиҥэр, көмпүүтэргэ уруһуйдаан биэриэххэ сөбө, ол эрээри итэҕэтиилээх хартыына тахсыбат диэн түмүккэ кэлбиттэр. Инньэ гынан тыаҕа тахсан дьоҕус соҕус «окуопалары» хаһа-хаһа сканердаабыттар.
Көмпүүтэр графикатыгар быһаарсар, эбиитин киинэ эйгэтигэр үлэлиир исписэлиис билигин да аҕыйах. Айар бөлөххө, этэргэ дылы, «эн, мин уонна кини» диэн балаһыанньа эбит: Дмитрий бэйэтэ, Петр Гуляев уонна Дмитрий Попов.
– Киинэбит тахсыбытын кэннэ көмпүүтэр графикатын хото туһаммыппытын бэлиэтии көрбүт биир дойдулаахтарбыт эрийбиттэрэ, сүбэ-ама көрдөөбүттэрэ. Креативнай кластер аһыллыахтаах, онно сөптөөх, Саха сирин киинэтин сайыннарар кыахтаах ханнык аныгы технологиялары ылыахха сөбүй диэн. От күөх экраны оҥорор санаалаахтар этэ. «Зеленка» – бэҕэһээҥҥи күн. Биллэн турар, билигин да туттуллар. Ол эрээри сарсыҥҥы күнү саныахха. «Мандалорец» сериалга туттуллубут саҥа технологияны ылар ордук», – диэн этии киллэрбитим.
Салгыы «Үлэ кыбаартала» кластер тэхиньиичэскэй дириэктэрэ билигин ханнык технологиялары туһаналларын, хайдах үлэлииллэрин сиһилии кэпсээтэ, көрдөрдө. «Биһиги киинэбит үксэ тыаҕа, куоракка, дэриэбинэҕэ уһуллар. Биллэн турар, сценаристарбыт кэккэ хааччахтары көрсөллөр», – диэн бэлиэтээтэ. Кыһын үлэлиир ыарахан, Саха сирин тымныытын, бэл, тиэхиньикэ кытта тулуйбат, ороскуоттаах даҕаны. Хата, билигин сорох каадырдары «Үлэ кыбаарталыгар» холкутук устар буолбуттарын үөрэ кэпсээтэ.
– Билигин Москва устуудьуйаларын кытта биир тылынан кэпсэтэр кыахтаахпыт. Сорох-сороҕор биһиэхэ баар кинилэргэ суох буолар. 2026 сылга саҥа киинэ павильона тутуллан бүтэрин долгуйа күүтэбит. Улахан экраҥҥа үлэлиир, айар-тутар кыахпыт өссө улаатыаҕа.
Эдэр режиссер Саха сирин киинэтэ сайдыа диэн бигэ эрэллээх. Былаана киэҥ. Билигин анал байыаннай дьайыы туһунан киинэҕэ үлэлии сылдьар. Күһүн саҥа бырайыакка киириэхтээх – аныгы технологиялары туһанан, фэнтези устан саҕалыахтаах. «Холонон көрүөм» диэн баран киинэ эйгэтигэр хорсуннук киирбит Дмитрий Кольцовка ситиһиилэри баҕарабыт.
Хаартыскалар: ааптар уонна «Рядовой Чээрин» киинэ устар бөлөҕүн түһэриилэрэ