Үөрэнээччилэр тырааныспарга каарталара тохтотулунна
Алтынньы 2 күнүттэн 8 күнүгэр диэри куорат оптуобустарыгар оскуола тырааныспырга каарталара тохтоотулар, ол иһигэр 1-4 кылаастарга.
Бу быһаарыныы Дьокуускайга коронавирус инфекциятын утары миэрэлэри күүһүрдүүнү кытта сибээстээх. Санатар буоллахха, куорат оскуолалара балаҕан ыйын 25 күнүттэн дистанционнай үөрэххэ көспүттэрэ. Уһуйааннар урукку эрэсииминэн үлэлииллэр.
Балаҕан ыйын 30 күнүттэн Саха сиригэр коронавирус инфекциятын тарҕаппат сыаллаах хааччахтааһын миэрэлэрэ уһатыллыбыта. Алтынньы ый бүтүөр диэри түүҥҥү кулууптар, караоке-саалалар, саататар уонна сынньалаҥ тэрилтэлэр, ол иһигэр атыылыыр-саататар кииннэргэ аттракционнар уонна оҕо оонньуур хосторо үлэлэрэ тохтоото.
Кафелар уонна рестораннар остуолларын 1,5 м тэйиччи туруоран, сааланы 50% итэҕэс толорон, сарсыарда 06:00 чаастан 24:00 диэри үлэлииллэр. Ас-үөл тэрилтэлэрин сотрудниктара булгуччу мааскалаах буолуохтаахтар уонна клиеннэртэн эмиэ ону ирдиэхтээхтэр. Икки чаас буола-буола дезинфекция ыытыллыахтаах. Ас-үөл тэрилтэлэрэ банкеттары уонна дискотекалары тэрийэллэрэ, артыыстары ыҥыраллара көҥүллэммэт.
Театрдар, музейдар, кинотеатрдар, быыстапка уонна спорт саалалара бары сэрэтэр миэрэлэри тутуһан үлэлэрин салҕыыллар.