02.09.2021 | 11:38

Үөрэх дьыла саҕаланна! Пандемия бүтэ илик...

Үөрэх дьыла саҕаланна! Пандемия бүтэ илик...
Ааптар: Айталина СОФРОНОВА
Бөлөххө киир

Атырдьах ыйын 30 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх хаамыытын ыытыы туһунан ыйааҕа таҕыста. Билиҥҥитэ оҕолорбут оскуолаҕа тиийэн үөрэнэр чинчилээхтэр, ол эрээри, ыарыы өрө турдаҕына, үөрэх тэрилтэлэрэ дьиэттэн олорон үөрэнэллэрин бэйэлэрэ быһаарар буоллулар. Пандемия кэмэ учууталлары, үөрэнээччилэри, устудьуоннары төрөппүттэри олус долгутар.

Оскуолаҕа үөрэппит ордук

Парасковья Никитична Петрова, алын сүһүөх  учуутала, “Айыы Кыһата” национальнай гимназия:

Кэлин аан дойдуга үөскээбит балаһыанньанан үөрэтии ньымата эмиэ уларыйда. Сорох киһи ону ылынарыгар уустук кэм. Ол эрэн киһи ханнык баҕарар кэмҥэ санаатын күүһүнэн, киһилии сыһыанынан араас түгэннэртэн тахсар. Маҥнай пандемия саҕаланарыгар элбэх уустуктары көрсүбүппүт. Хайдах, тугу, ханнык ньыманы туһанан үөрэтэрбит олус ыарахан курдук этэ. Билигин онлайн үөрэтии ньыматын баһылаан, оҕо үөрэҕэр хаалбатын курдук кыһаллан үөрэтии барар. Ол эрэн ханнык да кэмҥэ «тыыннаах үөрэтии» быдан ордуга биллэр. Ону дистанционнай үөрэх дакаастаата. Оҕолор да, төрөппүттэр да «тыыннаах үөрэтиини» ордороллор.

Быйылгы үөрэх сыла урукку халыыбынан этэҥҥэ  барара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Онлайн үөрэх син биир баар буолара буолуо. Урукку дьылларга тымныы күннэргэ үөрэх тохтуур курдук буоллаҕына, билигин син биир салҕанар. Онлайн үөрэтиигэ учуутал хайдах хаачыстыбалаахтык дьарыгын ыытара, оҕо билиини ыларыгар улахан оруоллаах. Маннык үөрэх кэмигэр учуутал методическай хасааһа хаҥыыр эбит. Ол курдук, видеоуруоктары оҥорон, араас тургутуктары, викториналары таҥан, интэриниэт ресурсаларын туһанан оҕо интэриэһин тардыахха сөп. Бу маннык ньыма быстах кэмҥэ үлэлиир. Оҕо да, учуутал да дьиҥнээх алтыһыыны, бэйэтэ толкуйдаан, буһаран таһаарыытын, мөккүөртэн кырдьыгы булуутун син биир суохтуур.

 

Анна Николаевна Келина, алын сүһүөх кылаас учуутала, Томпо улууһа:

— Оскуолаҕа үөрэнэр ордук,  дистанционнай үөрэх алын  кылаас оҕотугар сөптөөх билиини биэрбэтэ чуолкай. Барыта бу аһыллыа диэн этэр уустук, ыарыыбыт хайдах буоларыттан тутулуктаах. Барыта дистанционнай буолар түбэлтэтигэр түптээх үөрэх дьыла буолбат.

 

Үөрэнээччилэр санаалара

Захаров Тимур, “Айыы Кыһата” национальнай гимназия 10 “В”  кылааһын үөрэнээччитэ:

Мин хас сайын аайы аймахтарбар Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр оттуу, сынньана, дьоммор көмөлөһө  барабын. Эбээлээх эһээбэр илии-атах буолабын, доҕотторбун кытта көрсүһэн-алтыһан сэргэхсийэбин, от үлэтигэр көхтөөхтүк кыттабын. Ону таһынан балыктыырбын олус сөбүлүүбүн, сөтүөлээн абыранабын. Ити курдук сайыны бэртээхэйдик атааран, өссө биир үөрэх дьылыгар бэлэмнэнэр кэм түргэн баҕайытык кэлэн хаалар.

Үөрэх дьылын дьиэ кэргэммин кытта бастакы чуораан кэннэ рестораҥҥа баран көрсөр үгэстээхпит. Бастакы чиэппэр түргэн баҕайытык ааһан хаалар, ол эрээри үчүгэйэ үгүс: бастакы чуораан, күһүҥҥү дьаарбаҥка, оскуола баала, саҥа дьыл тэрээһинэ уо.д.а. Ити кылгас кэм иһигэр элбэх кыайыылаах уонна хотторуулаах, үөрүүлээх уонна хомолтолоох түгэннэр баар буолаллар.

Быйыл дистанционнай үөрэххэ көһөрбүт-көспөппүт биллибэт. Мин санаабар, маннык үөрэх соччото суох, ол эрээри ити үөрэнээччилэр доруобуйаларын туһугар олохтонор миэрэ. Дистанционнай үөрэх бэйэтэ үчүгэй уонна куһаҕан өрүттэрдээх. Үчүгэйэ диэн ыарыы тарҕаммат, оҕо бэйэтин уонна атыттары харыстыыр. Оҕо дьиэтиттэн тахсыбакка, күнү быһа төлөпүөн, көмпүүтэр иннигэр олороро эмиэ да үчүгэйэ суох эрээри, сорох үөрэнээччилэргэ төттөрүтүн ордук буолуон сөп. Оҕо барыта кэпсэтиэн, доҕотторун кытта алтыһыан баҕарар, ол иһин  оскуолаҕа тиийэн үөрэнэрбитин ордоробут.

Павлова Сайаана, “Айыы Кыһата” национальнай гимназия 7 “Б”  кылааһын үөрэнээччитэ:

Быйыл сайын хомолтолоох да, үөрүүлээх да түгэн баара. Хомолтолооҕо – сайын устата эргиччи баһаардар, буруо, хамсык, оҕо сайыҥҥы лааҕырдарын бобуу. Ол да буоллар умнуллубат үтүө түгэн үгүс. Ийэлээх аҕабар көмөлөһөн оҕуруот көрдүм, дэриэбинэҕэ эбээлээх эһээбэр оттоспутум, сөтүөлээбитим, дьиэ кэргэнинэн саҥа массыынабытынан эһэм өбүгэтин дойдутугар – Хаҥалас улууһун Тиит-Арыы нэһилиэгэр, аймахтарбытыгар ыалдьыттаабыппыт, отоннообуппут, Чкалов арыытыгар, Ксенофонтовтар дьиэ кэргэн төрөөбүт түөлбэлэригэр сылдьыбыппыт, Өлүөнэ очуостарын көрбүппүт. Атырдьах ыйын саҕатыгар Алдан улууһугар дьоммун кытта сугуннаабыппыт.  Бу ааспыт сайыҥҥа махтанабын эрэ.

Саҥа үөрэх дьылын долгуйа кэтэстим.
Эбии ханнык дьарыкка сылдьарбын былааннанным. Бииргэ үөрэнэр оҕолорбун, учууталларбын, оскуолабын олус аҕынным, быйылгы үөрэх дьыла барыта этэҥҥэ ааһара буоллар диэн санаалаахпын.

 

Онлайн үөрэх оҕолорго охсуулаах

Мира Николаевна Свинобоева, төрөппүт:

Үөрэх ханнык баҕарар көрүҥэр бэлэммит. Оҕолор оскуолаҕа тиийэн, сирэй көрсөн үөрэнэллэрэ ордук, дистанционнай буоллаҕына, түптээх үөрэх буолуо суоҕа дии саныыбын. Дьиҥэр, оҕоттон бэйэтиттэн тутулуктаах. Үөрэҕи хайдах ылынарыттан буоллаҕа. Оҕо сайдыыта биир тэҥ буолбат, онон үөрэх оскуолаҕа ыытыллара быдан ордук.

 

Сардана Романовна Кычкина, төрөппүт:

Маҥнай ыарыы өрө турбутугар төрөппүккэ да, оҕоҕо да суолталаах ыйытык үөскээбитэ. Салгыы хайдах үөрэнэбит диэн. Ыарыы төһө кэмҥэ кэлбитин, үөрэх хайдах ыытылларын ким даҕаны билбэт этэ. Хайдах эрэ, санаабытыгар түргэн баҕайытык ааһыах курдуга. Билигин вирус биһиги олохпутугар бигэтик киирдэ.

Сааскыттан саҕалаан оҕолорбут дистанционнай хабааннаахтык үөрэммиттэрэ. Саҥа ааҕарга, суоттуурга, сыыппаралары үөрэтэ сылдьар кэмнэригэр охсуулаах буолбута. Мин бэйэм репетиторскай кииҥҥэ үлэлиибин. Онно көрөрбүнэн, ордук маҥнайгы кылааска киирбит оҕолор кыһалҕаны көрүстүлэр. Холобура, оҕолор сатаан аахпаттар, суруйбаттар, оскуола диэн өйдөбүлү ситэ ылбатылар уонна кылаастарын таҕыстылар. Бу маннык кыһалҕалаах төрөппүттэр наһаа элбэхтэр. ОГЭ, БКЭ да туттарбыт оҕолор эмиэ уустуктары көрүстүлэр. Учууталлар, төһө кыалларынан, пандемия ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн, оҕолору дьарыктыы сатаабыттара да буоллар, көрдөрүү намыһах. Математикаҕа да, нуучча тылыгар да порогу ааспатах оҕо элбэх. Ол иһин дистанционнай үөрэх чиҥ билиини биэрбэт.  Оҕолорбутугар үөрэҕирии систиэмэтигэр, социализация да өттүгэр ыарахаттары үөскэттэ. Билиҥҥи оҕолор гаджекка олус убаннылар. Өйтөн суруйууну ыарырҕаталлар, бэйэлэрэ тугу баҕаралларын да сатаан сааһылаабаттар, утары көрсөн олорон суругунан кэпсэтэллэр, баҕа санааларын сатаан суруйбаттар. Аҥаардас хаартысканы көрөн олорон санаатын толору сааһылаан кэпсиир оҕо аҕыйах.

Оҕо, үөрэнээччи бэйэ бэйэтин кытта алтыһыахтаах, билсиэхтээх. Мин бэйэм оҕом эмиэ түөрт истиэнэҕэ хаайыллан олороруттан, доҕотторун кытта сатаан көрсүбэтиттэн, алтыспатыттан наһаа сылайда. Оҕо оҕону кытта бодоруһуохтаах, санаатын үллэстиэхтээх, кэпсэтиэхтээх.

Аны туран, дистанционнай үөрэххэ экран нөҥүө саһан олорбут үөрэнээччилэр эмиэ бааллар. Бэйэлэрэ киирэллэр уонна экраннарын холбооботтор, учууталы да истибэттэр, дьиэҕэ үлэ да толоруллубат.  Уопсайынан, бу балаһыанньа хас да өрүттээх. Оҕо үөрэҕи ылымматын таһынан уйулҕата, уопсастыбаҕа сыһыана, олоххо бэлэмэ барыта ыһыллар. Быйылгы үөрэх дьыла уруккулуу ыытыллар буоларын мин эрэ кэтэспэтим буолуо. Учууталлар да, оҕолор да оскуолаларын наһаа аҕыннылар.

 

Лия Сивцева, ХИФУ, филологическай факультет устудьуона, устудьуоннар идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлэ:

Үөрэхпит саҕаланара бу кэллэ. Билигин тутар хамыыһыйабыт сочуотунай киниискэ, устудьуон билиэтин толоро сылдьар. Мин маҥнайгы куурустарга ананар линейка сценарийын суруйдум. Бэйэм төрдүс кууруска таҕыстым, быйылгы сылга үөрэнэр былааммыт олус интэриэһинэй. Пандемиянан сибээстээн, гуманитарнай салаа улахан куурустара дистанционнай халыыбынан үөрэнэбит, ол эрэн син биир үөрэхпитин ахтарбыт аҕай буолуо. Билиҥҥитэ саҥа дьыл кэннэ урукку халыыбынан үөрэхпитигэр тахсар инибит диэн олоробут, кэтэһэбит. Коллективнай иммунитет бырыһыана үрдүүрэ аҕыйах хаалбыт, ол аата дьон-сэргэ вакцинаны ылан эрдэҕэ. Дьэ, оччоҕо бары хааччахтар уһуллуохтара, урукку олохпут чөлүгэр түһүө. Кэтэһэбит, эрэнэбит эрэ диир кыахтаахпын.

Буоларын да иһин, улахан куурустар тэйиччиттэн да билии ылыахпыт. Устудьуоннар идэлээх сойуустара бастакы куурустарга элбэх онлайн/оффлайн тэрээһини толкуйдуур. Үөрэх быыһыгар кыра актыыбынай олох наада диэн өйдүүбүт.

 

Көрөргүт курдук, учуутал да, оҕо да кылааска олорон үөрэнэрин быдан ордорор эбит. Пандемия уһуур чинчилээх буоллаҕына, дистанционнай үөрэхтэн туһа тахсыбатын өйдөөтүбүт.

Барыта этэҥҥэ буоллун, балаһыанньа тубустун диэн туран, саҥа үөрэх дьылын саҕалыыбыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...