Үөрэҕирии тэрилтэлэрэ икки туонна кэриҥэ батарейкалары хомуйдулар
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Экология министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, «Сдай батарейку-2023» экологическэй аахсыйа чэрчитинэн, регион үөрэҕириитин тэрилтэлэрэ барыта 1,9 туонна батарейкалары хомуйдулар.
Аахсыйаҕа 12 187 киһи кытынна: оҕо уһуйааннарын иитиллээччилэрэ, оскуола үөрэнээччилэрэ, колледж устудьуоннара, тэрилтэ үлэһиттэрэ.
«Сылтан сыл аайы кыттааччы ахсаана элбээн иһэрэ үөрдэр, ити экологическэй култуура үрдээн иһэрин көрдөрөр», — дииллэр Экология министиэристибэтигэр.
Итини таһынан, аахсыйа кэмигэр үөрэх тэрилтэлэригэр батарейка буортутун уонна туһаныллыбытын кэнниттэн сөптөөхтүк харайыы туһунан 1 015 экологическэй уруоктар, кылаас чаастара ыытылыннылар.
«Туттуллубут батарейкалары атын бөҕү кытта холбуу быраҕалларыгар, дьон ити сири-буору, ууну токсичнай буортулаах эттиктэринэн төһө киртитэрин, экологияны буортулуурун билбэт. Сылын аайы ыытыллар эргэ батарейкалары хомуйар аахсыйа тулалыыр эйгэни киртийииттэн көмүскээһиҥҥэ бэйэтин кылаатын киллэрэр», — диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
«Сдай батарейку-2023» экологическэй аахсыйаҕа саамай элбэх киһи Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Уус Алдан, Амма, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта оройуоннарыгар, итиэннэ Дьокуускай куоракка уонна Жатай бөһүөлэгэр кытынна.