25.03.2020 | 18:52

Үрдүк таһым

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Соторутааҕыта араадьыйанан бу олохтон барбыттара ырааппыт номоххо киирбит дьоммутун илэ саҥара туралларын курдук иһиттибит. Онтон туох санаа киирдэ?

· Саха сириттэн Арассыыйа Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын дуоһунаһыгар тиийэ үүнэ сылдьыбыт, сааһырыар диэри өрөспүүбүлүкэбитин салайсыбыт Александра Яковлевна Овчинникова спорт туһунан сахалыы бэрт да дакылааты оҥорбут;

· ССРС үтүөлээх тренерэ Дмитрий Коркин 40 саастааҕар номнуо САССР үтүөлээх учуутала, РСФСР үтүөлээх тренэрэ буолбутун итэҕэтэрдии, онтон уоскуйбакка өссө элбэҕи оҥорорго андаҕара күүстээҕиэн;

· Аар саарга аатырбыт уһулуччулаах тустуук, ол кэмнээҕи саха ыччатын таптала Николай Захаров – Сахаачча эдэр эрээри өйүн, сэмэйин.

Дьаҥ хара былыт курдук ааһыа, ол кэннэ күн тыгарын курдук кэм кэлиэ. Мөккүөр да бүтүө. Олох салҕаныа. Бу күннэргэ үксүн култуурунай-спортивнай (ол иһигэр “Токио-2020” олимпиаданы) тэрээһиннэри көһөртөрбүт, карантин бөҕөнү биллэрэ турар, дойдуларга киһи бөҕөнү өлөрбүт коронавирус куттуур, сэрэхэдьитэр. Онно бэриммэккэ, үчүгэйи, кэрэхсэбиллээҕи оҥорор дьон суох буолбатах.

Арай төлөпүөммэр Николай Захаров-Сахаачча балта Анна Семеновна Новгородова эрийдэ:

- Убайым Коля араадьыйаҕа уһуллубут интервьютун булбуттар. Бүгүн күнүс ,,ТЭТИМ,, биэриигэ холбууллар үһү...

-- Тыый, -- диэн соһуйан, болдьоммут кэми долгуйа кэтэстим.

Эфиргэ спорду биэрээччилэр тахсаллара буолуо диэбитим, арай, Валентина Атласова ыпсаран-хопсорон саҥаран барда. Режиссер Анна Пудова эбит.

Николай Барашков диэн радиожурналист 1968 с. Чурапчыга тиийэн, Дмитрий Петрович Коркиҥҥа “Бочуот Знага” уордьаны туттарыынан уонна үөрэнээччилэрэ Николай Захаров, Петр Платонов аан дойдутааҕы ыччаттар уонна устудьуоннар фестивалларыттан үрүҥ көмүс мэтээллэри ылан кэлбиттэринэн репортаһын уонна Николай Захаров-Сахаачча интервьютун истиэххит, -- диэбитигэр үөрдэхпиэн!

Бастакынан тыл оччотооҕу Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин президиумун бэрэссэдээтэлэ (бу улахан салайар дуоһунаска кини 16 сыл үлэлээбитэ), РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата Александра Яковлевна Овчинникова спорт Саха сиригэр сайдыытын туһунан биир да сыыс тыла суох уу сахалыы дакылаат оҥордо. Саҥата чуолкайын, эрчимин, интонацията, дикцията – дьиҥ араатар эбит. Николай Тарскайтан саҕалаан, спорт суолтатын өйдөтүүгэ, тэрийиигэ кимнээх ордук далааһыннаахтык үлэлээбиттэрин, сүрүн кыайыылары аҕалбыттарын ааттаталаата. Ити чиэстэнээччилэр Николай Захаров, Петр Платонов көҥүл тустууга аан дойду ыччатын уонна устудьуоннарын фестивалыгар Сэбиэскэй Сойуус делегациятыттан кинилэр иккиэн эрэ аҕалбыттарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Ити кыайыы баччааҥҥа диэри итинник үрдэтиллэн этиллибитин истэ илигим. Дакылаат диэн отчуот курдук, «онно бастаабыта, манна иккис буолбута” дэниллибэккэ, итинник атыттартан туох чорбохтооҕо быһаарыллара ордук. Харахпар көстөн кэллэ. Аныгы дьон суруллубуту иҥнэ-иҥнэ ааҕааччылар. Киһи аатын, ситиһиитин сыыһа этэн кэбиһээччилэр. Бу истэ олорон, дьэ, үрдүк дуоһунастарга талыллыан-талыллыбытын итэҕэйэн, үтүөкэн да дьонноох эбиппититтэн үөрдүм.

Санаан кэллим аҕабар Ушницкай Петр Ивановичка 1967 сыллаахха “Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх булчута” ааты иҥэрбитин.

Ол илии баттааһыннаах туоһу суругун дьиэбэр өйдөбүнньүк оҥорон, бэлиэ сиргэ ууран турабын. Улахан наҕарааданы Александра Яковлевна бэйэтинэн туттарбытын аҕам оҕо эрдэхпиттэн ахтарын истэн, киниэхэ болҕомтом улааппыта. Кэлин суруналыыс, ордук Үрдүкү Сэбиэккэ дьокутаат буола сылдьаммын, бу улуу салайааччыны элбэхтэ көрбүтүм. Олох кырдьан баран, доҕорбунаан кэккэлэһэ ааннаах ыаллыы буолбута. Онно биир дьиэлээхтэргэ киирэ-тахса үтүө сыһыаннаҕын кэпсииллэрэ.

Ытык киһини 2009 с. 94 сааһыгар өрөспүүбүлүкэ курутуйа атаарбыта.

Биэриигэ өрөспүүбүлүкэҕэ эмиэ биллэр дьон – оччотооҕу Чурапчы компартиятын райкомун бастакы сэкирэтээрэ Илья Павлович Листиков, САССР спорткомитетын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Петрович Стручков Коркин чахчы үлэлээн маннык үрдүк наҕараадаҕа тиксибитинэн эҕэрдэлээтилэр.

Репортажка Дмитрий Петрович Коркин тыл этэригэр: “Бу уордьаны мин ыллым (күлсүү), ол гынан бэйэм эрэ ситиһиим буолбатах, бииргэ үлэлиир дьонум, коллективым, өрөспүүбүлүкэ партийнай, хаһаайыстыбаннай, үөрэххэ тэрилтэлэрин кытта барыбыт ситиһиибит”,--диэн туран, оччотооҕу идеология ирдэбилинэн “хаан-уруу партияҕа, бырабыыталыстыбаҕа, бары үлэлээн иитиллээччилэргэ” махтанна. Ол кэннэ андаҕар курдук: “Төһө кыалларынан, күүспүт кыайарынан, сүрэх баҕатынан, билии баарынан, харыстаабакка, дьон-норуот туһугар үлэлии сатыам, үлэлиэм диэн эһиги иннигитигэр этэбин!” - диэн эрэннэрдэ. Чиэстээһиҥҥэ үөрэ-көтө, өйүү кэлбит дьоҥҥо үчүгэй доруобуйаны, айымньылаах үлэни, уһун үйэни баҕарда. Ити эрэннэриитэ улахан түгэхтээх. 1964 с. Токио олимпиадатыттан кэлэн иһэн блокнотугар: ”Норуотум туһугар сүрэх тэбэрин тухары, сүрэх баҕатынан, сүһүөх уйарынан үлэлииргэ бэлэммин”,- диэн суруйбута кэлин көстүбүтэ. Ити баҕатын уонна эрэннэрбит андаҕарын толорбута. Эрдэттэн бэлэмнэммитэ улаханын итэҕэппитэ.

ССРС, Европа, аан дойду, олимпийскай чемпионнары, призердары ииппитэ. Өссө да оҥоруох этэ. Ыар ыарыыны билиммэккэ, үлэтин өссө элбэх муҥурдарга тиэрдэргэ дьулуһа сылдьан, 55 сааһыгар, 1984 сыллаахха бу сиртэн былдьаммыта... Олоҕун тиһэх мүнүүтэлэригэр бүтэһик этиитэ аттыгар олорбут үөрэнээччилэригэр алгыһынан түмүктэммитэ: ”Сүрэххит тэбэрин тухары күүс кыайарынан үлэлээҥ!”

Биэрии түмүгэр Николай Захаров-Сахаачча – ССРС спордун маастара, оччотооҕу САССР биир сүрүн тренерэ Иван Афанасьевич Аянитовка 1969 с. биэрбит интервьюта холбонно.

Оо, Сахаачча барахсан, номоххо киирбитин курдук, кэпсиириттэн, саҥарарыттан сэмэйэ, өйө өтө көстөр. Билигин барыта күрэхтэһиилэргэ ким-кимниин киирсиэхтээҕэ, хаһыс мүнүүтэлэргэ ханнык албаһынан кыайбыта интернеккэ сонно тахса турар. Ол үрдүнэн сорохтор атын дьону буолуохтааҕар, бэйэлэрэ кимниин хайдах күрэхтэспиттэрин өйдөөбөттөр.

Урут, оннооҕор 1990-с сыллар саҥаларыгар, дойдубутугар ыытыллар түһүлгэлэр секретариаттарыгар даҕаны, компьютер, ксерокопия, принтер да суох буолан, былыргы массыыҥкаҕа боротокуолу түһэрэллэриттэн тиксэр киһи тарбахха баттанар этэ. Эгэ, кыттааччыларга биэриэхтэрэ дуо? Уопуттаах тренердэр ньымаларын үтүктэн, туһааннаах киһиэхэ тугу эмэ дук гынан, биирдэ эмэ боротокуолга мүччү туттардахпына, олус да үөрэрим.

Сахаачча кыаҕа бэрт буолан, сылайбат дииллэрэ. Ол иһин күрэхтэһии быыһыгар, атыттар илистэн сынньанар кэмнэригэр, кини тренеригэр көмөлөһө сатаан, боротокуолу бэйэтэ харандааһынан, уруучуканан оҥорбутун булбутум. Ол да иһин ити ССРС көҥүл тустууга 1969 с. чемпионатыгар ханнык ыйааһыҥҥа ким хайдах тустубутун сиһилии, хас киилэни түһэрбиттэрин билэр, төһө кэскиллээхтэрин ырытан кэпсиир.

Сахаачча ити интервьюну биэрээт, аҕыйах хонугунан сүүрбэ сааһыгар суорума суолламмыта. Онтон аанньа бэйэтин, Дмитрий Петрович, дойдутун ааттарын өссө хаста аар-саарга аатырдыа эбитэ буолла?

Биэрии кэнниттэн уруккуттан (ордук эдэрдэргэ аналлаах хаһыаттарга үлэлиир кэмнэрбэр, кини “Хотугу ыччат” биэриигэ редактордыыр эрдэҕинэ) хардарыта элбэхтик көмөлөспүт Валентина Атласованы көрүстүм. Бу устуулары хантан, хайдах булбутун ыйыталастым. Уонча сыллааҕыта кимнээх эрэ араадьыйаҕа: “Маны таһаараргыт буоллар”,- диэн хаалларбыттар. Ону Валентина коллегалара сүтэрэн, көрдөһөн эрэйдэммит. Ол хайдах эрэ күөрэйэн көстөн кэлбит. “Ээ, били сүтэрэн сордоммуттара бу сылдьар эбит”, --диэт, биэрии оҥорорго быһаарыммыт.

Бу түгэҥҥэ мин элбэҕи да санаатым. Биһиги Сахабыт сирин урукку, билиҥҥи дьоно үрдүк да таһымнаах эбит. Мин харахпынан эрэйдэнэр кэммэр тэлэбиисэри көрбөккө, араадьыйаны элбэхтик иһиттим. Иркутскайга, Москваҕа, Санкт-Петербурга, Уфаҕа, Казаҥҥа сытаммын наушникпын кулгаахпар уктаммын, ол сирдэр ыытааччыларын, кэпсэтээччилэрин: “Оо, таһымнара мөлтөх да эбит. Биһиэннэрэ үрдүктэр ээ. Уонна үөҕэр дьоммут элбэҕиттэн хомойобун. Кинилэр үксүн тэтимнээх муусука холбууллар. Биирдэ эмэ саҥараллара, солуута суох уонна куһаҕаны кэпсииллэр да, ким да үөхпэт,”— дии санаабытым. Биһиэннэрин хайгыахтара дуо? Кириитикэлииллэрэ элбэх.

Маннык дьаҥ айдааныттан, конституцияны дьүүллэһии мөккүөрүттэн соцситим суруксуттара туора турбаттар. Ордук тугу барытын кириитикэлээччилэрэ аһара баран, бутууру элбэттилэр. Обургулар, кинилэр хаалсыахтара дуо? Аны ыты-куосканы өлөрүүнэн, куоракка уулуссаҕа биэ кулунун кытта сылдьарынан сылтаҕыран, көмүскэспит, аһыныгас аатыраары үөхсүү дьону атыйахтаах уулуу аймаата. Итинник кэмҥэ маннык киһини кэрэхсэтэр биэриилэр тахсаллара дьоҥҥо үтүө өйдөбүлү хаалларыа. Ыарыы ааһыа, үтүө кэм кэлиэ.

Өссө биир үөрүүм – Дора Иннокентьевна Кобякова –Эдьиий Дора тэлэбиисэргэ таҕыста. Бу да сырыыга кини улахан киһи буоларын итэҕэттэ. Эрэммитим курдук, ыарыыттан хайдах сэрэнэри, туга-ханныга биллибэти сурах-садьык оҥорон күүркэппэти, холкутуйууну сүбэлээтэ. Элбэх долгуйааччылары сааһылаата, санаата түспүтү өрө көтөхтө.

Ити курдук ыарахан кэмнэргэ да үөрэри, историяҕа суолталааҕы була туруоҕуҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...