Үрдүк сололоох
“Үрдүк сололоох” диэн дьон-сэргэ билиниитин, ытыктабылын көрдөрөр өйдөбүл.
Бу кэпсэнэр түгэҥҥэ “үрдүк сололоох” диэн олоххо буолар мөккүөрдэри тойоннуур, сыыһа-халты хайдаҕын, төһөтүн-хаччатын ырыҥалыыр дьүүллээччи (дьүүлдьүт) буолар. Тус олохпор “үрдүк сололоох дьүүлдьүт” кырдьыктаах, таба быһаарыытын элбэхтик билбитим, онон салайтаран тус алҕастарбын көннөрүммүт түгэннэрдээхпин. Бу туһунан кэпсиэхпин, санаабын үллэстиэхпин баҕарабын.
Мин биир тэрилтэ орто таһымнаах үлэһитэбин. Үлэбэр сэмэлэнэр да, хайҕанар да этим. “Арай биирдэ”,– диибин. Тэрилтэм муҥур тойонунуун, дириэктэрбиниин кыраттан мөккүһэн турдубут. “Саха ньоҕой, оҕото өссө ньоҕой” диэн өс хоһоонун оҥкулун тутуһаммыт, мөккүөрбүт кыра кыыһырсыыга тиийиэх чинчилэннэ. “Кыра-хара салайааччы тылын истибэт буоллаххына, иһитиннэрэр таһымнаах тойоннору булуом!”– диэн киһим суоһурҕанна. Дьэ, үҥсэлээн көр, мин даҕаны “үрдүк сололоох дьүүлдьүтү” булуом!»– диэн хардары анньыстым. Улахан дьоннуун билсэр буолан, олус көҥүллүк саҥарар-иҥэрэр, туттар-хаптар эбит диэн санааҕа кэлбитин сэрэйдим, ол иһин дьиҥнээх “үрдүк сололоох” ким буоларын чуолкайдыырга быһаарынным. “Үрдүк сололоох дьүүлдьүтүм” миэхэ кэргэним (ойоҕум) буолар, киниттэн атын үҥсэргиир тойонум-хотунум суох!”– диэн дьэбирдик, чиҥник эттим. Салайааччым соһуйда, бэркиһээтэ да быһыылаах, “мах бэрдэрэн” олорбохтоот, чэпчээбиттии күлэн кэчигирэттэ. Үөскээбит тыҥааһын өһүлүннэ, үөрүү сылаас ибир салгына кууста. Олоххо “үрдүк сололоох” диэн ытык ааты ыал ийэтэ сүгэр эбит диэн биир санааҕа кэллибит, илии тутустубут, өйдөстүбүт. Уонна бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыахпытыгар диэри кыра да мөккүөргэ, өйдөспөт буолууга тиийбэтэхпит. Били “үрдүк сололоох” диэн тылы хардарыта санатыһан, хаадьылаһар этибит. Бииргэ үлэлиир дьоммут өйдөөбөтөхтүү, мунаарбыттыы тутуннахтарына, харахпытынан имнэнсэн ыларбыт, испитигэр үөрэрбит.
Өбүгэлэрбититтэн кэлбит кэс тылларынан кылгас ыстатыйабар туймуу баайабын, түмүктүүбүн:
– Ыал ийэтэ дьиэ кэргэн харысхала, Айыыһыта буолар. Ол иһин оҕо: “Ийэбэр этиэм”,– диэн көмүскэнэр.
– Ийэтин сүтэрбит оҕону – төгүрүк тулаайах, аҕатын сүтэрбит оҕону тулаайах аҥаардаах дэнэр.
– “Ыал ийэтинэн” диэн мындыр, муударай толкуй тобула, санаа саргыта олус таба, сөптөөх быһаарыы.
Ол иһин эр киһиэхэ, ыал аҕатыгар “үрдүк сололоох киһинэн” ойоҕо (кэргэнэ) буолар диэн ис куппунан (дууһабынан) ылынабын, билинэбин.