Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ алтынньы 18 күнүттэн очнай көрүҥүнэн үөрэнэллэр
«Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук санитарнай-эпидемиологическэй хамыыһыйатын быһаарыытынан, киин куорат 9, 10, 11 (12) кылааһын үөрэнээччилэрэ алтынньы 18 күнүттэн бары санитарнай ирдэбиллэри тутуһан очнай көрүҥүнэн үөрэхтэрэ саҕаланар. 5-8 кылаас үөрэнээччилэригэр дистанционнай көрүҥүнэн алтынньы 22 күнүгэр диэри үөрэнэллэр. Алын кылаастарга очнай үөрэх салҕанар. Бу туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
СӨ Роспотребнадзорун Управлениетын санитарнай кэтээн көрүүгэ уонна лицензиялааһыҥҥа салаатын начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу Георгий Игнатьев информациятынан, өрөспүүбүлүкэҕэ, ол иһигэр Дьокуускайга ОРВИ-нан сибээстээх быһыы-майгы уустук.
«Бүтэһик дааннайдарынан Дьокуускай куоракка 5 тыһыынча 265 ОРВИ-нан ыалдьыбыт киһи регистрацияламмыт. Итинэн сибээстээн, үөрэҕирии тэрилтэлэригэр хааччахтыыр миэрэлэртэн түһүмэҕинэн тахсарга сүбэлиибит. Ол курдук, 5-8 кылаастарга үөрэх дистанционнай көрүҥүн хаалларарга, 9, 10, 11 (12) кылаас үөрэнээччилэригэр очнай көрүҥү төннөрөрү этэбит», – диэн бэлиэтээтэ Георгий Игнатьев.
Куруһуоктарга, секцияларга, эбии дьарыктарга, тэрээһиннэргэ хааччахтааһын оннунан хаалар. Санитарнай эрэсиими тутуһууну хонтуруоллааһыҥҥа Дьокуускай куорат Административнай хамыыһыйатын үлэтэ күүһүрэр. Очнай көрүҥүнэн үөрэнэр алын кылаас үөрэнээччилэрин ортотугар ыарыыны кэтээн көрүү хонтуруола салҕанар.
«Итини таһынан, грипптэн уонна ОРВИ-ттан быһыыны оҥоруу тэтимин күүһүрдэр ирдэнэр», – диэтэ Георгий Игнатьев.
Үөрэҕирии Управлениетын начаалынньыга Алексей Семенов бэлиэтээбитинэн, оскуолаларга дезинфекциялыыр сириэстибэлэринэн генеральнай убуоркалар, төрөппүттэри кытта профилактическай тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Үрдүкү кылаастар очнай үөрэхтэрэ саҕаламмытынан оскуола иһигэр киириигэ температураны кээмэйдээһин, мааскалаах эрэсиим, уруок кэмигэр уонна быыһыгар үөрэнээччилэри арааран үөрэтии тутуһуллар.
Алтынньы 16-22 күннэригэр Дьокуускай куорат территориятыгар 1-11 кылаастар үөрэнээччилэрэ кыттыылаах култуурунай, спортивнай уонна да атын маассабай тэрээһиннэр ыытыллыбаттар.
Алтынньы 18 күнүттэн 9, 10, 11 (12) кылаас үөрэнээччилэригэр уопсастыбаннай тырааныспарга каарта үлэтэ сөргүтүллэр.