Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатыгар саҥа киин арылынна
Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах клиническэй балыыһатыгар Глаукома киинэ арылынна. Кииҥҥэ глаукомалаах ыарыһахтар регистрдара оҥоһуллар. Бу туһунан социальнай ситимнэргэ ыытыллыбыт быһа эфиргэ тэрилтэ кылаабынай бырааһа Иван Луцкан иһитиннэрбит.
«Быйыл балыыһа иһинэн Глаукома киинэ арылынна, онно икки быраас ити эрэ ыарыынан дьарыктаналлар. Ааспыт нэдиэлэ бүтэһигэр глаукомалаах ыарыһахтар регистрдарын оҥорор туһунан доруобуйа харыстабылын Министиэристибэтин бирикээһэ тахсыбыта. Ити биһиги балыыһабытыгар саҥа сүүрээн. Билигин итинник диагнозтаах ыарыһахтары харах быраастара олорор сирдэринэн көрүөхтэрэ. Регистрга эмтээһин бары дааннайдара киириэхтэрэ. Салҕыы бырааһы кытта портал нөҥүө сибээстэһиэххэ сөп буолуо. Итини сэргэ, эмтэниини көтүттэххэ, быраас пациеҥҥа биллэриэн сөп», - диэтэ Иван Луцкан.
Быраас регистр чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ глаукоманы үөрэтэргэ научнай чинчийиилэр ыытыллыахтара диэн эбэн эттэ.