Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн!
Муус устар 27 күнэ. Дьокуускай
Киин куорат бары уокуруктарыгар Саха сирин чулуу дьонун мэҥэ таастарыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу буолла.
Киров уулуссатыттан (Ленин болуоссатыттан Комсомольскай болуоссакка диэри) Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр аналлаах үөрүүлээх хаамыы ыытылынна.
Киин куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи Добун Оһуохай түмтэ.
Оһуохай кэнниттэн Эстрада тыйаатырын, филармония, «Туймаада» ансаамбыл кыттыылаах бырааһынньыктааҕы кэнсиэр буолла.
Комсомольскай болуоссакка фейерверк сандаарда.
Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө киин куоракка киэҥ далааһыннаах сэлэлии хаамыы, үөрүүлээх үбүлүөйбүтүн уруйдааһын-айхаллааһын түмсүүлээхпитин арылхайдык көрдөрдө. Халыҥ халҕаһанан өрөспүүбүлүкэ, куорат салалтата, бары салаалар тэрилтэлэрэ, уопсастыбаннай тэриллиилэр, устудьуоннар, ону сэргэ араас омук бэрэстэбиитэллэрэ биир кэккэнэн хаамтылар.
Большакова Елена Петровна, куорат олохтооҕо:
— Мин Үөһээ Халыматтан төрүттээхпин, куоракка көһөн кэлбитим аҕыйах сыл буолла, 83 саастаахпын. Быйыл дойдубар Үөһээ Халымаҕа өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан саамай бастакынан норуот маастара буоллум. Көһөн кэлиэхпиттэн куорат наһаа уларыйда диэн көрөбүн, дьиэ бөҕө тутулунна, салгыы маннык тубустаҕына наһаа үчүгэй буолуо этэ. Үөрэн-көтөн турабын, олус үчүгэй бырааһынньык буолан эрэр. Дойдум дьоно бары этэҥҥэ, доруобай сылдьыҥ диэн баҕа санаабын этэбин.
Эртюков Мирон Иванович, Экология министиэристибэтин үлэһитэ:
— Бүгүн наһаа үөрүүлээх күн, бары өрө көтөҕүллэн туран параадтыы сылдьабыт. Бэйэм Тааттаттан төрүттээхпин, ол иһин бэйэбит биир дойдулаахпытын Платон Алексеевич Ойуунускайы наар өрө тутабыт. Кинилэр баар буоланнар өрөспүүбүлүкэбит баар, балысханнык сайынна. Кэнники кэмҥэ төһө да уустук кэм үөскээбитин иһин сайдыы үчүгэйдик бара турар дии саныыбын. Ол курдук, бырагыраамалар, национальнай бырайыактар үлэлииллэр, үбүлээһин кэлэ турар. Өрөспүүбүлүкэбит салгыы сайыннын, бырааһынньыгынан биир дойдулаахтарбар бары үтүөнү баҕарабын!
Антон Васильев, Ыччат парламенын бэрэссэдээтэлэ:
— Бэйэм “Саха” НКИХ продюсерынан үлэлиибин, ыччакка аналлаах биэриилэри оҥоробут. Бүгүн икки бүк үөрүүлээх күн – өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах үбүлүөйэ уонна икки сылы быһа коронавирус пандемиятын хааччахтарынан олорон баран, дьэ бииргэ түмсэн бырааһынньыктаан эрэбит, наһаа үчүгэй. Ыччат өрөспүүбүлүкэбитин төрүттээбит улуу убайдарбытын чиэстиэхтээхпит, кинилэр үлэлэрин, сырдык санааларын өйдүү-саныы сылдьыахтаахпыт, оччоҕо эрэ сайдыы баар буолуоҕа. Билигин Аан дойдуга буола турар уустук балаһыанньа кэмигэр түмсүөхпүтүн наада. Барыгытын бырааһынньыгынан!