Үөрүүлээх түгэни - дьоһун көстүүлээх
Ыарыы кэмэ буолан, кээмэйбитин оскуолабытыгар технология учуутала Р.Н. Каратаеваҕа биэрбиппит. Төлөбүрүн эмиэ каартанан ыытыы буолбута. Сакаас, тэрээһин өттүн биир идэлээхпит Л.А. Егорова салайбыта.
Онтон аҕыйах хонугунан барыбытыгар сөрү-сөп гына тигиллибит дьахтар сахалыы моһуоннаах былаачыйалара, эр дьоҥҥо хомуһуоллар кэлэн, үөрүү-көтүү бөҕө буолбуппут. Сонно тута үбүлүөйбүтүгэр саҥа таҥаспытын кэтэн, оскуолабыт гимнин бука бары ыллаан ньиргиппиппит.
Салгыы улууспут тэриллибитэ 85 сылынан Кэбээйибит гимнин нэһилиэкпит атын тэрилтэлэрин кытта саҥа, ураты таҥастаах киэн тутта ыллаабыппыт. "Таҥаскыт наһаа үчүгэй, барыгытыгар олус барсар", - диэн хайҕал тылларын истибиппит.
Улуу Кыайыы күнүгэр дьахталлар маҥан былаат баанан "На сопках Маньчжурии" диэн нэһилиэкпитигэр хаһан да толоруллубатах ырыаны ыллаан, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыппыт. Онон Дьокуускай куоракка үлэлиир "Кэрэ" ателье тикпит кэрэ таҥаһын кэтэн, кэлэктиип барыта өрөйөн-чөрөйөн, астына сылдьабыт. Бу таҥаспытын оскуолабыт, нэһилиэкпит дьоро, үөрүүлээх күннэригэр кэтэбит.
Бэйэтэ эмиэ учуутал идэлээх, ол гынан баран өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан саха буоларбытын кэрэһилиир "Кэрэ" ательены төрүттээбит, киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт күндү Александра Саввична Колесоваҕа, кини салайар кэлэктиибигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Инникитин субу курдук өссө да үрдүк ситиһиилээх үлэни, саҥа сүүрээннэри баҕарабыт! Талааннаах тарбаххытынан, уран толкуйгутунан тикпит таҥастаргыт бар дьону үөрдэ турдуннар! Таҥас элбэҕи быһаарарын биһиги кэлэктииппит дьиҥ-чахчы итэҕэйдэ!
Барҕа махталы, дириҥ ытыктабылы кытта, Кэбээйи улууһун, Мукучу нэһилиэгин И.Е.Левин аатынан Танара оскуолатын кэлэктиибэ