09.04.2020 | 11:21

Үрүҥ халааттаах аанньаллартан хомойдум

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыалдьан нэһиилэ сылдьар киһиэхэ кыра да киһилии сыһыан наадатын өйдөөбөт быраастар бааллара олус да хомолтолоох.

Ааспыт 2019 сыл от ыйыттан иһим түгэҕэ ыалдьан, олорор сирбинэн Дьокуускай куорат 1-кы №-дээх поликлиникатын дьахтар консультациятыгар көрдөрүнэ барбытым. Анжела Георгиевна Оларь диэн гинеколог быраас приёмугар сылдьыбытым. Онно “иһим түгэҕэ ыалдьар, туох эрэ баар быһыылаах” диэбитим. Анаалыс ылбыта, УЗИга анаабыта. Онно УЗИга “эндометрия” диэн “саарбаҕалыыр ыйытык” тахсыбыта. “Мин эмтиир хайысхабар туох да ыарыы суох. Кыра миомалааххын. Мин ыарыһаҕым буолбатаххын. Оһоҕоһуҥ быһыылаах, гастроэнтерологка бар”, – диэбитэ.

Онно тиийбиппэр, “ректоскопияҕа” ыыппыттара. Толуоммун икки нэдиэлэ уочараттаан ылбытым кэннэ, аны онно кыайан көрбөтөхтөрө. Ол иһин “рентген с контрастом” диэҥҥэ ыыппыттара. Аны онно толуоммун 1,5 ый кэриҥэ кэтэспитим. Дьэ, ол баҕалаах эрэнгиэммэр түһэн баран, гастроэнтерологка тиийбитим, бырааһым уоппускаҕа баран хаалбыт этэ. Бүттэхпит.

Онтон быйыл, 2020 сыл тохсунньу 21 күнүгэр, хааным баран, 1-кы поликлиникаҕа гинеколог бырааспар А.Г. Оларьга иккистээн кэлэбин. Онно кэлбиппэр “соскоб” анаалыһын ылбыта. Ол анаалыһым “искэн килиэккэтэ” баарын көрдөрбүтэ. Бырааһым, дьэ, ыксаан, анаалыс бөҕөнөн сүүрдүбүтэ, поликлиника онколог бырааһыгар ыыппыта. “Анаалыһыҥ барыта баар. Икки хонугунан онкология диспансерыгар бараар” диэн направление биэрбиттэрэ.

Онкологическай диспансер гинекологическай отделениетын сэбиэдиссэйин э.т. С.А. Мырееваҕа тиийбиппэр, “икки анаалыһыҥ итэҕэс, ону барытын ааһан кэллэххинэ, тута ылыаҕым” диэн эттэ. Онтум баара “УЗИ малого таза» уонна ФГДС ааһыахтаах эбиппин. Ыарыһах онкология диспансерыгар киирэригэр ханнык анаалыс ирдэнэрин 1-кы №-дээх поликлиника хайа да бырааһа билбэтэ тоҕо сүрэй? Онон эмиэ бириэмэ бөҕөтүн бараатым.

Дьэ ситэн иккистээн диспансерга киирээри кэлбиппэр, Светлана Анатольевна: “Киһи элбэх, миэстэ суох”,- диэн көрүстэ. Мин, нэһиилэ сылдьар киһи, хомойоммун тугу да саҥарар кыаҕа суох олордум, арай хараҕым уута субуруйан олордо. Ону көрөн бырааһым: “Ты здесь истерику не закатывай!” - диэн кыыһырыылаах буолла. Ыалдьан нэһиилэ сылдьар киһиэхэ кыра да киһилии сыһыан, быһааран биэрии наадатын өйдөөбөт быраас буолан биэрдэ.    

Диспансерга киирии – туспа кыһалҕа

Дьэ, ити курдук, диспансерга киирээри “онон-манан кэпсэтиннэрэн”, тохсунньу 30 күнүгэр дьэ киирдим. Аны онно киирэн баран, өттүгүм көһүйүөр диэри 5 хонугу быһа сыттым. Ол тухары ким да киирэ сылдьыбат, “обход” даҕаны оҥорботтор. Онтон 5 хонон баран биирдэ “биопсия” ыллылар. Аны ол түмүгүн 10-ча күн кэтэһэҕин. Доруобуйам мөлтөөн киирэн барда, иһим түгэҕэ абытай ыарыы, олордубат да, туруорбат да үлүгэрэ. Ол түгэни тустаах эрэ киһи билэн эрдэҕэ...

Олунньу 11 күнүгэр эпэрээссийэм буолар буолла. Онно киирэргэ “2 оҕо х/б пеленката, икки биирдэ туттуллар пеленка, инчэҕэй салфетка, бытыылка уу, о.д.а. бытархай сээкэйи” ыларбар эттилэр. Эпэрээссийэ саҕаланыан иннинэ, көхсүбүнэн олордон, “сискэр катетер туруорабыт, эпэрээссийэ кэнниттэн онно “обезболивающай” биэриэхтэрэ, ыарыытын билиэҥ суоҕа” диэтилэр. Икки эдэр уол чаас аҥаарын быһа сиспин хаһан, сатаан туруорбакка эрэйдээтилэр. “Эн урут туруорбутуҥ дуо?», “Суох. Бастакы туруорааһыным” диэн бэйэ-бэйэлэрин икки ардыгар кэпсэтэллэр. Ити курдук “подопытнай кролик” оҥоһуннулар. Ол туруорбут катетердарыгар биирдэ да “обезболивающай” туруорбатахтара. Оннук гынан сиспин хаспыттара, билигин сиһим ыалдьан эрэйдиир, уһуннук олордубат.

Ол гынан 6 чаастаах эпэрээссийэни аастым. Катетеры сыыһа туруорбуттарын түмүгэр реанимацияҕа сыттахпына убаҕаһым барыта таһынан кэлэн, сытар пеленкабын дэлби марайдаата. Сиэстэрэни ыҥырыахпын, реанимация хоһун иһигэр биир да сиэстэрэ чугаһынан суох. Хаһыытыахпын сэниэ суох. Хааным баттааһынын кэмниир манжет былчыҥмар эриллэн баран сытар. Олох үлэлээбэт. Кыраадыспын, пульспун кээмэйдиэхтээх тэрил аттыбар сиргэ намылыйан турар. Ким да ону үлэлэтэн көрбөт, бэрэбиэркэлээбэттэр. Аттыбар икки эр киһи сытар. Биирдэрэ, ыарыыта бэрдиттэн быһыылаах, “обезболивающай” көрдөөн, сиэстэрэлэри ыҥыра сатыыр да, истибэттэр, кэлбэттэр. Ону аттыгар сытааччыта: “Улаханнык хаһыытаа,  кэлиэхтэрэ да суоҕа”, – диир. Ол сытан төбөбүн туттан көрбүтүм, төбөм оройунан улахан баҕайы “шишка” баарын булан ыллым. 5 см кэтиттээх, 2,5 см үрдүктээх быһыылаах. Ол миэстэтэ билигин бу тараҕайданан хаалбыт. Туох ааттаахха кыһарыйбыттара буолла? Билигин да сатаан өйдөөбөппүн.

                  Реанимация үлэтэ мөлтөх

Уопсайынан, онкология диспансерын реанимация отделениета олох мөлтөх үлэлээх диэн бэлиэтиибин. Ыарыһахтарга кыһаллыбат, хаҕыс сыһыаннаах диэн аһаҕастык тус санаабын этэбин. Син биир өлөр ыарыылаах, “бириигэбэрдээх” дьоҥҥо наадыйбаттара дуу?..

Аны реанимация хоһо хараҥата, уота-күөһэ мөлтөҕө, чэнчиһэ суоҕа киһи санаатын баттыыр. Чахчы даҕаны, өрүттүбэт ыарыы буулаабыт диэн санааттан даҕаны, киһи тыыннаах эргиллэн тахсыбат дойдута курдук. Дьиҥинэн, аҕыйах эрэ сыллааҕыта саҥа балыыһаҕа киирэн үлэлии олороллор ээ. Саатар, “стерильнэй” бэрэбээски суоҕа сөхтөрөр. Эпэрээссийэни оҥорор балыыһа ааттаах эрээри, ыарыһах тастан бэйэтин кытта х/б пеленканы киллэрэрэ хайдаҕа эбитэ буолла? Бэйэм биэс эпэрээссийэни ааспытым. Атын сиргэ ханна даҕаны маннык тастан матырыйаалы ирдээбиттэрин өйдөөбөппүн. Аны 6 чааһы быһа эпэрээссийэлээн баран, катетеры сатаан туруорбат диэн туох аатай?!

Бу балыыһаҕа 5 күн сытан тахсаары, наһаа элбэх ыйытык үөскээтэ, үлэлэрин астымматым. Саатар, сиэстэрэлэр хос иһигэр олорботтор. “Ыҥыраарыҥ” диэн баран, тахсан хаалаллар. Ыарахан туруктаах сытар киһи хаһыытыыр сэниэлээх буолуо дуо? Хаһыытаабатаххына, ким да эһиэхэ наадыйыа суоҕа. Көрөр-истэр, кэлэн көрсөр киһиҥ суох буоллаҕына, түргэнник өбүгэҥ дойдутугар аттаныаххын сөп.

Түөн саҕа үтүө санаа, кыһамньы хайаан да наада

Онкология реанимациятыгар моонньубар канюля туруоран, онон укуол, капельница оҥороллоро. Онно саһархай өҥнөөх антибиотигы сиэстэрэ, кэллэ да, түргэн-түргэнник биэрэр этэ. Ол аайы сүрэҕим айахпынан тахса сыһан, “бу эмкитигэр сөп түбэспэппин быһыылаах, тута тахикардия буолар” диирбин, “оннук буолааччы” диэн улахаҥҥа уурбата. Онтон 2-с №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа тиийбиппэр, ол уколбун канюлябар аа-дьуо  ыыталлара, олох да тахикардиялаабат этим. Онон онкология реанимациятыгар укуол хайдах да бэриллэрин билбэттэр эбэтэр олох да наадалааҕынан аахпаттар эбит. Киһи төһө эмэ этэ сатыы сыттаҕына, укуоллуохха эрэ диэн түргэн үлүгэрдик “сар” гыннаран баран тахсан бараллар. Итиннэ мөлтөх сүрэхтээх киһи сүрэҕэ да тохтуон сөп буоллаҕа. Уопсайынан, киһиэхэ киһилии элэккэй сыһыан хааппыла да кэриҥэ суох сирэ эбит. Маннык ыарыыга ылларбыт киһиэхэ кыра да сылаас сыһыан, истиҥ тыл наһаа наада.

Эпэрээссийэ кэнниттэн нэһиилэ сытар ыарыһаҕы, эгэ, сирэйин илитэн ылыахтара дуо?! “Сирэйбин илитэн биэриэххит дуо?” диэн көрдөспүппэр, бэйэм аҕалбыт инчэҕэй салпыаккабын “мэ, сотун” диэн аҕалан биэрбиттэрэ. Тиискин суунуоххун баҕарбытыҥ да иһин, кыах суох. Көмөлөспөттөр. Сытар ыарыһаҕы сууннарбаттар. Үлэҕэ сыһыаннарыттан көрдөххө, маннык күнэ-дьыла ааҕыллыбыт, уһугулаабыт ыарыһахтарга сөп буолбуттар быһыылаах.

*    *    *

Миигин эпэрээссийэлээбит онколог-хирург Петр Владимирович Никифоровтан ураты ыарыһахха истиҥник сыһыаннаһар, кэпсэтэр бырааһы, орто персоналы тус бэйэм көрбөтүм. Петр Владимирович аламаҕай сыһыаннаах, үтүө санаалаах, сүрдээх киэҥ билиилээх хирург эбит. Киниэхэ махталым муҥура суох. Үөрэн-көтөн, мичээрдээбитинэн, кэпсэппитинэн киирдэ5инэ, санаалыын уоскуйаҕын, ыарыыгын да умнаҕын. Барытын лоп курдук быһааран биэрэрэ, сүбэлиирэ, эчи, үчүгэйин. Аҕыйах хонон баран өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с №-дээх балыыһаҕа көһөрбүттэрин кэннэ, кэлэн турукпун көрөн-истэн барара  – кини үлэтигэр бэриниилээҕин туоһулуур.

Оҕо сиидэс пеленкатын аһаҕас бааска

саба уураллара төһө сөбүй?

Саҥа эпэрээссийэлэммит киһиэхэ барыта “стерильнэй” буолуохтааҕа буолуо эрээри, испин хайытан, эпэрээссийэлээн баран, тастан бэйэм киллэрбит х/б пеленкабын түөрт гына аҥаардаан, бүк тутан, аһаҕас баас үрдүгэр ууран кэбиспиттэрин кэлин биирдэ өйдөөн көрбүтүм. Дьиҥинэн, ханна да сууйуллубатах, “стерилизацияламматах” буоллаҕа. Маннык бэрэбээскилээх 2-с №-дээх балыыһа реанимациятыгар тиийбиппэр, бэрэбээскибин көрөн баран: “Хайа, стерильнэй бэрэбээскиҥ ханна баарый?» - диэн ыйыппыттарыгар, “оттон бу дии” диэн, оҕо сиидэс пеленкатын көрдөрбүппэр, соһуйбуттара аҕай.

Иккис күммэр уопсай палаатаҕа (онкология диспансера) таһаарбыттара. Онно сытан, убаҕаһым кыайан кэлбэккэ, этим-сииним дэлби иһэн (отек) хаалла. Бүөрүм аккаастыы сыста. Манна даҕатан эттэххэ, 2012 сыллаахха уҥа бүөрүм хатан хаалбытын ылбыттара. Онон биир эрэ бүөрдээхпин. Бүөрүм үлэтин көрдөрөр анаалыс – креатинин 500-тэн тахса буолла. Үлэһиттэр палаатаҕа кэлэн көрө-көрө сүтэн хаалаллар. Оннук гынан “бээтинсэттэн бэнидиэнньиккэ диэри кэтээн көрүөхпүт” диэн буолла. Ону, хата, быһаарсар, сытыы оҕолордоох буоламмын, улаханнык айдаарсан, быһаарсан туран, 2-с №-дээх балыыһаҕа бүөрүм аккаастаары гынан, суһаллык көһөрбүттэрэ.     

                          Араастаһар да буолар эбит

    Олунньу 14 күнүгэр 2-с №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа уопсай реанимациятыгар тиийбитим, онкология реанимациятыттан чыҥха атын, сирдээх халлаан курдук. Ып-ыраас таҥаска сытыардылар. Сууннардылар. Реанимацияҕа сытар ыарыһаҕы күн аайы эргитэ сылдьан баттаҕыттан саҕалаан атаҕар тиийэ сууннараллар эбит. Сыппытым чаас эрэ буолаатын кытта утуйар таҥаспын иккистээн уларыттылар. Олох атын хартыына, атын сыһыан эбитин көрөммүн, мэктиэтигэр, уйадыйан, ытамньыйан ыллым. Үлэһиттэр, эчи, кыһамньыларын, элэккэйдэрин, кэпсэтэллэрэ истиҥин, көрөллөрө-истэллэрэ, туталлара-хабаллара сымнаҕаһын. Ыарыһахха сыһыаннарын этэ да барбаккын, киһилии сыһыан чахчы баар дойдута эбит.

Иккис сууккабар гинекологияҕа көһөрбүттэрэ. Быраас Л.Н. Игнатьева бүөбэйдээн, көрөн-истэн, эмтээн, олунньу 26 күнүгэр балыыһаттан тахсыбытым. Түгэни туһанан, миигин эмтээбит, көрбүт-харайбыт анестезиолог быраастарбар – И.Н. Борисовка, А.Л. Ощепковаҕа, сиэстэрэлэр Анна Слепцоваҕа, Юлия Романоваҕа, санитардарга Сардана Хастаеваҕа, Степан Аянитовка махталым муҥура суох.

Доруобуйа министиэристибэтин болҕомтотугар

Быраастар бириэмэтигэр сөптөөх диагноһы туруорбатахтарыттан, бэйэ-бэйэлэригэр “мээчиктэһиилэрин” түмүгэр, бириэмэ бөҕөтүн сүтэрэн, доруобуйабын улаханнык айгыраттым, улахан охсууну ыллым. Хас процедураҕа, бэрэбиэркэҕэ толуон кэтэһиитэ, уоппускаҕа барбыт бырааһы кэтэһии... Бу балыыһа үлэтэ тупсубутун туһунан быраастар олохтоох телевидениеҕа тахсан кэпсииллэрин, хаһыакка интервью биэрэллэрин хаста да аахпытым. Ыарыһах ураты сылаас сыһыаҥҥа, болҕомтоҕо сырыттаҕа диэн испэр сэмээр махтанарым. Онтум букатын тиэрэ өттүттэн эргийбититтэн, үрүҥ халааттаах аанньалларбыт ыарыһахха сыһыаннара хаҕыстыйбытыттан хомойдум, кэлэйдим. Бэйэм хаһан да онно-манна суруйбатах киһибин. Онкология диспансерын реанимацията хайдах балаһыанньаҕа үлэлии олорорун дьон-сэргэ биллин диэн, ааппын-суолбун кистээбэккэ, кыбыстыбакка туран суруйабын. Баары баарынан – үчүгэйи, куһаҕаны барытын тэҥнии тутан.

  Маны Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин өттүттэн ким эмэ ааҕан, баҕар, болҕомтоҕо ылыа эбитэ дуу диэн санааттан... 

Полина ХАЧЧАГАЕВА,

Дьокуускай куорат олохтооҕо

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...