11.09.2022 | 07:00

Өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн, тапталлаах куораппыт!

Өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн, тапталлаах куораппыт!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Дьокуускай куорат үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибин!

Сотник Петр Бекетов этэрээтэ Дьокуускай (Ленскэй) остуруогун олохтуоҕуттан ыла хас үүнэр сыл биһиэхэ дьоһун суолталаах. Ол эрэн быйылгы сыл икки бүк ураты – биһиги Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиибит. Автономияны ылыы хотугу кыраай бүттүүнүн дьылҕатыгар сүдү суолталаммыта. Ити Дьокуускай куорат наука, үөрэҕирии, култуура киинин быһыытынан сайдыытыгар олук уурбута саарбаҕа суох.

Дьокуускай – дэҥҥэ көстөр куорат. Ити ирбэт тоҥҥо турар саамай бөдөҥ киин куорат быһыытынан эрэ буолбатах.  Төһө да тыйыс айылҕалаах уонна Арассыыйа тэбэр сүрэҕиттэн тэйиччи буолбутун иһин, өрөспүүбүлүкэ киин куората дойду үрдүнэн балысханнык сайдар куораттартан биирдэстэрэ! Уһук Илин IT-киин куората, сайдыытын тэтиминэн федеральнай уокурукка инники кэккэҕэ сылдьар ураты тыыннаах куорат – бу барыта тапталлаах Дьокуускайбыт.

Дьокуускай 390 сыллаах уонна өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйдэрин улахан ситиһиилэрдээх көрүстэ.  Ити сыллар тухары кини кытыы сиргэ турар кыра куораттан аныгы, бөдөҥ урбанистическай кииҥҥэ кубулуйда.

Куорат салгыы тэтимнээхтик улаатар уонна сайдар. Кэнники сылларга инфраструктураны тупсарарга дьоһун хардыыны оҥордубут. Саҥа кыбаарталлар, дьоҕус оройуоннар баар буоллулар, дьиэлэр, социальнай эбийиэктэр, суоллар тутуллаллар. Итинтэн үксэ дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин көҕүлээһининэн олоххо киирэр национальнай бырайыактар көмөлөрүнэн, федеральнай киин өйөбүлүнэн олоххо киирэр. 

Аны 10 сылынан Дьокуускай төрүттэммитэ 400 сылын бэлиэтиибит. Онуоха диэри дьон олоҕун-дьаһаҕын хаачыстыбатынан дойду бастыҥ куораттарын кытта биир кэккэҕэ туруохтаах.  Тыйыс айылҕалаах сиргэ олорор дьоҥҥо табыгастаах, тупсаҕай уонна бастыҥ куоратынан буолуохтаах.

Күндү доҕоттор!

Бу бэртээхэй күһүҥҥү күҥҥэ эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, туох баар саҕалааһыҥҥытыгар ситиһиини, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну, эйэни уонна үтүөнү баҕарабын! Дьокуускайбыт чэчирии сайыннын! Бырааһынньыгынан!

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев

 

Ытыктабыллаах киин куорат олохтоохторо! Күндү биир дойдулаахтарым!

Олохтоох дьаһалта уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Дьокуускай төрүттэммитэ 390 сылынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Куорат историята кини сайдарын туһугар туруулаһар, үлэлиир, айар-тутар олохтоохторуттан быһаччы тутулуктаах. Саха сирин хас да көлүөнэ олохтоохторун дьаныардаах үлэлэринэн, талааннарынан, үтүө санааларынан ирбэт тоҥ тыйыс усулуобуйатыгар Дьокуускайы дьон олороругар бастыҥ куорат оҥорор туһугар эрэллээхтик хардыылыыбыт!

Бүгүн Дьокуускай сайдыытыгар ураты кылааттарын киллэрбит чулуу олохтоохторбутун, аҕаларбыт уонна эһэлэрбит кыайыыларын, билиҥҥи көлүөнэ дьон ситиһиилэрин чиэстиибит, ахтан-санаан ааһабыт. Үүнэр көлүөнэбитигэр эрэнэбит уонна кинилэр хорсун баҕа санаалара булгуччу туолуоҕа диэн итэҕэйэбит!

Өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна федеральнай киин өйөбүллэринэн Дьокуускайга саҥа кыбаарталлар элбииллэр, оҕо уһуйааннара уонна оскуолалар тутуллаллар, тиэргэннэр тупсарыллаллар, суоллар өрөмүөннэнэллэр, саҥа уопсастыбаннай эйгэлэр уонна доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрэ аһыллаллар, оптуобус паарката уонна хомунаалынай тиэхиньикэ саҥардыллар – бу барыта куораты, нэһилиэнньэ олоҕун тупсарар.

Аны 10 сылынан Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук кырдьаҕас куората Дьокуускай 400 сааһын бэлиэтиэҕэ. Дьокуускайбыт үбүлүөйүн киэркэйэн, үлэлииргэ, олорорго, айарга-тутарга бары өттүнэн табыгастаах буолан,  XXI-с үйэҕэ Арассыыйа бөдөҥ регионун киин куоратын аатын дьоһуннук сүгэн көрсүөҕэ диэн эрэнэбин.

Бырааһынньыгынан, күндү куорат олохтоохторо! Эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар эйэни, үтүөнү уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын! Дьокуускайбыт үүнэ-сайда, чэчирии турдун!

Төрөөбүт күҥҥүнэн, тапталлаах куораппыт!

 

«Дьокуускай куорат» куорат уокуругун баһылыга Евгений Григорьев

 

 

Күндү Дьокуускай куорат олохтоохторо!

Дьокуускай куорат Дууматын уонна тус бэйэм ааппыттан тапталлаах куораппыт төрөөбүт күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Киин куораппыт 400 сааһыгар эрэллээхтик хардыылыырыгар, уларыйарыгар, тупсарыгар куорат хас биирдии олохтооҕо кыттар. 2022 сыл Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев куораппыт социальнай-экономическай сайдыытын туһунан Ыйааҕа олоххо киириитин бастакы сылынан буолла. Ыйаах сүрүн сыала – экономическай, научнай, үөрэҕирии, култуура уонна инновация сайдыытыгар, куорат эйгэтин саҥардыыга олоҕуран, нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарыы.

Билигин өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна федеральнай киин өйөбүллэринэн киин куорат инфраструктурата сайдарыгар үгүс үлэ оҥоһулунна. Кэнники сылларга Дьокуускай тэтимнээхтик сайдара көстөр. Архитектурата уларыйар, суола-ииһэ саҥардыллар, кыбаарталлар тупсарыллаллар, көҕөрдүү үлэтэ ыытыллар, оҕо уһуйааннарын курдук олус наадалаах социальнай эбийиэктэр үксүүллэр, спорт уонна оҕо балаһааккалара тутуллаллар уонна саҥардыллаллар. Гражданнары хаарбах туруктаах уонна эргэ дьиэлэртэн көһөрүүгэ аадырыстаах бырагыраама олоххо киириитэ салҕанар, тулаайах оҕолор дьиэнэн-уотунан хааччыллаллар.

Биһиги иннибитигэр киэҥ далааһыннах соруктар тураллар: нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарыы, киин куорат эйгэтигэр инвестицияны тардары уонна күрэстэһиини үрдэтии, ырыынак инфраструктуратын сайыннарыы.

Күн аайы биһиги Дьокуускай тупсарын туһугар үлэлиибит, саҥа бырайыактары оҥоробут, манна оҕолорбут үөрэнэллэр. Күнтэн күн киин куорат олоҕор туох эрэ саҥаны киллэрэбит, биир сиргэ турбаппыт, ону куорат олохтоохторо да, ыалдьыттара да бэлиэтии көрөллөр. Инникитин да ситиһиибитин үксэтэр курдук туох баар сырабытын ууруохпут!

Күндү доҕоттор, Саха сирин олохтоохторо! Хорсун үлэҕит, тулуургут, олорор, үлэлиир, оҕолоргутун улаатыннарар сиргитигэр үтүө сыһыаҥҥыт уонна тапталгыт иһин ис сүрэхпиттэн махтанабын. Үлэбитин уонна кыһамньыбытын холбоон эрэ кыһалҕалары быһаарар уонна аныгылыы тупсаҕай Дьокуускайы тутар кыахтаахпыт диэн бигэ эрэнэбин!

Дьоллоох Дьокуускай куораппыт сайда-үүнэ, тупса турдун, кэскиллээх буоллун! Эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар үөрүүнү-көтүүнү, чэгиэн доруобуйаны, инникигэ дьулуһууну, үгүс ситиһиини баҕарабын! Уруй! Айхал!

 

Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семёнов 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....