23.10.2023 | 17:30 | Просмотров: 476

Өрөбүллэргэ «Саха сирин балыга - 2023» дьаарбаҥка ыытыллыаҕа

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат Аччыгый баһаарын балаһааккатыгар, алтынньы  28-29 күннэригэр, үгэс буолбут «Саха сирин балыга - 2023» быыстапка-дьаарбаҥка ыытыллыаҕа диэн СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Бэйэлэрин бородууксуйаларын тыа хаһаайыстыбатын кооперативтара, арктическай улуустар общиналара, балык бородууксуйатын эйгэтигэр үлэлиир урбаанньыттар аҕалыахтара. Тэрээһин ыалдьыттарын үгэс буолбут «Полевая уха» уонна дегустация күүтэр.

«Саха сирин балыга» быыстапка-дьаарбаҥка балыгынан дьарыктанар хаһаайыстыбалары уонна чааһынай оҥорон таһаарааччылары өйүүр сыаллаах ыытыллар. Куорат олохтоохторо хаачыстыбалаах, сибиэһэй бородууксуйаны тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыттан чэпчэки сыанаҕа атыылаһар кыахтаныахтара», – диэн бэлиэтээтэ өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл политикатын миниистирэ Артем Александров.

Быыстапка-дьаарбаҥка Аччыгый баһаар балаһааккатыгар (Киров уул., 12/1в, Кырдьаҕас куорат оройуона) 10:00 чаастан 17:00 чааска диэри ыытыллыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.