09.02.2022 | 15:20

Пууну кэҥэтии үлэтин – ураты хонтуруолга

Пууну кэҥэтии үлэтин – ураты хонтуруолга
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэнидиэнньик аайы ыытыллар үгэс буолбут уопсай мунньахха Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев Очиченко, 57 аадырыска турар Көрүүтэ-истиитэ суох кыыллары быстах кэмҥэ тутар пууну кэҥэтэр үлэни ураты хонтуруолга ыларга соруйда. Бу туһунан олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

“Мин Автодорожнай уулуссаҕа турар быстах кэмҥэ тэриллибит пууну икки ыйынан сабыахпыт диэн дьоҥҥо эрэннэрбитим. Онон бу болдьоҕунан сирдэтинэргитигэр ыҥырабын”, – диэтэ куорат баһылыга.

Маны сэргэ, Евгений Николаевич ОСВВ (тутуу-стерилизация-вакцинация-төннөрүү) процедуратын оҥорорго, ыттары олохторун тухары иитэргэ уонна приют тутуутугар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн субвенция үбүлээһинин түргэтэтэргэ соруйда.

“Ааспыт нэдиэлэҕэ куорат олохтоохторуттан ыттары тутарга сайаапка киирэрэ аҕыйаата. Дойду араас регионнарыттан “кыыллары көмүскээччилэр” үҥсүүлэрэ аҕыйаата. Ол эрээри тэтиммитин ыһыктарбыт табыллыбат, сотору саас кэлиэ, “ыттар сыбаайбалара” саҕаланыа. Онон ыттары тутар үлэни маннык эрэсииминэн, билиҥҥи сокуону тутуһан, салҕааҥ”, – диэн ыҥырда Евгений Григорьев.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 10:00
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Кытай култуууратыгар 12 бэлиэ бары бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтэр. Ону таһынан хас биирдии бэлиэ бэйэтигэр чугас, ханыылыы бэлиэни тардар. Дьэ, онон, Илиҥҥи гороскобунан күөх Моҕой эн төрөөбүт сылгар хайдах сабыдыаллыырын билиэхпит. Моҕой илиҥҥи үгэһинэн муударай, мындыр өйдөөх, кистэлэҥ күүстээх быһыытынан биллэр. Ол гынан баран моҕой – барытын ааҕан-суоттаан сылдьар сиэмэх кыыл,...
Сыл бастыҥнарын чиэстээһин
Спорт | 27.12.2024 | 14:00
Сыл бастыҥнарын чиэстээһин
Сахабыт сиригэр физкултуурунай-спортивнай хамсааһын уһулуччулаах салайааччыта, тэрийээччитэ Н.Н. Тарскай үбүлүөйдээх 100 сылыгар анаммыт быйылгы Чөмпүйүөннэр бааллара “Триумф” спорт уораҕайыгар үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.   Спорка ситиһиилэрбит улахан экраҥҥа сиһилии көрдөрүлүннүлэр. Ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр киэргэтэн-тупсаран биэрдилэр. Үөрүүлээх тэрээһин биир уратытынан аҕам саастаах спорт бэтэрээннэрэ киин подиумҥа биирдии-биирдии ыҥырылланнар, ааттара-суоллара дуораһыйан, бар дьон ортотугар спорка...
Киһи хантан күүс ыларый...  
Сонуннар | 24.12.2024 | 19:18
Киһи хантан күүс ыларый...  
Кырдьыга даҕаны, киһи хантан күүс ыларый? Киһи күүһэ туохханый... Киһи киһи быһыытынан күүһэ санаатыгар, ол күүс мунньуллан-мунньуллан таска тахсыытыгар уох, ис күүс, эньиэргийэ эбиллэн, күүстээх-уохтаах, ис-тас туруктуун биир таһымҥа тахсан, кыайыылаах-хотуулаах, ситиһиилээх суолу тэлэр.  Дьэ ол күүс-уох хантан кэлэрин дьэҥкэтик билэр СӨ норуот айымньыта сайдыытыгар кылаатын иһин бочуоттаах бэлиэ хаһаайката,...