«Пушкин каартатын» ыччат тоҕо туһаммат?
Куоракка буолар үгүс тэрээһиннэр биллэриилэрин анныгар “Пушкин каартатынан сылдьыахха сөп” диэн эбии суругу бэлиэтии көрөр буолбуппут ыраатта. Бу виртуальнай эбэтэр пластик “Мир” каарта 14 сааһыттан 22 сааһыгар диэри ыччакка босхо бэриллэр.
Пушкин каартатынан ыччат музейдарга, кэнсиэртэргэ, быыстапкаларга, оннооҕор киинэҕэ сылдьыан сөп. Сылга 5000 солк. көрүллэр. Бэлиэтээн эттэххэ, бэйэбит дойдубутугар уһуллубут киинэлэргэ эрэ киириэххэ сөп.
“Пушкин каартатын” ыларга “Госуслуги. Культура” сыһыарыыны хачайдаан виртуальнай карта оҥостоҕут. Маныаха судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар учетнай записьтаах буолуохтааххыт.
Пластиковай “Пушкин каартатын” “Почта Банк” бары салааларыгар пааспардаах уонна СНИЛС-таах тиийэн оҥоттороҕут. Культура.рф саайтка тэрээһиннэри билсэ олоруохха сөп.
Өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн билигин “Пушкин каартатын” 24 тыһыынча кэриҥэ киһи туһана сылдьара бэлиэтэнэр. Дьиҥэ, ааҕан көрүүнэн, 110 тыһыынча киһи туттуон сөптөөх эбит. “Пушкин каартата” – судаарыстыба үп тыыран ыччаты кэрэ эйгэтигэр сыһыарар уонна култуура эйгэтин өйүүр өссө биир ньымата буоларын өйдөөн, туспутугар туһаныаҕыҥ!