«Птицефабрика» хочуолунайын тутуу иккис түһүмэҕэ саҕаланна
«Птицефабрика» дьоҕус оройуоҥҥа кэлэр нэдиэлэттэн 34 мВт кыамталаах саҥа хочуолунайы тутуу салҕанар. Эбийиэк үс аҥаар тыһыынча нэһилиэнньэ олорор 290 чааһынай уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэни сылааһынан уонна итии уунан хааччыйыаҕа.
Тутуу сакаасчыта – «Теплоэнергия» АУо, бэдэрээтчит – «Ленагазстрой» ХЭТ.
Эбийиэк алтынньы ый эргин үлэҕэ киириэҕэ, оттон эргэ хочуолунай резервэҕэ үлэлии туруораҕа.
«Теплоэнергия» АУо генеральнай дириэктэрэ Михаил Воробьев иһитиннэрбитинэн, тутуу бастакы түһүмэҕин иитинэн тустаах оборудование атыылаһыллыбыт уонна хочуолунай дьиэтэ тутуллубут. Иккис түһүмэххэ носуос уонна теплообменник туруоруута, уу, уот, гаас ситимнэрин тардыы киирсэр. Хочуолунайга автоматическай эрэсиимҥэ үлэлиир аныгы оборудование туруоруллар. Уопсайа 34 МВт кыамталаах 5 хочуол туруохтаах: 10 МВт кыамталаах 3 уу сылытар хочуол уонна биирдиитэ 2 МВт кыамталаах итиини биэрэр 2 агрегат.
«Птицефабрика» хочуолунай «Теплоэнергия» АУо инвестиционнай бырагырааматынан тутуллар, диэн Yakutskcity.ru сайт иһитиннэрэр.