16.09.2022 | 12:00 | Просмотров: 804

Промышленнай уокурук олохтоохторун босхо юридическай консультацияҕа ыҥыраллар

Балаҕан ыйын 17 күнүгэр, субуотаҕа, Промышленнай уокурук олохтоохторугар анаан босхо юридическай консультация ыытыллар диэн иһитиннэрдэ Олохтоох дьаһалта Правовой департамена.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Босхо юридическай консультация ыытыллар сирэ: Дьокуускай куорат, Советскай Армия 50 сыла уулусса, 33, Промышленнай уокурук Управатын дьиэтэ. Тэрээһин сарсыарда 09-00 чаастан 14-00 чааска диэри ыытыллар. 

Юридическай консультацияларга маннык тэрилтэлэр юристара кытталлар:

- Олохтоох дьаһалта Эппиэкэҕэ уонна попечительствоҕа салаата;

- Куораты тутуу уонна тырааныспар инфраструктуратын департамена;

- «Сир сыһыаннаһыыларын агентствота» МХТ;

- «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ;

- «Култуура уонна художественнай үөрэхтээһин агентствота» МБТ;

- «Гражданскай оборонаҕа, нэһилиэнньэни айылҕа уонна техногеннай көрүҥнээх ыксаллаах быһыыттан-майгыттан көмүскүүр, баһаартан куттал суоһаабатын хааччыйар управление» МХТ;

- Олохтоох дьаһалта Үөрэҕириигэ управлениета;

- Куорат уокуругун Административнай хамыыһыйата;

- «Горсвет» МУТ;

- «Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департамена» МХТ.

- «Дьокуускай куораттааҕы Нэһилиэнньэ социальнай харалтатыгар уонна үлэҕэ управлениета» СХТ;

- СӨ киһи быраабыгар боломуочуйалааҕа;

- Дьокуускай куорат Прокуратурата;

- «Юристар ассоциациялара» Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ регионнааҕы салаата;

- РФ Пенсионнай пуондатын Дьокуускай куораттааҕы управлениета.

Атын уокуруктарга уонна куорат кытыытыгар босхо юридическай көмө ыытыллар күннэрин Олохтоох дьаһалта 2022 сыл кулун тутар 14 күнүгэр таһаарбыт 420р №-дээх «Об оказании бесплатной юридической помощи населению городского округа «город Якутск» дьаһалыгар yakutskcity.ru электроннай аадырыһынан официальнай сайтка киирэн ааҕыахха сөп.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.