11.07.2020 | 11:59

«Прометей» – куорат бастыҥ түөлбэтэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат Автодорожнай уокуругар баар «Прометей» түөлбэ (микрооройуон) киин куораппыт саамай кэрэ, тупсаҕай көстүүлээх сирэ буолар.

Куорат бастыҥ микрооройуона диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Дьиэлэр тас көстүүлэрин бырайыага табыллыбыт. Сорох дьон этэринэн, киин куоракка суох  “бастыҥ олорор дьиэ комплекса” диэн сыана быһаллар. Олохтоохтор түөлбэни хааччыйан олорор салайар хампаанньа үлэтиттэн астыналлар. Ол эрэн сорохтор массыынабытын туруорарга кыһалҕаны көрсөбүт, миэстэ былдьаһыга дииллэр.

“Хаһаайын хайдаҕа тэлгэһэтиттэн биллэр” дииллэринии, бу түөлбэҕэ киирдиҥ да, кэрэ көстүү хараххар тута быраҕыллар. Сайыҥҥы өттүгэр түөлбэ киин тэлгэһэтигэр дьэрэкээн өҥнөөх сибэкки эгэлгэтэ, мас арааһа олордуллар. Дьэ, манна тупсаҕайдык тутуллубут кииннэммит олорор дьиэ (жилой комплекс “Прометей”), ол эбэтэр 9, 12, 14, 15, 16 этээстээх таас дьиэлэр дьэндэһэн, чахчы да, манна инникилээх тутуу ыытылла турара көстөр. 9 этээстээх таас дьиэҕэ 846 массыына батар ичигэс автостоянка, насоснай станция, 2х500м3 баһаарынай резервуар “Прометей” түөлбэ саамай наадалаах эбийиэктэрэ буолаллар.  Социальнай тутуулартан оҕо уһуйаана, почта баар. Сотору кэминэн оскуола уонна поликлиника тутуута былааннанар. Маҕаһыыннар, өҥөнү оҥорор салоннар үлэлииллэр.

    Былырыын сайын бэс ыйын 1-кы күнүгэр, Оҕо көмүскэлин бырааһынньыгар анаан “Музыкальнай фонтан” аһыллан, куорат олохтоохторо саамай кэрэхсиир сирдэригэр кубулуйда. Ону сорохтор “ыллыыр фонтан” диэн тупсаран ааттыыллар. Дьэрэкээн уотунан күлүмүрдүү оонньуур фонтан кэрэ көстүүтүн көрөөрү, манна куорат араас муннуктарыттан  дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустар. Ордук тыа сириттэн кэлбит ыалдьыттар манна сөбүлээн сылдьаллар. Оҕо балаһаакката хас да сиргэ баар. Билигин харантыынынан сибээстээн, оҕо чугдаарар саҥата иһиллибэт. Аныгылыы комплекс тутуллан, бу түөлбэҕэ тыаттан куоракка дьиэ атыылаһан көһөн киирээччи элбэх. Аны туран, бу саас “Ретро музей” үлэҕэ киирэн, куорат олохтоохторун биһирэбилин ылбыта.  

 Куорат дьаһалтатын хааһынатыттан Автодорожнай уокурукка көҕөрдүү уонна  тупсарыы үлэтигэр 1344084,00 үп көрүллүбүт. Онон уокурук үрдүнэн 54923 сибэкки арааһа олордулунна. Аны күһүн көҕөрдүүгэ анаан  311 устуука мас арааһын олордуу былааннанар. Быйыл “Прометей” түөлбэҕэ 21 тыһыынча сибэкки арааһа олордуллубут.

Кэрэ, дьикти көстүү

Мария Семенова, улуустан кэлэ сылдьар ыалдьыт:

- Сайыҥҥы уоппускабар ыраах хоту улуустан, Абыйтан куоракка оҕолорбор күүлэйдии кэлэ сылдьабын. Кинилэр бу түөлбэҕэ дьиэ атыылаһан олороллор. Үксэ тыаттан киирбит дьон олохсуйаллар эбит. Наһаа кыраһыабай түөлбэ диэн сөҕөн сылдьабын. Көҕөрдүүгэ улахан болҕомто ууруллубут. Кыайыы сылыгар анаан “75” диэн сибэккинэн дьикти клумбаны оҥорбуттарын, киэһэ аайы тахсаммын сэҥээрэ көрөбүн. “Музыкальнай фонтан” туһунан этэргэ тыл тиийбэт. Кэрэ, дьикти көстүү... Киһи манна дууһалыын сынньанар сирэ эбит. Киэһэ хараҥарыыта “ыллыыр фонтаны” көрөөрү дьон-сэргэ элбиир.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...