Приюттан ыттары таһаары тохтотулунна
Дьокуускай куораттааҕы Приют, бруцеллез булуллубутунан уонна онно сыһыаннаах санитарнай тэрээһиннэринэн сибээстээн, дьэллик ыттары физическэй сирэйдэртэн тутууну тохтотто диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Дьэллик ыттары сайаапканан штатнай эрэсииминэн туталлар, онтон харантыыҥҥа олордоллор. Ветеринария департаменын исписэлиистэрэ алтынньы 25 күнүгэр ыттартан анаалыс ылан Москваҕа ыыппыттар. Түмүк уон хонугунан кэлэрэ күүтүллэр.
«Билиҥҥи кэмҥэ ыттары көҥүлгэ таһаарыы тохтотуллан турар», - диэн иһитиннэрдэ СЭГХ салайааччыта Владимир Аммосов.
Санатар буоллахха, СӨ Ветеринарияҕа департаменын дьаһалынан алтынньы 20 күнүттэн бруцеллеһынан харантыын биллэриллибитэ, биэс ыт хааннарын анаалыһыгар «Brucella canis» ыарыыны көбүтэр эттиктэр булуллубуттара. Дьокуускай куорат территориятыгар кыыллары мунньар тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаҥкаларын, быыстапкалары (аукционнары) уо.д.а. тэрээһиннэри ыытар бобуллар.
Ыттар бруцеллезтара – «Brucella canis» микроорганизм көбүтэр инфекционнай ыарыыта, боруодатыттан тутулуга суох ыалдьаллар.