05.04.2023 | 10:17

Приюкка 1294 дьэллик ыт турар

Приюкка 1294 дьэллик ыт турар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кулун тутар 27 – муус устар 4 күннэригэр Дьокуускайга 68 дьэллик ыт тутулунна, сыл саҕаланыаҕыттан уопсайа 799 ыт тутуллан, «Помоги выжить» приюкка 1294 ыт хараллан турар, диэн Олохтоох дьаһалта иһитиннэрэр.
Маны сэргэ дьиэ кыылын көҥүлэ суох күүлэйдэтиигэ ааспыт нэдиэлэҕэ 6 боротокуол толоруллубут, сыл саҕалныаҕыттан – 86. Дьиэ кыылын иитии быраабылатын кэһиигэ СӨ Бырабыыталыстыбатын 2014 с. атырдьах ыйын 1 күнүнээҕи 237 №-дээх дьаһалыгар олоҕуран, гражданнарга административнай эппиэтинэс сүктэриллэр уонна сэрэтии эбэтэр ыстараап көрүллэр. Бастакы сырыыга 1000 солкуобайтан 1500 солкуобайга диэри уонна 3000 – 5000 солк. диэри иккистээн түбэһиигэ.
 
Территориялары кытта үлэҕэ департамент салайааччыта Владислав Слепцов бэлиэтээбитинэн, дьэллик ыттары тутар штаб мунньаҕа күн аайы ыытыллар. Куорат управалара бэдэрээттээх тэрилтэлэри уонна «Помоги выжить» аһымал пуондатын кытта ЕДДС нөҥүө киирбит сайаапкаларынан үлэлииллэр.
Бэлиэтээн эттэххэ, бэйдиэ сылдьар ыттары тутууга күннэтэ 7 биригээдэ тахсар: “Помоги выжить” аһымал пуондаттан икки биригээдэ, Бэйдиэ сылдьар ыттары тутууга үлэлэһэр сулууспа үс биригээдэтэ уонна Огонеров ИП икки биригээдэтэ.
Бэйдиэ сылдьар ыттары көрдөххүтүнэ, аадырыһын ыйан туран хаартыскаҕа түһэрэн эбэтэр видеоҕа устан иһитиннэрии оҥорон уокуруккут социальнай ситимнэригэр ыытыҥ.
Биир кэлим дьуһуурунай-диспетчерскэй сулууспа (ЕДДС) нүөмэрэ – 44-42-51
Үлэ күнүгэр 8(914) 261-06-98 нүөмэринэн чат-бот иһитиннэриилэри ылар. Дьокуускай куорат МЦУ телеграм ханаала https://t.me/mtsuykt.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...