«Пригородный» ТОС граҥҥа кыттар былааннаах
ТОС – уопсастыбаннас салайар территорията. 2022 сыллаахха Пригороднай сэлиэнньэтигэр олохтоохтор көҕүлээһиннэринэн ТОС тэриллибитэ.
Сүрүн соруктара олорор сирдэрин тупсарыы уонна тиийиммэт-түгэммэт ыалларыгар көмөнү оҥоруу этэ. Бу саҕалааһын төрдүгэр турбут Христина Татарченко уонна Владислав Киренскэй салгыы бөһүөлэк иһинэн үлэлиир «МиР» (Молодежь и развитие) волонтерскай дружина тэрийэн, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэригэр, инбэлииттэргэ, соҕотох олорор кырдьаҕастарга, олох очуругар оҕустарбыт ыалларга уонна анал байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыттар дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥорон эрэллэр .
Ол курдук, «Пригородный» ТОС бэрэссэдээтэлэ Христина Татарченко кэпсииринэн, үлэлэрин былаанын, сыалларын-соруктарын бөһүөлэк дьаһалтатын кытта оҥостубуттар, кимиэхэ көмө наадатын испииһэктээбиттэр. Бу күһүҥҥүттэн саҕалаан дружина хас да ыалга көмө оҥорбут – бастакы группалаах инбэлиит дьиэтин сарайын өрөмүөннээбиттэр, бөһүөлэктэн анал байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыттар дьиэ кэргэттэригэр иһэр муустарын, оттук мастарын тиэйэн киллэрбиттэр.
Активистар билигин СӨ ИЛ Дарханын граныгар ситиһиилээхтик кыттан, өссө элбэх уонна хаачыстыбалаах көмөнү, өйөбүлү оҥорор былааннаахтар.