21.04.2023 | 13:38

Пригороднай, Хатас уонна Табаҕа олохтоохторо Олохтоох дьаһалтаҕа махтаналлар

Пригороднай, Хатас уонна Табаҕа олохтоохторо Олохтоох дьаһалтаҕа махтаналлар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Муус уустар 19 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар Пригороднай, Хатас уонна Табаҕа бөһүөлэктэрин олохтоохторун дьиэ кэргэттэрин кытта көрүстэ. 
Хатас бөһүөлэгин "Тускул" Култуура киинигэр буолан ааспыт көрсүһүүгэ Дьокуускай куорат борокуруора Антон Николенко, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр киһи быраабыгар боломуочуйалаах Сардана Гурьева, Пригороднай, Хатас, Табаҕа бөһүөлэктэрин баһылыктара туһааннааҕынан Иван Негнюров, Евгений Пермяков, Виктория Паланычка, Дьокуускай куораттааҕы Анал байыаннай дьайыыга барбыттары өйүүр ыстаап салайааччыта Туйара Колесова, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын салайааччылара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин уонна эмп тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин сүрүн долгутар кыһалҕалар – элбэх оҕолоох аҕалары анал байыаннай дьайыыттан босхолооһун, гуманитарнай көмөнү тиэрдии, сир учаастактарын анааһын, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин бырааска суруйтарыы о.д.а.
Пригороднай, Хатас уонна Табаҕа бөһүөлэктэриттэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ Олохтоох дьаһалтаны кытта бу иннинээҕи көрсүһүүгэ туруоруллубут боппуруостар быһаарыллыбыттарын бэлиэтээн туран, оҥоһуллар өйөбүл уонна көмө иһин махталларын биллэрдилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...