Приемнай дьиэ кэргэттэр тэҥ бырааптаах буолуохтаахтар
Дьокуускай куорат Приемнай дьиэ кэргэттэрин сэбиэтэ маастар-кылаастары, туһааннаах тэрээһиннэри ыытарга дьиэ, оҕолор куорат оптуобуһунан айанныыр каарталарын харчытын улаатыннарары, босхо сайыҥҥы сынньалаҥынан, үлэнэн хааччыйары туруорсаллар.
Маны сэргэ приемнай дьиэ кэргэттэр элбэх оҕолоохтор статустарыгар тэҥниири, олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыы бырагырааматыгар киллэрэри, босхо юридическай көмөнү, ОДьКХ төлөбүрдэригэр чэпчэтиилэри, дьиэ туттарга уонна өрөмүөҥҥэ харчынан уонна матырыйаалынан көмөнү көрдөһөллөр.
Евгений Григорьев быһаарбытынан, Приемнай дьиэ кэргэттэр сэбиэттэригэр бастайааннай офис дьиэтэ НКО быһыытынан регистрациялаах эрэ түбэлтэлэригэр ананар кыахтаах.
Сокуонунан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн статуһугар тэҥниир туһунан боппуруоһу баһылык Эпиэкэ уонна бэпэчиитэлистибэ департаменыгар үөрэтэргэ сорудахтаата, ол кэннэ куорат дьокутааттарын көрүүтүгэр ыытыллыан сөп.
Баһылыгы сэргэ кэпсэтиигэ Үөрэх управлениетын салайааччыта Мария Петрова, Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент бэрэстэбиитэлэ Вадим Семенов, Үп департаменын начаалынньыга Ольга Максимова кытыннылар, туһааннаах ыйытыыларга хоруйдаатылар.
Олунньу 16 күнүгэр Дьокуускай куорат Приемнай дьиэ кэргэттэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ уон оҕолоох Жанна Александровна Нуримановы кытта үлэтин-хамнаһын, приемнай дьиэ кэргэттэр сүрүн кыһалҕаларын уонна бэйэтин улахан дьиэ кэргэнин туһунан кэпсэттибит. Итини сэргэ Жанна Александровна куорат баһылыгын кытта көрсүһүү түмүгүн үөрэ сырдатта.
Жанна Нуриманова, Дьокуускай куорат Приемнай дьиэ кэргэттэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ:
Киин куоракка 31 приемнай дьиэ кэргэн баар
- Дьокуускай куорат Приемнай дьиэ кэргэттэрин сэбиэтэ 2023 сыл ыам ыйыгар тэриллибитэ, ол мунньахха миигин бэрэссэдээтэлинэн талбыттара. Киин куоракка приемнай дьиэ кэргэн элбэҕинэн сэбиэти тэрийэргэ уолдьаста диэн буолбута. Бэс ыйыгар «Саха-Азия» пуонда Приемнай дьиэ кэргэттэр слеттарын тэрийбитэ. Итиннэ сылдьан наһаа элбэх төрөппүтү кытта билсиспитим. Алтынньы ыйтан саҕалаан нэдиэлэ аайы мустан мунньахтыыр, сүбэлэһэр буолбуппут. Сэбиэккэ 31 приемнай дьиэ кэргэнтэн 26-та баар. Киирбэтэх ыаллары кытта син биир сибээстэһэ турабыт, дьиэлэригэр сылдьабыт, сорохтор уустук балаһыанньалаах оҕолордоохтор. Быйыл биир дьиэ кэргэн эбилиннэ.
Онон, билиҥҥи туругунан, киин куоракка 31 приемнай дьиэ кэргэҥҥэ 130-тан тахса оҕо эпиэкэҕэ сылдьар. Дьиэ кэргэттэрбитигэр оҕолор төрүөхтэриттэн 23 саастарыгар диэри иитиллэллэр. Үксүлэрэ доруобуйалара мөлтөх, 3-4-5 группалаахьтар. Наһаа элбэх хроническай ыарыылаахтар, бытаан сайдыылаахтар уо.д.а. Ити, биллэн турар, элбэх көрүүнү-истиини ирдиир. Манна Оҕо дьиэлэриттэн, төрөппүт бырааптара быһыллыбыт дьон оҕолоро уонна төгүрүк тулаайахтар бааллар. Сиһилии быһааран кэпсиир буоллахха, оҕолор биһиэхэ 14 саастарыгар диэри эпиэкэҕэ, 14 саастарыттан 18 саастарыгар диэри бэпэчиитэлистибэҕэ сылдьаллар, 18 саастарыттан 23 саастарыгар диэри, кыбартыыра ылбат түбэлтэлэригэр, салгыы арыаллыыбыт (сопровождение).
Оҕолорбутуттан үгүстэрэ 23 саастарыгар диэри үөрэнэллэр, устудьуоннууллар. Төһө даҕаны үөрэхтэрин бүтэрбиттэрин, кыбартыыра ылбыттарын иһин, ситиммитин быспаппыт. Бэйэ-бэйэбитигэр үөрэнэн, убанан хаалабыт, оҕолор дьиэ кэргэммит толору чилиэнэ буолаллар. Быыс буллулар даҕаны, биһиэхэ кэлэ, билсэ-көрсө тураллар. Ыал буоллахтарына, кэргэттэрин, оҕолорун аҕалаллар. Итинник эбээ, эһээ буолбут ыал элбэх. Сорохтор оҕолоро 30 даҕаны саастарыгар диэри бэйэлэрин кытта олороллор. Онон 23-н туолла даҕаны приемнай дьиэ кэргэнтэн барар диэн буолбатах. Сорохтор дьоннорун таһыгар дьиэ туттан олохсуйаллар, ол наһаа үөрүүлээх.
Аҕыс сүрүн кыһалҕабытын туруорустубут
Олунньу 14 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьевка приемҥа сырыттыбыт. Биһиги сурук бэлэмнээн, сүрүн аҕыс пууну туруорустубут:
Этэн аһарбытым курдук, нэдиэлэ аайы мустан сүбэлэһэбит, итиннэ аналлаах дьиэбит, хоспут суох. Бу кыһалҕабытыгар баһылык тута көмөлөстө. Ол курдук, бүгүн Эпиэкэлэр дьиэлэннигит диэн үөртүлэр. Дуогабар түһэрсилиннэ, дьиэбит – 202-с дьоҕус оройуонун 19-с куорпуһун салгыы тутуута (пристрой). Билигин итиннэ өрөмүөн ыытыллар, сотору түмүктэниэхтээх. Итиэннэ Евгений Николаевич кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэтэ (НКО) тэриниҥ, оччоҕо бастайааннай төрүттээх үлэлиир дьиэни биэриэхпит диэтэ.
Приемнай дьиэ кэргэттэр оҕолоро уопсастыбаннай тырааныспарынан айанныылларыгар уон сыл тухары ыйга биир сууманы – 884 солкуобайы көрөллөр. Ити лимиитэ суох (безлимит) буолбатах, онон элбэхтик айанныылларыгар тиийбэт. Онон баһылык иннигэр ити боппуруоһу туруордубут – оҕолорбут тырааныспардарын каартатын сууматын үрдэтэргэ. Эпиэкэ начаалынньыга бүгүн ый устата ити боппуруос быһаарыллыаҕа диэтэ.
Оҕолорбутун 14 саастарыттан үлэнэн хааччыйар, үлэнэн иитии үөрүйэхтэрин иҥэрэр кыахпыт суох. Бу сыллар тухары ити боппуруоһу быһаарбакка сырыттыбыт. Үөрэх управлениетын салайааччыта Мария Петрова быйыл оҕолоргутун үлэнэн хааччыйыахпыт диэтэ. Кинилэргэ «Первая зарплата» диэн пилотнай бырайыак баара этилиннэ.
Оҕону сайыҥҥы сынньалаҥынан хааччыйыы – бу эмиэ сытыы боппуруос. Уустук балаһыанньаҕа олорор эбэтэр аҕалара, чугас аймахтара байыаннай дьайыыга сылдьар дьонноох оҕолору хааччыйаллар. Евгений Николаевич эһиил оҕолоргутун сайыҥҥы сынньалаҥынан хааччыйыыга бүддьүөккэ үбүлээһини булгуччу көрүөхпүт диэтэ.
Олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа киллэрэллэрин туруорустубут. Приемнай дьиэ кэргэттэр биир даҕаны бырагыраамаҕа хапсыбаппыт, ону баһылык Куорат Дууматын кытта тобулан көрүөхпүт диэтэ.
Босхо юридическай көмө наадатын эттибит. Баһылык ити боппуруоһу Быраап департаменыгар сорудахтаата.
Хомунаалынай өҥө төлөбүрүгэр чэпчэтиилэри туруорустубут. Евгений Николаевич элбэх оҕолоохторунан билиммэтэхтэринэ (приемнай дьиэ кэргэттэри элбэх оҕолоохторунан билинэ иликтэр), кэлэр сылтан чэпчэтиилэри оҥорорго биһигини бүддьүөккэ киллэриэхпит диэтэ.
Дьиэ тутуутугар, өрөмүөнүгэр матырыйаалларынан, үбүлээһининэн көмөнү туруорустубут. Элбэх оҕолоохторунан билиммэтэхтэринэ, Олохтоох дьаһалта эһиил үбүлээһиҥҥэ биһигини киллэриэх буолла.
Уон оҕолоох иллээх дьиэ кэргэммит
Дьиэ кэргэним туһунан кэпсиир буоллахха, уопсайа уон оҕолоохпут – үс төрөппүт уонна сэттэ эпиэкэҕэ ылан иитэрбит. Дьон оҕолору эпиэкэҕэ ылан наһаа элбэх харчыланарбыт, байарбыт курдук саныыллар. Мээнэ кэпсээбэппин буолан баран, этиим, бастакы оҕобут иһин ыйга 14 тыһыынча солкуобайы, онтон кэлэр оҕолорбутугар ыйга 8 тыһыынча солкуобайы төлүүллэр. Бэйэбит биэнсийэлээхпит. Эпиэкэҕэ ылбыт оҕолорбут саастара – 10-тан 20-ҕэ диэри. Улахаттарбыт Башкирияҕа устудьуоннууллар. Төрөппүт оҕолорбут саастара – 12, 25, 30. Дьиэ кэргэммит састааба араас омуктартан турар. Аҕабыт татаар, мин эбэҥкибин. Оҕолорбут – нуучча, татаар, мордвин, башкир, ньиэмэс омуктар. Ол эрэн улахан, иллээх дьиэ кэргэммит.
Приемнай дьиэ кэргэнинэн 2017 сыллаахха буолбуппут. Түөрт кыыстаах табаарыстарбыт эмискэ суох буолбуттара. Оҕо дьиэтигэр ыыппаттарын курдук, кинилэри тута эпиэкэҕэ ылбыппыт. Итинтэн сиэттэрэн, сатаан иитэр эбиппит диэн эрдийэн, үс сыллааҕыта бииргэ төрөөбүт икки оҕону – уоллаах кыыһы ылбыппыт. Арба, бүгүн биһиэхэ ураты уонна үөрүүлээх күммүт. Ол курдук, дьиэ кэргэммит саҥа чилиэнэ, уон саастаах кыра уолбут Кирилл биһиэнэ буолбутун туһунан дьаһалы ыллыбыт. Бу иннинэ кини биһиэхэ (2023 сыл ахсынньы 25 күнүттэн) «гостевой» көрүҥүнэн сылдьыбыта.
Оҕолорбут бары спордунан дьарыктаналлар, биир кыыспыт иккис сылын чэпчэки атлетикаҕа бастыҥ аатын сүгэр. Уолаттар дзюдонан үлүһүйэллэр, биир кыыспыт эмиэ дзюдоҕа сылдьар. Иккис кыыспыт хомустуур, биир кыыс эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэр, онон бары солото суохтар.
Элбэх оҕолоох Нуримановтар холобурдарыгар приемнай дьиэ кэргэттэр аһыныгас сүрэхтээх, күүстээх санаалаах дьон буолалларын өссө төгүл көрдүбүт. Кинилэри сокуонунан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн статуһугар тэҥнээһин саамай сөптөөх быһаарыы буолара саарбаҕа суох.