Приемнай дьиэ кэргэттэр сокуоҥҥа уларытыыны киллэрэри туруорсаллар
Куорат баһылыгын уочараттаах тус приема приемнай дьиэ кэргэттэр туруорсар кыһалҕаларын тула ааста.
Ол курдук, Дьокуускай куорат Приемнай дьиэ кэргэттэрин сэбиэтэ маастар-кылаастары, туһааннаах тэрээһиннэри ыытарга дьиэ, оҕолор куорат оптуобуһунан айанныыр каарталарын үбүлээһин иэнин улаатыннарары, оҕолору босхо сайыҥҥы сынньалаҥынан, үлэнэн хааччыйары туруорсаллар.
Маны сэргэ приемнай дьиэ кэргэттэр элбэх оҕолоохтор статустарыгар тэҥниири, олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыы бырагырааматыгар киллэрэри, босхо юридическай көмөнү, ОДьКХ төлөбүрдэригэр чэпчэтиилэри, дьиэ туттарга уонна өрөмүөҥҥэ харчынан уонна матырыйаалынан көмөнү туруорсаллар.
Евгений Григорьев быһаарбытынан, Приемнай дьиэ кэргэттэр сэбиэттэригэр үлэлиир дьиэ НКО быһыытынан регистрациялаах эрэ түбэлтэлэригэр ананар кыахтаах.
Сокуонунан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн статуһугар тэҥниир туһунан боппуруоһу баһылык Эпиэкэ уонна бэпэчиитэлистибэ департаменыгар үөрэтэргэ сорудахтаата, ол кэннэ куорат дьокутааттарын көрүүтүгэр ыытыллыан сөп.
«Куорат дьокутааттара сокуон барылын оҥорор боломуочуйалаахтар. Арай, куорат дьаһалтатын көҕүлээһининэн киирэр ханнык баҕар сокуон барылын курдук, хас да таһымнаах сөбүлэһиини, сыанабылы, прокуратура көрүүтүн ааһыаҕа»,- диэтэ баһылык.
Тырааныспар каартатын үбүлээһин кээмэйин улаатыннарыы боппуруоһа Суол-тырааныспар сулууспатыгар үөрэтиигэ уонна ый иһинэн быһаарарга бэрилиннэ.
Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын туһунан ыйытыыга Үөрэх управлениетын салайааччыта Мария Петрова ааспыт сылга сокуоннай саастарын ситэ илик 712 оҕо управление нөҥүө үлэнэн хааччыллыбытын, 954 оҕо бэйэтэ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин нөҥүө федеральнай бырагырааманан үлэ булбутун иһитиннэрдэ.
«Куорат хас биирдии оскуолата 14-гэр диэри саастаах үөрэнээччиттэн уонна кинилэр дьиэ кэргэттэриттэн сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр үлэнэн хабыллыан баҕарарын-суоҕун ыйыталаһар. Баҕалаахтар баар буоллахтарына, үлэ тэрилтэлэрин кытта кэпсэтии ыытыллар, маны сэргэ «Мой наставник» бырагырааманан төрөппүттэр бэйэлэрэ үлэни биэрээччи буолар кыахтаахтар», - диэн быһаарда Мария Петрова.
Евгений Григорьев маныаха туһаайан бүгүҥҥү күҥҥэ үлэни биэрээччи сааһын ситэ илик оҕону үлэ миэстэтинэн хааччыйарга интэриэстээҕин, ороскуота куорат бүддьүөтүттэн оһорулларын бэлиэтээтэ.
Сайыҥҥы сынньалаҥ боппуруоһугар куоракка хас биирдии оскуолаҕа сайыҥҥы өттүгэр 21 хонуктаах босхо күнүскү лааҕыр үлэлиирин иһитиннэрдилэр. Маны сэргэ куорат «Сосновый бор» лааҕырга путевка аныыр кыахтаах.
Олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыы туһунан ыйытыыга Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент бэрэстэбиитэлэ Вадим Семенов, босхо юридическай көмө туһунан Евгений Григорьев, ОДьКХ төлөбүрдэригэр чэпчэтиилэри оҥоруу туһунан Үп департаменын начаалынньыга Ольга Максимова хоруйдаатылар.
Кэпсэтии түмүгүнэн Евгений Григорьев кэлэр сылга, приемнай дьиэ кэргэттэри элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ тэҥниир туһунан өрөспүүбүлүкэ сокуона ылыллыбатаҕына, приемнай дьиэ кэргэттэр оҕолоро куорат оптуобуһан сылдьыыларын уонна приемнай дьиэ кэргэттэр ОДьКХ өҥөтүнэн туһаныыларыгар чэпчэтиини көрүү боппуруоһа быһаарыллыаҕа диэтэ, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.