05.04.2024 | 18:00

Приемнай дьиэ кэргэни үөрэтэр оскуола

Приемнай дьиэ кэргэни үөрэтэр оскуола
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

2024 сылга Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сыллара биллэриллибитинэн ийэ, аҕа тапталыгар наадыйар оҕолор тустарынан, оҕону иитэ ылыан баҕалаахтарга сүбэ-ама, көмө буолар рубрикабыт кэскили түстүүр үлэтин сөргүтэбит.
Биһигини кытта Хаҥалас улууһугар баар Дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ көмө буолар киин үлэлэһэр. Маннык Кииннэр билигин Саха сирин аҕыйах улууһугар бааллар уонна тулаайах оҕо дьиэ кэргэҥҥэ эрэ иитилиннэҕинэ киһи буолан тахсарын өйдөтөр, оҕону иитэ ылар дьоҥҥо тирэх буолар сыаллаах үлэлииллэр. Ыйытыылардаах буоллаххытына, аллараа ыйыллар төлөпүөннэринэн билсиэххитин сөп.

“Айыыһыт” рубрикабыт бүгүҥҥү таһаарыытыгар Приемнай дьиэ кэргэн оскуолатын туһунан Хаҥалас улууһун Дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ көмө буолар киин педагог-психолога, бэйэтэ элбэх оҕолоох приемнай дьиэ кэргэн ийэтэ Светлана Давыдовна Ксенофонтова кэпсиир:

– Төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕону иитэ ылыахтаах дьиэ кэргэн хайаан да анал бэлэмнээһини, үөрэҕи ааһыахтаах. Маны ирдиир хас да сокуон баар.

Приемнай дьиэ кэргэн оскуолата, бастатан туран, төрөппүт бэйэтин дьиэ кэргэнигэр саҥа оҕону ыларга төһө бэлэмнээҕин, бэйэтин кыаҕын сыаналыырыгар төһүү буолар. Маны тэҥэ бэлэмнэнэр төрөппүттэрбит оҕону кытта сыһыаҥҥа туох сыыһа-халты тахсыан сөбүн үөрэтэллэр. Иитиигэ барар оҕолор бары араас дьылҕалаахтар, үгүстэрэ олохтон охсууну ылбыт буолаллар – ону кытта үлэлиир педагогическай ньымаларга үөрэтэбит.

Оҕо дьиҥнээх төрөппүттэрин кытта сыһыаны олохтууру эмиэ сатыахха наада. Ол инниттэн иитэ ылар төрөппүттэр бэйэлэрин психилогическай кыһалҕаларын кытта эмиэ үлэлиэхтээхтэр.

 

Төрөппүккэ бары өттүнэн көмөлөһөбүт

Приемнай дьиэ кэргэн оскуолатыгар төрөппүттэр нэдиэлэҕэ биирдэ 1,5 ый устата (уопсайа 6 дьарык) үөрэнэллэр. Үөрэх төлөбүрэ суох, босхо.

Үөрэх уопсай тутула:

1) Оҕо сайдыытын психологическай өрүттэрин үөрэтэллэр;

2) Оҕо уйулҕатыгар охсуу ылбыт буоллаҕына, ону аһардарга, реабилитациялыырга туох көмө оҥоһуллуохтааҕын билэллэр;

3) Оҕоҕо туох ирдэнэрин хайдах өйдүүргэ уонна оҕо кыһалҕатын хайдах быһаарарга сүбэ-ама ылаллар;

4) Оҕо уонна төрөппүт бэйэ-бэйэлэригэр эрэллээх сыһыаннарын олохтуурга туохха тирэҕирэллэрин өйдүүллэр;

5) Оҕо майгытын-сигилитин, мөкү быһыыланыытын өйдүүргэ үөрэнэллэр;

6) Төрөппүт бэйэтин уйулҕа өттүнэн туругун хонтуруолланарга, кыанарга үөрэнэр;

7) Дьиэ кэргэн ис систиэмэтин өйдүүргэ көмө оҥоһуллар.

 

Кэнники 5 сылга Хаҥалас улууһун “Дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ көмө буолар киин” иһинэн Приемнай дьиэ кэргэн оскуолатын 75 киһи үөрэнэн саҕалаабыта, олортон 63-һэ оскуола үөрэҕин толору аастылар.

 

Приемнай дьиэ кэргэн оскуолатын сүрүн сыала-соруга – төрөппүт психолого-медико-педагогическай уонна быраап өттүнэн бэлэмнээх буолуутун ситиһии. Эппэкиин, бэпэчиитэл эбэтэр онтон атын ньыманан төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕону дьиэ кэргэннэригэр ылыан баҕарар дьон бары өттүнэн бэлэмнээх, сиппит-хоппут буолуохтаахтар, онуоха биһиги бары өттүнэн көмөлөһөбүт, үөрэтэбит, өйүүбүт.

Үөрэхтээһин хас да түһүмэхтэн турар: 1) Бастаан бииргэ үлэлэһэргэ ыҥырыы; 2) Оҕо сайдыыта; 3) Оҕо сайдыытын араастаһыыта (диспропорция); 4) Оҕо дьиэ кэргэҥҥэ киириитэ; 5) биһиги дьиэ кэргэммит; 6) Дьиэ кэргэҥҥэ олохсуйуу быраап уонна медицина өттүнэн уратылара.

Бу үөрэх хас түһүмэҕин аайы төрөппүт буоларга хандьыдааттар оҕо сайдыытын уратыларын, оҕо хаҕыс сыһыан түмүгэр уйулҕата хайдах уларыйарын, оҕону хайдах харыстыыры, кыыһы-уолу иитии уратытын, ыарахан бэрээдэктээх оҕону кытта үлэ хайдах барыахтааҕын о.д.а. үөрэтэбит, ырытыһабыт, бэлэмниибит.

Оҕо олоҕун устатыгар дьиэ кэргэн суолтата, РФ сокуоннарыгар олоҕуран оҕо улаатар, сайдар эйгэтин тэрийии, доруобуйатын көрүү-истии о.д.а. – барыта Приемнай дьиэ кэргэн оскуолатыгар кэлбит дьоҥҥо сиһилии үөрэтиллэр.

 

Приемнай дьиэ кэргэттэр ийэлэрин түмсүүтэ

Киһи кыайбата суох

– Төрөппүт буоларга хандьыдааттар оскуола үөрэҕин ааһан баран оҕону иитэ ылыы туох түмүктэрдээх, уратылардаах буолуон сөбүн толору өйдүүллэр. Ханнык ньыманан иитэ ылары, оҕо туохха бырааптааҕын, туох өйөбүл баарын, ханнык эппиэтинэс сүктэриллэрин толору билэллэр. Хас биирдии оҕоҕо туспа сыһыан, кини олоҕор тугу туораабытыттан көрөн, ураты майгы олохтонуохтааҕын учуоттуохтаахтар. Аны туран дьиҥнээх төрөппүттэрин кытта хайдах сыһыаны олохтуулларын эмиэ тобулуохтаахтар.

Приемнай төрөппүт буоларга улахан киһи бэйэтин быраабын уонна эбээһинэһин чуолкайдык билиэхтээх, биһиги онуоха арыаллыыр тэрилтэни кытта ситими олохтуубут. Маныаха олус элбэх ымпыктаах-чымпыкатаах боппуруостар үөскүүллэр эрээри, киһи кыайбата диэн суох, барытын биһиги тэрилтэбит көмөтүнэн этэҥҥэ ааһыахха сөп. Оҕону иитиигэ биэрэн баран биһиги дьиэ кэргэни арыаллыыбыт, оҕо улахан киһи буолуор диэри сиэттиспитинэн бииргэ олох суолун устун хаамсабыт. Онон бэйэм да олоҕум уопутугар олоҕуран, приемнай дьиэ кэргэн буолартан куттанымаҥ, биһиэхэ кэлэн үөрэниҥ, көмөнү сөпкө туһанан, үтүө санаанан салайтаран олоҕу оҥоруохха, толору дьиэ кэргэҥҥэ дьоллоох дьону иитэн таһаарыахха диэн ыҥырабын!

Биһиги кииммит иһинэн “Сердцедар” приемнай дьиэ кэргэттэр кулууптара үлэлиир.  Ийэлэр түмсэн сүбэлэһэбит, уопут атастаһабыт, тиэмэлэринэн биэчэрдэри ыытабыт, чулуулары бэлиэтиибит.

Приемнай дьиэ кэргэн оскуолатыгар суруттарар нүөмэрдэр: +79142770360; +7141020328.

Ийээ, хаhан кэлэҕин?

Дархан, 13 саастаах.

Кэпсэтинньэҥ, саҥата-иҥэтэ үчүгэй сайдыылаах, ханнык баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтэр кыахтаах киэҥ билиилээх-көрүүлээх, бэйэтин санаатын сайа этэр, туруорсар. Улахан дьоҥҥо ытыктабыллаах, саастыылаахтарыгар эйэҕэс сыһыаннаах. Бэйэтигэр элбэх болҕомтону эрэйэр. Имэрийэ-томоруйа сылдьалларын, кууһалларын сөбүлүүр.

Ийэтэ быраабыттан быһыллыбыт, төрөөбүтүн туһунан туоһу суругар аҕата ким буолара суруллубатах буолан, тулаайах статустаах. Бииргэ төрөөбүттэрэ суох.

Иитэ ылыыга, эпиэкэҕэ, бэпэчиитэлистибэҕэ бэриллиэн сөп.

Доруобуйатын туруга: 2-ис бөлөх.

Роман, 16 саастаах.

Кадеттар оскуолаларын курсаана. Үтүө, көрсүө майгылаах, кэпсэтинньэҥ, болҕомтолоох, кылааһыгар барыларын кытта доҕордоһор, дьону кытта тапсар. Дьиэ кэргэҥҥэ (оҕолор “дьиэ кэргэннэргэ” арахсан олороллор) иитээччилэр тутаах киһилэрэ, кыралары көрөр-истэр. Лидер хаачыстыбалардаах.

Ийэтэ быраабыттан быһыллыбыт, төрөөбүтүн туһунан туоһу суругар аҕата ким буолара суруллубатах буолан, тулаайах статустаах. Бииргэ төрөөбүттэрдээх.

Иитэ ылыыга, эпиэкэҕэ, бэпэчиитэлистибэҕэ бэриллиэн сөп.

Доруобуйатын туруга: 2-ис бөлөх.

Анастасия, 13 саастаах.

Туруоруммут сыалын ситиһэр олус дьулуурдаах, бэйэтин дьаһанар кыыс. Көрсүө, сэмэй, дьону кытта тапсар. «Дьиэ кэргэнигэр» барыларын кытта үчүгэй сыһыаннаах, иитээччилэргэ мэлдьи көмө буолар – кыралары көрөр-истэр, сатаан тэрийэн оонньотор. «Дьиэ кэргэн» уонна киин тэрээһиннэригэр барытыгар көхтөөхтүк кыттар, ыалдьыттары көрсөргө остуол тардарын сатыыр уонна сөбүлүүр. Иллэҥ кэмигэр уруһуйдуурун сөбүлүүр, үҥкүүнэн үлүһүйэр, ыллыыр. Настя олус талааннаах, харизмалаах, элбэх ситиһиилээх, кэрэҕэ тардыһар кыыс.

Ийэтэ быраабыттан быһыллыбыт, төрөөбүтүн туһунан туоһу суругар аҕата ким буолара суруллубатах буолан, тулаайах статустаах. Бииргэ төрөөбүттэрдээх.

Иитэ ылыыга, эпиэкэҕэ, бэпэчиитэлистибэҕэ бэриллиэн сөп.

Доруобуйатын туруга: 2-ис бөлөх.

 

Дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ бэриллэр оҕолор доруобуйаларын туруга хайаан да суруллар – бөлөҕүнэн арахсар.

1-кы бөлөх: доруобай оҕолор, эт-хаан уонна уйулҕа өттүнэн сайдыылара кэһиллиитэ суох.

2-ис бөлөх: хроническай ыарыыта суох чэгиэн оҕолор. Кэккэ функциональнай уонна морфофункциональнай кэһиллиилээхтэр. Холобур, инфекционнай ыарыылары этэҥҥэ аһарыммыттар; эндокриннай патологията суох, эт-хаан сайдыытын өттүнэн кыра халыылаахтар.

3-үс бөлөх: хроническай ыарыылаахтар, эмтэнэн үчүгэй турукка киирбиттэр. Араас эчэйиилээх, эпэрээссийэлээх буолаллар, ол эрэн үөрэнэр, үлэлиир толору кыахтаахтар.

4-үс бөлөх: хроническай ыарыылаахтар, билигин ыалдьа сылдьаллар, чаастатык бэргииллэр. Доруобуйатын туругунан оҕо олоҕор мэһэйдэри көрсүөн сөп.

5-ис бөлөх: ыарахан хроническай ыарыылаахтар, үөрэнэллэригэр, үлэлииллэригэр хааччахтаахтар.

Оҕо доруобуйатынан ханнык бөлөххө хапсарын педиатр эбэтэр оҕо дьиэтин бырааһа, диспансеризация, медицинскэй чинчийии түмүгэ быһаарар.

Оҕолор тустарынан толору информацияны бу нүөмэринэн билсиэххэ сөп: +7 (41144) 4-83-14 – Профилактика уонна оҕолоох дьиэ кэргэттэри арыаллыыр салаа.
Бассаабынан суруйарга: 8-914-277-03-60

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...