05.10.2022 | 16:30 | Просмотров: 651

Предпринимателлэри уонна бэйэ дьарыктаах гражданнары өйүүргэ цифровой платформа оҥоһулунна

«Корпорация «МСП»» АУо (Сайдыы институттарын бөлөҕө) РФ Экономическэй сайдыыга министиэристибэтин кытта предпринимателлэри уонна бэйэ дьарыктаах гражданнары өйүүргэ МСП.РФ цифровой платформаны оҥордо диэн «ВЭБ.РФ» Судаарыстыбаннай корпорация иһитиннэрдэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Платформа дьоҕус уонна орто бизнескэ судаарыстыбаннай уонна кэмиэрсийэ сервистэригэр киирэллэригэр көмөлөһөр. Сервистэр хас даҕаны блоктаахтар: информационнай, үпкэ сыһыаннаах, онлайн-сайаапкаларынан өйөбүл, бородууксуйаны батарыы уонна үөрэтии.

Платформаҕа бизнеһи өйүүр 350 федеральнай уонна регионнааҕы миэрэлэр (130-тан тахса миэрэҕэ онлайн-сайаапка үлэлиир), бизнес рейтинин оросчуотун, бизнес үлэтин кэлимсэ босхо анаалыһын тустарынан информация баар. Итиэннэ манна Арассыыйа Баанын, ФНС, ИДьМ уо.д.а. дааннайдарыгар олоҕурбут бизнес барыллаан сыанатын автоматическай көрүҥүнэн оҥоруохха сөп.

Платформа көмөтүнэн бизнес-партнеру, наадалаах бородууксуйаны атыылааччыны булуохха сөп.

Сыл аҥаарын устата платформанан 170-тан тахса тыһыынча предприниматель туһаммыт.

Платформаҕа киирэр сигэ: https://xn--l1agf.xn--p1ai/.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп