01.08.2020 | 13:03

Предпринимателлэргэ дьаҥ кэмигэр көрүллэр көмө

Предпринимателлэргэ дьаҥ кэмигэр көрүллэр көмө
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Предпринимателлэр коронавирус дьаҥын сэрэтиигэ уонна дезинфекцияҕа босхо көрүллэр субсидияҕа тиксиэхтэрин сөп буолла.

 Субсидияны ылыыга бу сыл атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри сайабылыанньаҕытын нолуок уорганыгар ыытыаххытын сөп эбэтэр почтанан, Арассыыйа Федеральнай нолуокка сулууспатын саайтын нөҥүө, нолуогу төлөөччү тус кабинетынан ыытар табыгастаах.

Субсидияны эбии үөрэхтээһин эйгэтигэр, ону тэҥэ гостиницалар биир кэлим реестрдэригэр киллэриллибит дьоҕус уонна орто предпринимательствонан дьарыктанар коммерческайа суох тэрилтэлэр ылыахтарын сөп. Маны таһынан маннык эйгэлэр хабылыннылар:

  • спорт эйгэтэ;
  •  гостиница хаһаайыстыбата;
  •  уопсастыбаннай аһылык;
  • бытовой өҥө;
  • эбии үөрэхтээһин.

Сайабылыанньаҕытыгар субсидия харчыта түһүөхтээх счетун хайаан да ыйыахтааххыт.

Сайабылыанньа көрүллэр болдьоҕо – 3 үлэ күнэ.

Барыта сөп буоллаҕына, Арассыыйа ФНС субсидияны ааҕыаҕа, оттон Федеральнай казначейство төлөбүрү оҥорор.

ФНС үлэһит ахсаанын РФ Биэнсийэҕэ пуондатыгар түһэрбит отчуоттарынан бэрэбиэркэлиир.

Субсидия кээмэйэ маннык суоттанар:

  • хампаанньалар 15 тыһ. солкуобай быһыллыбыт төлөбүрү ылыахтара, ону тэҥэ хас биирдии үлэһиккэ 6,5 тыһыынча солкуобайы;
  •  биирдиилээн предпринимателлэр хас биирдии үлэһиттэригэр 6,5 тыһ. солкуобайы ылыахтара уонна 15 тыһ. солкуобайы ИП-га бэйэтигэр;
  • үлэһитэ суох биирдиилээн ИП-лар тус бэйэлэрэ 15 тыһ. солкуобайы ылыахтара.

Роспотребнадзор ирдэбиллэригэр тирэҕирэн,  уопсастыбаннай аһылык, гостиница уонна спорт тэрилтэлэрэ эрэгийиэн баһылыгын быһаарыытыгар олоҕуран, хааччахтааһыны устуу үһүс түһүмэҕэр үлэлэрин сөргүтүөхтэрин сөп. Маныаха киирбит дьону уонна персонал температуратын мээрэйдээһин ирдэнэр. Ону тэҥэ, социальнай  тэйиччи буолуу быраабылаларын тутуһуу;   антисептиктэринэн хааччыйыы;   үлэһиттэр мааска, бэрчээкки кэтэллэрэ, онтуларын 3 чааска биирдэ уларыталлара ирдэнэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Сонуннар | 28.08.2024 | 15:36
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Сайсары уокуругун управатын салайааччыта Владимир Слепцов Бессоновтар дьиэ кэргэннэригэр Билии күнүнэн бэлэхтэрин туттардылар. Ыал аҕата билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Бессоновтар биэс оҕолоохтор – биир устудьуон уонна түөрт оскуола үөрэнээччитэ. Бу күн оҕолорго үөрэх тээбиринин бэлэхтээтилэр, оттон ыал кыратыгар маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр аналлаах набору...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...