Предпринимателлэр ыарырҕаппыттар, оттон нэһилиэнньэ өйдүү илик
Дьокуускай дьаһалтата сылаас тохтобуллары олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарааччыларга буор босхо уларсарын туһунан суруйан турабыт. Манна атыы-кутуу тэринэр предпринимателлэр куортам сыанатын төлөөбөттөр, ол аата бородууксуйаларын удамыр сыанаҕа батараллар, оттон куорат олохтоохторо хаачыстыбалаах аһынан хааччыллаллар диэн сорук турбута.
Олохтоох бородууксуйаны, улуустартан кэлэр сибиэһэй аһы атыылыыр оптуобус тохтобулларын ахсаана сыл бүтүөр дылы 20-ҕэ тиийиэхтээх. Билиҥҥитэ аҕыйах тохтобул уоттара холбоно илик буолан, арылла иликтэр. Оттон сылаас тохтобул уопсай ахсаана инникитин сүүһү куоһарыахтаах.
Сылаас тохтобуллары бастакынан ылбыт предпринимателлэр билигин туох-ханнык санаалаахтарый? Маннык тохтобул-маҕаһыыннар төһө барыстаахтарый? Босхо бэриллэр атыы туочуката төһө көдьүүстээх буолан таҕыста?
Дьон үөрэнэ илик
Дьиэ-уот Департаменын тохтобулугар Нам улууһун бородууксуйата атыыланар. Александр Жирков салайааччылаах “Саҥа сүүрээн” фермерскэй хаһаайыстыба оҕуруот аһынан дьарыктанар, сылаас тохтобулу бу күһүн ылбыттара.
Үлэһиттэрэ Сюзанна Жиркова кэпсээбитинэн, кинилэр бу күһүн арыллаат, кыратык үлэлии түһэн баран, биир ыйга хомуур үлэтигэр баран тохтуу сылдьыбыттар. Ол саҕана социальнай ситимнэргэ дьон саҥата, мээрийэни мөҕүттүү, предпринимателлэри үөхсүү элбии сылдьыбыта тустаахтарга ыарахан түгэн буолбут.
Куоракка саамай чэпчэки сыаналаах минньигэс хаппыыста, хортуоппуй манна атыыланар. Хаппыысталара, моркуоптара атыыга бүппүт, хортуоппуй уонна сүбүөкүлэ билигин да баар. Хортуоппуйдара, кээмэйинэн наарданан, киилэтэ 70-80 солк. буолар. Ону таһынан намнар “Эрэл” хаһаайыстыбаларын үрүҥ аһа атыыга киирэр.
Үлэһит этэринэн, Дьокуускай олохтоохторо тохтобулларга тыа сириттэн киирэр ас атыыланарыгар үөрэнэ иликтэр. “Сорохтор киирэн соһуйаллар, сонньуйар, күлэр да дьон баар, - диир Сюзанна. - Тохтобулу сууйуу-сотуу, бэрээдэги көрүү олус түбүктээх эбит. Бастакы оптуобустар сырыылара саҕаланыан иннинэ кэлэн ааны арыйар, киэһэ бүтэһик оптуобус кэннэ ааны хатыыр туспа үлэһиттээхпит. Мин куорат кытыытыгар олорор буоламмын, бэйэм оннук гынарым табыллыбат. Кыратык да хойутуо суохтаахпыт, кэмигэр арыллан-сабыллан иһиэхтээхпит.
Тохтобулга атыылыы турарбыт иһин уоппутун бэйэбит уйунабыт, ону тэҥэ ларекпутун көрөр-истэр, ыраастык тутар, киирэр-тахсар дьоҥҥо бэрээдэги тутуһуннарар эбээһинэстээхпит.
Күн аайы кэлэн олорор, ардыгар аһыы утаҕы иһэр сир оҥостоору гынар дьон бааллара хомолтолоох. Үүрээри гыннахха, “бу остонуопкалар дьоҥҥо ананан тутуллубуттара” диэн этиһэллэр. Мин полицияны ыҥыран иһэбин, номнуо хаста да ыҥыран, оннук дьону үүрдэрбитим.
Манна босхо турар буоламмыт, сыананы чэпчэкитик тутабыт. Нам улууһун атын хаһаайыстыбаларын бородууксуйаларын уонна атын бытархай-оторхой табаары атыылаатахпытына эрэ харчы киирэр. Халлаан тымныйан, дьон дьэ сылдьар буоллан эрэр. Биһиэхэ саамай минньигэс уонна удамыр сыаналаах хортуоппуйда кэлэн атыылаһыҥ!”
Уоппутугар аһара элбэххарчы барар
Тыа хаһаайыстыбатын техникумун таһынааҕы сылаас тохтобулга Анаабыр улууһун бородууксуйата атыыланар. Н. Е. Андросов аатынан Элбэх хайысхалаах муниципальнай унитарнай тэрилтэ салайааччыта Александр Михайлов маҕаһыынын Анаабыртан олорон дьаһайар эбит, икки үлэһиттээх – атыыһыт уонна администратор.
Маҕаһыыҥҥа дьиэ табатын этиттэн оҥоһуллар ас, пельментэн, мантыттан саҕалаан барыта баар. Балык арааһыттан пресервэ, кэнсиэрбэ, хоту дойду деликатестарын Анаабырга оҥорон ыыталлар.
Самолетунан кэлбит быйылгы дьиэ табатын этэ билигин киилэтэ 500 солк. буолбут, ыыһаммыт таба этэ – 1000 солк., балык ортотунан 600 солк., таба этин миинин набора 150 солк.
Александр Алексеевич кэпсээбитинэн, маҕаһыыннарыгар туора табаары атыылаабаттар, Анаабыр улууһугар оҥоһуллар уопсайа 32 суол араас эт, балык бородууксуйата атыыланар: “Биһиги сылаас тохтобулга үлэлиир маҕаһыыммытыгар таба этиттэн, балыктан оҥоһуллар араас ас атыыга баар. Бу соторутааҕыта сибиэһэй тоҥ балыкпытын бэлэмнээн ыыттыбыт, онон сотору куораттарга чыыр, муксуун, голец атыыга тахсыахтара.
Тохтобул-маҕаһыын куортама босхо буолбутун иһин, уотугар наһаа ороскуоттаах буолар эбит. Биһиги тоҥнуу эрэ хараллыахтаах эт уонна балык атыылаах буоламмыт, холодильниктарбыт быыстала суох үлэлиэхтээхтэр. Аны туран, тохтобул ититиитэ эмиэ уотунан барар – ол төлөбүрэ тымныы ыйдарга дьиҥнээх маҕаһыын куортамныыр курдук ботуччу. Итиэннэ биһиги чипсы, сок курдук бытархайы атыылаабаппыт, аҥаардас бэйэбит бородууксуйабытын эрэ таһаарабыт, онно тохтобул дьиэтин иэнэ кыараҕас буолар эбит, прилавоктарбыт тиийбэттэр.
Сүрүн базабыт Мархаҕа баар, маҕаһыыҥҥа ас бүтээри гыннаҕына онно кырынабыт. Тохтобул аттыгар дьоҕус контейнер туруораары ыйыта сылдьыбыппытын, көҥүллээбэтэхтэрэ. Ол эмиэ соччо табыгаһа суох буолла.
Дьокуускай олохтоохторо тохтобулларга баар дьоҕус маҕаһыыннарга үөрэнэ иликтэр. Анаан-минээн атыылаһаары кэлэр киһи суоҕун кэриэтэ, биһиги килийиэннэрбит – маҕаһыыҥҥа алҕас киирэн кэлэр дьон, атыылаһа туран, оптуобустара кэллэҕинэ, ылбакка тахсан бараллар.
Тохтобулу оптуобус сырыыта саҕаланыан иннинэ арыйыахтааххыт, бүтэһик оптуобус кэннэ сабыахтааххыт диэн ирдэбиллээхтэр. Ол аата мин үлэһитим кэлэ-бара таксинан эрэ сылдьар – ол эмиэ ороскуоттаах.
Уопсайынан, передприниматель өттүттэн ылан көрдөххө, итинник мөкү өрүттэр бааллар. Биһиги бородууксуйабыт арааһа элбиир, кыра тохтобул-маҕаһыыҥҥа баппат буолабыт, кыһыҥҥы ыйдарга уотугар аһара элбэх ороскуоттааҕыттан, атын сиргэ барары толкуйдаан эрэбит”.