Полигоҥҥа баһаары умуруорар үлэ тохтообот
Бүлүү суолун 9 км баар сыбаалка полигонугар тахсыбыт баһаары умулларыы салҕанар.
“Жилкомсервис” МУТ салайааччыта Валерия Билоус: “Полигоҥҥа күнүстэри-түүннэри уоту умулларар үлэ ыытыллар. 35 самосваллаах тиэхиньикэ үлэлиир. 2000 кубометр уоту саба кутар матырыйаал тиэлиннэ. Кулун тутар 14-15 күнүн түүнүгэр 2 булдьозер үлэлээтэ. Бүгүн өссө “Якутлесресурс” булдьозера көмөҕө кэлиэхтээх”.
Баһылык э.т. Роман Сорокин кэпсээбитинэн, Өрөспүүбүлүкэттэн көмөҕө эбии тиэхиньикэ кэлэрин туһугар кэпсэтии барар.
“Роспотребнадзор” бэрэстэбиитэлэ Георгий Игнатьев иһитиннэрбитинэн, өрөбүллэргэ куоракка 28 лабораторнай-экспериментальнай чинчийиилэр ыытылыннылар. Салгын боруобатын полигоҥҥа киириигэ, ГРЭС-2 киириигэ, Бүлүү суолугар баар ГАИ пуоһугар, Сэргэлээх шоссетыгар уонна Борисовка-1 сиригэр ыытыллар. Салгыҥҥа углерод оксидын таһыма үрдээбитэ полигон таһыгар көстөр, Борисовкаҕа уонна ГАИ пуоһугар нуорматтан тахсыы бэлиэтэммэт.