Похуоттуу бардыбыт!
Бу күннэргэ дьиэ кэргэнинэн, кылааһынан похуоттар саҕаланыахтара. Үчүгэй сынньалаҥы көрдөөх бырагыраама киэргэтэр. Сөбүлэһэҕит? Оччоҕуна “Киин куорат” бэлэмнээбит оонньууларын сэргээҥ, сэҥээриҥ!
Хамсаныылаах оонньуулар
«Светофор»
Хонууга эбэтэр балаһааккаҕа оонньонор. Онно икки уһун сурааһыны тардаҕыт. Бастакы сурааһын кэннигэр кыттааччылар оонньуу саҕаланыытыгар тураллар. Оттон иккис сурааһыҥҥа диэри ыытааччыттан (эккирэтэр киһи) куотан тиийиэхтээхтэр.
Бастаан ыытааччыны талыҥ. Кини кэннинэн турар уонна ханнык баҕарар өҥү этэр. Онтон кыттааччылар диэки хайыстаҕына, оҕолор кини эппит өҥө таҥастарыгар баарын-суоҕун көрдөрөллөр. Баар буоллаҕына, иккис сурааһыҥҥа холкутук хааман тиийэллэр. Ол кэмҥэ этиллибит өҥө суохтар ыытааччыттан куотарга бэлэмнэнэллэр. “Чэ!” диэн хаһыытаатаҕына, иккис сурааһын диэки сүүрэллэр. Тутуллубут киһи ыытааччы буолар.
Итинник хас да өҥү этиэххэ сөп. Сүүрүүлээх-көтүүлээх уонна көрдөөх оонньуу. Үһүс киһитин кыайан сиппэтэх ыытааччы “ыстарааптанар” (ыллыыр, үҥкүүлүүр, хоһоон ааҕар эбэтэр сорудаҕы толорор).
«Муус»
Бастакы хамаанда оонньуурун иккис бөлөх көрөн саатыыр уонна хонтуруоллааччы оруолун толорор. Онтон миэстэлэрин атастаһаллар.
Сүрүн атрибутунан хаһыат, дьоҕус сымнаҕас көбүөр эбэтэр быһыллыбыт таҥас буолуон сөп. Тыаллаах күҥҥэ хаһыаты ылбат ордук, ону эрдэттэн учуоттааҥ.
Хаһыаты бүттүүнүн (атын атрибуту) сиргэ тэлгиигит, бу “муус” буолар. Онно хамаанда кыттааччылара, төһө киһи батарынан, тураллар. Онтон хаһыат балаһатын икки төгүл кыччатабыт. Оонньооччулар эмиэ тураллар. Ким баппатах эбэтэр сатаан турбатах – “тимирэр”. Онтон хаһыаты өссө кыччатаҕыт. Ол аайы кыттааччы ахсаана аҕыйыыр. Баҕар, аҥаар атаххытыгар, баҕар, атаххыт тумсугар туруҥ – бэйэҕит билэҕит. “Муус” бүтүннүү “ууллуор” диэри оонньуугут. Ол эрээри төһө кыалларынан элбэх буолан хаала сатыахтааххыт.
Хамаанданан оонньуулар
Элбэх буолан оонньуур ордук сэргэх уонна көрдөөх. Иллээх-эйэлээх уонна биир санаанан салайтарар хамаанда кыайыылаах буолар. Оонньуулар бириистээх буолаллара үчүгэй.
«40 атах»
Киэҥ-куоҥ уонна көнө сиргэ оонньуур үчүгэй. Биир ыытааччы талыллар. Атыттар икки хамаандаҕа арахсаллар.
Кыттааччылар иннигэр турар киһилэрин санныгар илиилэрин уура-уура, эрээккэ биир-биир тураллар. Оннук икки тус-туспа “40 атах” буолуохтаах.
Ыытааччы хамаандаларга сорудах биэрэр. Барытын үчүгэйдик толорбут – ол кыайыылаах.
Сорудахтар маннык буолуохтарын сөп:
- хаҥас атаххытын өрө тэбиҥ;
- биир эргиири сүүрүҥ;
- кэннигитинэн хаамыҥ;
- чохчойуҥ;
- чохчоохойдооҥ (чохчойон баран өрүтэ ыстаныҥ);
- “төбө” “атахха” тиийдин (ол аата бастакы турар киһи бүтэһик киһиэхэ тиийэр);
- биир атаххытыгар туран ыстаныҥ.
Кыттааччылар илиилэрин доҕотторун санныларыттан араарыа, ыһыллан хаалыа суохтаахтар.
«Сымыыты алдьатыма»
Эстафета курдук оонньуу. Икки хамаанда күрэхтэһэр. Хас биирдии кыттааччы биэтэккэ турар доҕоругар ньуоскаҕа сытар сымыыты түһэрбэккэ уонна алдьаппакка тиэрдэн иһиэхтээх. Сорудаҕы бастакынан уонна үчүгэйдик толорбут хамаанда кыайар.
Болҕойуҥ! Сымыыт буспут буолуохтаах. Ол эрээри ону кыттааччыларга эппэккит.
Маннык араас эстафетаны толкуйдуохха сөп. Холобур, сымыыты ньуоскалаах уунан солбуйуоххутун сөп. Эбэтэр тобуккут икки ардыгар кыра мээчиги кыбытан куоталаһыҥ.
Уоскулаҥҥа
Сороҕор сүүрүүлээх-көтүүлээх, элбэх хамсаныылаах оонньууттан оҕолор да, улахан дьон да сылайаллар. Ол иһин уоскуйа, тыын ыла түһүөххүтүн сөп.
«Крокодил»
Норуокка киэҥник тарҕаммыт оонньуу. Сорохтор билбэт буолуохтарын сөп. Кыттааччы ахсаана аҕыйаабыта – үс. Төһөнөн элбэх киһи да, оччонон интэриэһинэй: икки хамаандаҕа арахсыҥ.
Бастакы хамаанда тыл толкуйдуур. Ону биир кыттааччы иккис хамаандаҕа хамсанан-имсэнэн, сирэйинэн-хараҕынан, илиитинэн-атаҕынан таайтарар. Сөпкө таайбыт хамаанда аны бэйэтэ тыл толкуйдуур. Ол эрээри тыллары эрдэттэн кумааҕыга суруйан бэлэмниир, пакекка эбэтэр бэргэһэ иһигэр угар ордук. Оччоҕуна хамаандалар онтон биир-биир уочаратынан хостууллар. Көрдөөх тыллары толкуйдуур үчүгэй, сынньалаҥҥытын күлэн-үөрэн атаарыаххыт.
Оонньуу төһө да судургу буоллар, туспа быраабылалардаах:
- көмөлөһө сатаан, предмети бэйэтин көрдөрүллүбэт;
- тылы этэн көмөлөһөр көҥүллэммэт;
- тыл буукубаларын барытын этэн бэриллибэт.
Тугунан көмөлөһүөххэ сөбүй?
- сыыһа тылы этэр буоллахтарына, илиигитин кириэстии тутаҕыт;
- сөптөөх хоруйга чугаһаатахтарына эбэтэр атын тылынан (синонимынан) солбуйуҥ диэн этэригэр таайтарааччы биир сиргэ туран эргийэр;
- олох таайымаары гыннахтарына, тыл хас буукубалааҕын этиэххэ сөп.
Мин кимминий?
Оонньооччулар бэйэ-бэйэлэрин көрөр курдук төгүрүччү олороллор. Элбэх стикер наада. Онно хас биирдии кыттааччы биллэр артыыс, ырыаһыт эбэтэр мультик, киинэ персонаһын аатын суруйар. Онтон стикерин аттыгар олорор доҕоругар көрдөрбөккө, сүүһүгэр сыһыарар. Ол курдук, кыттааччыларга барыларыгар биллэр киһи аата тиксэр.
Ону таайаары, кыттааччылар уочаратынан доҕотторугар ыйытыы биэрэллэр. Онуоха бары “сөп” эбэтэр “суох” диэн хоруйдууллар. Түргэнник таайар курдук, боппуруоскутун үчүгэйдик толкуйдаан этиҥ.
Оонньуу киһи барыта кимин билиэр диэри ыытыллар.
«Утары тыллар»
Кыттааччылар төгүрүччү олороллор. Биир киһи ыытааччы буолар. Оонньууга мээчик наада.
Ыытааччы мээчиги чугас эбэтэр ыраах турар табаарыһыгар быраҕар уонна биир тылы этэр. Холобур, “тымныы”. Оччоҕуна мээчиги хабар киһи утары суолталаах тылы (антонимы) этэр – “итии” диир уонна атын тылы этэ-этэ, мээчиги салгыы быраҕар. Сыыһа тылы эппит эбэтэр мээчиги хаппатах киһи оонньууттан тахсан иһэр. Ким бүтэһик хаалбыт – ол кыайар.