10.02.2023 | 14:00

«Победа» аһымал пуондата тиһиктээх үлэни ыытар

Судаарыстыба мобилизацияламмыт гражданнары – анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын уонна дьиэ кэргэттэрин өйөөһүҥҥэ элбэх харчыны угар, ол эрэн ити үп барытыгар тиийбэт. Ол иһин, толору хааччыйар сыаллаах, 2022 сыл алтынньы ыйыгар «Победа» куораттааҕы аһымал пуондата тэриллибитэ.
«Победа» аһымал пуондата тиһиктээх үлэни ыытар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Победа» аһымал пуондатын устаабыгар олоҕуран, үбүлээһин хайысхаларынан оҥоһуллар:

- экипировканы, анал техническэй сириэстибэлэри, итиэннэ байыаннай олоххо-дьаһахха туттуллар тэриллэри атыылаһыы уонна тириэрдии;

- эмтэнии, эмптэри, медицинскэй «расходнай» матырыйааллары атыылаһыы, доруобуйаны чөлүгэр түһэрии;

- анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр материальнай көмөнү оҥоруу.

2022 сыл сэтинньи 1 күнүттэн бүгүҥҥү күҥҥэ диэри «Победа» аһымал пуондатын сирэй счетугар 27 мөлүйүөн солкуобай киирдэ, итинтэн 21 мөлүйүөн солкуобайа – бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэриттэн, сүрүннээн Олохтоох дьаһалта уонна биэдэмистибэлээх муниципальнай тэрилтэлэр сотрудниктарыттан киирбит үп.  Департаменнар, управлениялар, Олохтоох дьаһалта салааларын,  хонтуруоллуур-суоттуур палаата, территориальнай уонна куорат кытыытынааҕы салалта уорганнарын, муниципальнай хааһына тэрилтэлэрин, куорат оскуолаларын, оҕо уһуйааннарын үлэһиттэрэ биир күннээх хамнастарын  аһымал пуондаҕа ыыттылар.

5 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ харчыны куорат территориятыгар үлэлиир хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэлэр, акционернай уопсастыбалар уонна биирдиилээн предпринимателлэр ыыттылар. 211 тыһыынча кэриҥэ солкуобайы Дьокуускай араас тэрилтэлэрэ биэрдилэр. Куорат олохтоохторо туора турбаттара үөрүүлээх. Ол курдук, кинилэр аһымал пуондаҕа 900 тыһыынча солкуобай кэриҥэ ыыттылар.

«Победа» аһымал пуондатыгар киирбит үптэн байыаннай сулууспалаахтар туһаларыгар барыта  24 мөлүйүөн 864 тыһыынча солкуобай кэриҥэ ороскуоттанна. Ол курдук, 5 мөлүйүөн 880 тыһыынча солкуобай суумалаах 6 автотырааныспар ылылынна. 15 мөлүйүөн 662 тыһыынча солкуобайга байыаннай таҥас-сап уонна олоххо-дьаһахха туттуллар табаарынай-материальнай сыаннас – утуйар мөһөөччүктэр, ичигэс ис таҥас, саппыкы, каска-шлем, «дождевиктар», көһөрүллэр аккумулятордар, электрогенератордар, перфоратордар уо.д.а. атыылаһылыннылар.  Итини сэргэ анал техническэй сириэстибэлэр – квадрокоптердар, тепловизордар, рациялар, монокулярдар уо.д.а. ылылыннылар. 1 мөлүйүөн 371 тыһыынча солкуобай биир төгүллээх материальнай көмөҕө барда.

Билҥҥи кэмҥэ «Победа» аһымал пуондата анал байыаннай дьайыыга ыытарга аадырыстаах гуманитарнай көмөнү бэлэмниир, итини байыаннай сулууспалаахтар олунньу 13-15 күннэригэр тутуохтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...