Петровскай уулуссатын аспаалын чинчийэллэр
Аҕыйах хонуктааҕыта «Главстрой» тэрилтэ иһитиннэрбитинэн, Петровскай уулуссатын өрөмүөннэммит учаастагар (Ленин проспегыттан Ойуунускай уулуссатыгар диэри) кутуллубут аспаал, бетон бүрүөһүнүн халыҥын коэффициенын быһаарар сыаллаах хос боруоба ыллылар.
Манна «Алаас» ХЭТ (генеральнай бэдэрээтчит), «Лена» Упрдор ФКУ уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы норуот фронун уопсастыбанньыктара кытыннылар. Ылыллыбыт боруобаны Москватааҕы «Микро» лабораторияҕа чинчийиэхтэрэ.
Дьокуускай куоракка «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак үлэлиэҕиттэн 2019 уонна 2020 сылларга бу курдук уонтан тахса чинчийии буолбута. Стандартка эппиэттээбэтэх кэккэ түгэннэргэ үлэ саҥаттан ыытыллыбытын туһунан «Главстрой» тэрилтэ үлэһиттэрэ бэлиэтииллэр.