Петр Макаров: «Маһары оруола — дьонум-сэргэм иннигэр икки бүк эппиэтинэс...»
Харысхалы утумнааччы, кыымы уматааччы
– Саха тыйаатыра былааннаах, сыаллаах-соруктаах үлэлиир. Репертуарбыт эрдэттэн Уус-уран сэбиэтинэн бигэргэтиллэр. Ыллыбыт да, талбыт айымньыбытын туруорбаппыт.
Маһары туһунан испэктээги туруорар санаа былырыын күөдьүйбүтэ. Хас биирдии идиэйэ олоххо киирэригэр кыым уматааччы дьон баар буолар. Биһиги оннук киһибит – эдэр ааптар Утум Захаров тыйаатырга сыстан үлэлээбитэ лоп курдук биир сыл буолла. Кини пьесатынан турбут «Коркин. Андаҕар» испэктээги дьон-сэргэ биһирээтэ. «Маһары. Ыраахтааҕыга айан» – ааптар Саха тыйаатырыгар иккис улахан айымньыта. Утум Маһары туһунан элбэҕи билээри-көрөөрү, архыыпка сылдьан, докумуоннары хасыһан, сүрдээх улахан хамсааһыны саҕалаата. Бу иннинэ биһиги тыйаатырбытыгар маннык сүдү үлэни ытык киһибит Баһылай Харысхал ыытара. Ол түмүгэр «Эргиллиэм хайаан да…», «Көмүөл» уо.д.а. чулуу айымньылар турбуттара. Кини суолун салҕааччы, ааттыын Утум тыйаатырга кэлбититтэн үөрэбит, кэнэҕэскитин улахан драматург буола үүнэн, улаатан тахсыа диэн эрэнэбит.
Пьеса история чахчыларыгар олоҕурар, туох да халбаҥнааһын суох. Ол эрээри бу уус-уран айымньы буоларын көрөөччүлэр өйдүөхтэрин наада. Саҥа испэктээги Арассыыйаҕа аар-саарга аатырбыт Сергей Потапов туруора сылдьар. Кини – бэйэтэ көрөөччүлэрдээх, туспа суоллаах-иистээх, ураты буочардаах режиссер. Көстүүм худуоһунньуга – Сардаана Федотова, Михаил Егоров сценографията. Уот-күөс өттүгэр соҕурууттан идэтийбит үлэһити ыҥырдыбыт, онон атын, сонун көстүү буолуоҕа.
Улахан хамсааһыны таһаарыахтаах
– Үгүстэр Тыгын сиэнэ, Бөдьөкө Бөҕө уола Маһары Бозеков туһунан билбэттэр. История кэпсииринэн, архыып докумуоннара кэрэһилииллэринэн, сахалартан бастакынан ыраахтааҕыга тиийэн норуотун кыһалҕатын тиэрдибит Хаҥалас киһитэ. Санаан көрүҥ, оччолорго (17-с үйэ иккис аҥаарыгар) Саха сириттэн итиччэ ыраах айаҥҥа турунуу, сүүрүгү утары эрдэн, өрүһү өксөйөн, салгыы атынан айанныыр диэн – санааҕа да баппат хорсун быһыы. Тиэхиньикэ суох кэмигэр космоска тиийбит тэҥэ буоллаҕа.
Биһиги бу айымньынан Арассыыйа судаарыстыбата саха норуотун хаһан билиммитин, ыраахтааҕы сахалар көрдөһүүлэрин хайдах ылыммытын, Маһары олорон ааспыт олоҕун көрдөрүөхпүт. Испэктээк «саха – кыра норуот» диэн санааны кыйдаан, аҕыйах ахсааннаах эрээри, эр санаабытынан, мындыр толкуйбутунан улахан омук эбиппит диэн өйгө-санааҕа сирдиэхтээх. Ыччат «биһиги өбүгэлэрбит туохтан да толлубакка, норуот инникитин туруорсар модун кыахтаахтара, кинилэртэн холобур ылан, өссө да элбэҕи оҥоруохпутун сөп эбит» диэн толкуйга кэлиэхтээх.
Мин санаабар, бу дириҥ ис хоһоонноох испэктээк улахан хамсааһыны таһаарыахтаах, биһиги салайааччыларбыт, интеллигенциябыт, элиитэбит, ыччаппыт Саха сиригэр маннык сүдү киһи олорон ааспытын билэллэригэр уонна өйдүүллэригэр төһүү күүс буолуохтаах. Итиннэ эбэн эттэххэ, бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев: «Сахалартан аан бастакынан Арассыыйа судаарыстыбатыгар улахан хамсааһыны оҥорбут Маһары аатын ааттатыахтааххыт», – диэн кэриэһин этэн турар.
Салайааччы уонна артыыс идэтин дьүөрэлээн...
Петр Макаров 2002 сыллаахха М.С. Щепкин аатынан Москватааҕы Үрдүкү театральнай училищены бүтэрэн кэлбитэ. Кини 18 сыл артыыһынан, онтон биир сыл дириэктэр солбуйааччытынан үлэлээн, тыйаатыр ис эйгэтин этинэн-хаанынан билэн-көрөн, үөрэтэн баран, Анатолий Павлович Николаев кэнниттэн дириэктэринэн анаммыта. Бу дуоһунаска кэлэктиибэ эрдэттэн бэлэмнээбитэ.
Салгыы Петр Тимофеевич Маһары оруола киниэхэ хайдах тиксибитин, ону тоҕо икки бүк эппиэтинэс курдук ылыммытын сэһэргээтэ.
– Артыыс хайа да түгэҥҥэ сыанатын умнуо суохтаах, оонньуу сылдьыахтаах диэн санаалаахпын. Бастаан дириэктэринэн ананарбар аҕам саастаах ытык дьонум алгыстарын аныылларыгар: «Салайааччы уонна артыыс идэтин дьүөрэлиир буоллаххына эрэ уһуннук үлэлиэҥ», – диэн сүбэлээбиттэрэ. Онон күн бүгүҥҥэ диэри ол тылларын суолдьут сулус оҥостобун.
Утум Захаров Хаҥаласка тиийэ сырыттаҕына биир дойдулаахтарым: «Биһиги бэйэбит Петр Макаров диэн Маһары Бозековка тас көрүҥүнэн, ис-иһиттэн майгынныыр уоллаахпыт», – диэбиттэр этэ. Утум ону кэлэн кэпсээбитигэр, Сергей Потапов иилэ хабан ылан: «Эн оонньуохтаах эбиккин. Тас көрүҥүнэн эрэ буолбакка, ис туругунан, өйүнэн-санаатынан да барсар», – диэн миигин Маһары оруолугар бигэргэппитэ. Суруйааччы суруйда, режиссер эттэ – ону артыыс быһа гыммакка толоруохтаах. Биһигини оннук үөрэппиттэрэ. Оттон хайа баҕарар артыыска сүрүн оруолга тиксии – дьол. Маһарыны оонньуур буолбуппуттан олус үөрэбин уонна долгуйабын. Бэйэм Хаҥаластан төрүттээхпин, онон дьонум-сэргэм иннигэр икки бүк үрдүк эппиэтинэс курдук ылынным.
Биһиги дьиҥ чахчы олоро сылдьыбыт, историяҕа бэйэлэрин суолларын-иистэрин хаалларбыт улахан дьон туһунан испэктээги туруоруохпут иннинэ кинилэр дойдуларыгар, сирдэригэр-уоттарыгар тиийэн, аал уоту оттон, айах тутан көрдөһөр, көҥүл ылар сиэри-туому ыытар үтүө үгэстээхпит. Ааспыт нэдиэлэҕэ саҥа испэктээк айар бөлөҕө Хаҥаласка Маһары көмүс уҥуоҕа хараллан сытар сиригэр чугаһаан, ити сиэри-туому толорон кэллибит. Онон испэктээк санаа хоту сатаныа, бэйэтин көрөөччүтүн булуо диэн эрэнэбит.
Ыра санаабыт болуоссата олоххо киириэ диэн эрэнэбит
Салгыы Петр Тимофеевичтан Саха тыйаатыра туохха сүрүн болҕомтотун уурарын, көрөөччүлэригэр тугу бэлэмниирин ыйыталастыбыт.
– Аныгы үйэҕэ сайдыы үрүйэ уута сүүрэринии түргэнник уонна балысханнык барар. Дьэ, маннык кэмҥэ биһиги иннибитигэр тыйаатыр нөҥүө норуотун историятын билэр, ытыктыыр, ийэ тылын таптыыр ыччаты иитэн таһаарар улахан сорук турар. Саха тыйаатыра оскуолалары, уһуйааннары, интэринээттэри кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир. Быйыл түөрт биригээдэнэн гастроллаатыбыт, элбэх көрөөччүнү хабан кэллибит. Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларынан үтүмэн үлэ, үгүс тэрээһин ыытылынна. Тыйаатыр иһинэн Нюргуяна Шадрина уонна Ирина Никифорова салайааччылардаах икки оҕо устуудьуйатын арыйдыбыт. Былааннара киэҥ, ситиһиилэрэ да үгүс. 118-с айар дьылбытын «Маһары. Ыраахтааҕыга айан» испэктээгинэн түмүктүүбүт. Кэлэр сезоҥҥа көрөөччүлэрбитигэр өссө сонун бырайыактары олоххо киллэрэргэ үлэлиэхпит.
Биир баҕа санаабытын хаһыат нөҥүө кылгастык кэпсиим. Биһиги инникитин Орджоникидзе болуоссата Былатыан Ойуунускай аатын сүгэр тыйаатыр болуоссатыгар кубулуйуохтаах диэн ыра санаалаахпыт. Манна Саха тыйаатырын аар-саарга ааттаппыт ытык дьоммутун үйэтитэр бюстар, пааматынньыктар туруохтаахтар, артыыстарбыт албан ааттарын, чаҕылхай оруолларын билиһиннэрэр аллея оҥоһуллуохтаах. Тыйаатыр болуоссата фонтаҥҥа сөрүүкүүр, оҕо аймах самокатынан хатааһылыыр, оонньуур эрэ миэстэтэ буолбакка, дьон-сэргэ сынньанан, билиитэ-көрүүтэ кэҥээн, өйдүүн-санаалыын байан барар сиригэр кубулуйуохтаах. Билигин ити ыра санаабыт олоххо киирэригэр үлэлии-хамсыы, үрдүкү салалтаҕа туруорса сылдьабыт. Кистэлэҥи барытын арыйбаппыт, ол эрээри хайаан да туолуо диэн бүк эрэнэбит.
– Петр Тимофеевич, быыс булан кэпсэппиккэр махтанабыт. Кэрэни кэрэхсээччилэр, тыйаатыры таптааччылар «Маһары. Ыраахтааҕыга айан» испэктээги долгуйа күүтэбит. Саха тыйаатырын репертуарын байытар, норуоту уһугуннарар модун күүстээх дьоһун айымньы тахсыа диэн эрэнэ хаалабыт.
Аныгыскы нүөмэргэ эдэр драматург Утум Захаровы кытта сэһэргэһиини ааҕыҥ. Саха тыйаатырын хаартыскалара