22.08.2024 | 12:00

Петр Лазарев: «Уол оҕо олоххо бастакы хардыылары оҥороругар спорт суолтата улахан...»

Петр Лазарев: «Уол оҕо олоххо бастакы хардыылары оҥороругар спорт суолтата улахан...»
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү нүөмэрбит ыалдьыта – үс Олимпиада кыттыылааҕа Айаал Лазарев амарах аҕата, СӨ үтүөлээх юриһа, Ис дьыала министиэристибэтин полковнига, федеральнай таһымнаах судьуйа, бойобуой дьайыылар кыттыылааҕа Петр Васильевич Лазарев. Сэргэх сэһэргэһиибит Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылыгар ананна, онон уол оҕону үлэнэн иитии, аҕа быһыытынан спорка угуйуу, үлэ-хамнас тула буолла.

Хара үлэҕэ кыра эрдэхпиттэн эриллибитим

– Петр Васильевич, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыах.

Мин 1951 сыллаахха от ыйын 28 күнүгэр Амма сэлиэнньэтигэр төрөөбүтүм. Аҕам Амма Чакырыттан төрүттээх, сэрии бэтэрээнэ этэ. Ол содула да буолуо, аһыыр-сиир этэ. Төрөппүттэрим кыра эрдэхпитинэ арахсыбыттара. Онон убайым биһикки аҥаардас ийэҕэ иитиллибиппит. Ийэбит балыыһаҕа санитаркалыыра. Наар муоста сууйан, балыыһа испириистэрин оргутан, иһиттэрин-хомуостарын сууйан, оһох оттон хачыгырайан тахсара. Амбулатория алта оһохтооҕо. Убайбыныын эбиэттэн киэһэ, үлэ чааһа бүтүүтэ тиийэн ийэбитигэр муоста сууйан көмөлөһөрбүт. Алта оһоххо оттор маһын хайытар, кыстыыр этибит. Ийэбит күнү быһа үлэтигэр, онон кини кэлэригэр дьиэни-уоту хомуйан, оһох оттон, ас бэлэмнээн көрсөрбүт.

– Букатын кыра сааскыттан үлэ диэн тугун билбит эбиккин дии. Үлэ киһини элбэххэ үөрэтэр буоллаҕа...

– Биһиги саҕана оҕолор олох кыраларыттан үлэлииллэр этэ. Төрдүс кылааһы бүтэрээт, убайбыныын Аммаҕа кирпииччэ собуотугар үлэлээбитим. Бастакы хамнаспыт уоннуу солкуобай этэ. “Үлэ дьоно иккиэн миинэҕит” диэн ийэбит бэлисипиэт ылбытын субу баардыы өйдүүбүн. Иккис сылбытыгар ийэбит иистэнэр массыына атыыласпыта уонна “бу миэхэ уолаттарым бэлэхтээтилэр” диэн үөрбүтэ-көппүтэ. Онно улахан хамнастаах дьон курдук санаммыппыт. Ол соҕотох ийэ барахсан уолаттарын эр киһилии иитэр быһыыта эбит.

Сэттис кылаастан саҕалаан от үлэтигэр үлэлээбитим. Биригээдэбитигэр уонча оҕо уонна биэс-алта улахан дьон этибит. Биригэдьиирбит Новиков Иван Николаевич – Саха сирин үтүөлээх үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэҕэ от үлэтигэр кырата уончата бастаабыта буолуо. Ол саҕана барыта пуонда. Декада түмүгүнэн бастаабыкка убаһа бэриллэрэ. Социалистическай куоталаһыы, “паартыйа эттэ” дии-дии үлэҕэ умса түһүү. Урукку дьон үлэһиттэрэ, эппиэтинэстэрэ сүрдээх. Биһиги, оҕолор эмиэ, тэбис-тэҥҥэ алта чаастан сылдьыһарбыт. Киэһэ сиик түспүтүн кэннэ, уон чааска бүтэрбит. Сайынын кумаара, бырдаҕа элбэҕэ диибин диэн. Аны ат көлөһүнүгэр сахсырҕа, күлүмэн, тигээйи мустар. Ол аайы атыҥ сүгүн туруо үһү дуо? Мөхсөрүн ааһан табыйар эҥин. Онон акка сыстаҕас буола улааппытым, хара үлэҕэ кыра эрдэхпиттэн эриллибитим.

 

Бастыҥнар ортолоругар

– “Ат сүүрдүүтүгэр бастыҥ баайааччы Амматтан Бүөккэ Лааһарап сүүрүк ата бастаан иһэр” диэн ипподромҥа элбэхтик иһиллибитэ. Бу дьарыгыҥ хаһааҥҥыттан саҕаламмытай?

– Оскуолаҕа сылдьан тустар этим даҕаны, үксүн бириэмэм ат баайарбар барара. Ол саҕана 14-15 саастаахпын. Онно үлэлиир эдэр уолаттар: «Сарсыарда эрдэ кэлэн сүүрүк аттары бурдуктаттаххытына, мииннэриэхпит», – диир буолаллара. Дьэ, доҕор, оччолорго аты сиэтэн хаамтардаххына, өссө мииннэххинэ дуоһуйуу бөҕө буолара. Саас сарсыарда алтаҕа сүүрүк аттары аһата тиийэрим. Аны турар сирдэрэ дьиэбиттэн 5 км ыраах. Ол иһин сарсыарда биэскэ турабын. Ааһан иһэн табаарыспын уһугуннарабын. Алтаҕа тиийэн бурдуктатабыт. Бастакы сэлиибит 7.30-8.00 чааска. Онтон 11-гэ халлаан дьыбара тахсыбытын кэннэ сүүрдэбит. Күнүс оскуолабар барабын. Үөрэнэн кэлээт, эрдэ турбут киһи сылайар буоллаҕым, киэһэ эрдэ утуйан хаалабын.

Аммалар сүүрүк аттарынан өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥнар этэ. 1962 дуу, 1963 дуу сыллаахха Хатастан Чакырга убаһа атыылаһан барбыттар этэ. Ол убаһалар ситэннэр 6-7 саастарыгар биһиги аттарбыт тупсан аҕай тахсыбыттара, хаан аҥаардаахтар этэ. Ити кэмнэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ биэстэ хаста бастаан турабыт. Дьокуускайга ат сүүрдэр ипподрому биэс тарбаҕым курдук билбитим. Дьиҥэр, оскуола үөрэнээччитэ буоллаҕым. Ат баайааччылары барыларын ааҕа билэр этим. Хатаска – Мордовской, ОПХ аттарын Прохоров диэн баайара. Мэҥэлэргэ Дмитриев, Титов, чурапчыларга Карпов, Каратаев диэн бааллар этэ. Биирдэ бары ытыктыыр киһибит, улуу баайааччы Иннокентий Свинобоев-Тыыннаахап, билигин тоҕус уонун ааспыт аарыма кырдьаҕас, аттарбын кэлэн көрбүтэ, хайҕаан барбытта. Ону улахан ситиһии курдук саныыбын.

1968 сыллаахха оскуоланы бүтэрбитим кэннэ паартыйа оройуоннааҕы кэмитиэтэ Ленин 100 сыллаах үбүлүөйүгэр ат баайтарбыта. Онон аармыйаҕа хойутаан барбытым. Аны ол сүүрүүнү күһүҥҥүгэ көһөрбүттэрэ, онтон хайдах эрэ буолбатаҕа. Аттарбын бэлэмнээбитим. Амма ипподромугар сүүрдэрбэр түөрт атым рекорд охсубуттара. Ол аата сайыҥҥы бириэмэҕэ икки мүнүүтэни алдьатар диэн улахан суолталаах этэ. Мүнүүтэ 57;58;59 кэлитэлээбиттэрэ. Ити курдук, оҕо эрдэхпиттэн миккиллибит дьарыкпар – ат сүүрүүтүгэр улахан ситиһиилэммитим. Онтон аармыйаттан кэлэн баран 1973 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ ат сүүрдүүтүгэр бэйэм баайбыт аппынан бастаабытым. Онон дьарыгым түмүктэммитэ.

 

Чопчу сыаллаах-соруктаах кэлбитим

– Аармыйаҕа уол оҕо өй-санаа, эт-хаан өттүнэн ситэр, сайдар диэтэхпитинэ, сыыһа буолбат ини? Эн төһө уларыйан кэлбиккиний?

– Аармыйаҕа барыам иннинэ ыйааһыным 62 киилэ этэ, төннөрбөр 74 киилэ буолан, эт-хаан өттүнэн сүрдээҕин сайдан кэлбитим. Ол курдук санаабын ууран, сыал-сорук оҥостон туран дьарыктаммытым. Аны бииргэ сулууспалыыр уолаттарым ким ханнык техникумҥа, ханнык идэҕэ хайдах үөрэнэрин, этэргэ дылы, кулгааҕым даллайыар диэри кэпсииллэрэ. Ону истэн, үөрэхтээх, үлэһит буолар баҕа санаам күүһүрбүтэ. Онон аармыйаттан 120 киһини хамаандалаабыт старшина званиелаах, олоххо чопчу сыаллаах-соруктаах киһи кэлбитим. “Миигин үөрэххэ ыытыҥ”, “үлэҕэ ылыҥ” диэн куоракка КГБ тиийбитим. Онуоха: “Сезон бүттэ. Быйылгыттан юридическай арыллыахтаах эрээри, биһиги омуктуу билэр дьоҥҥо ордук наадыйабыт”, – диэн чугаһаппатахтара даҕаны. Юридическай ол сыл арыллыбатаҕа. Онон 1973 сыллаахха университет омук тылын факультетыгар ньиэмэс тылын салаатыгар үрдүк үөрэххэ киирбитим. Тыа сирин оҕолоругар, уопсайынан, уол оҕоҕо, чахчы, аармыйа туһата баһаам диэхпин баҕарабын. Ону кэмигэр таба өйдөөн, быһаарыныы ылыныы хас биирдии уол бэйэтин соруга буолара саарбаҕа суох дии саныыбын.

 

Олимпиецтары кытта биир көбүөргэ

– Университекка оҕо сааһым биир дьарыгынан – тустуунан дьарыктанан барбытым. Мин дьолбор, Захар Чукров үөрэнэ киирбитэ. Ити саҕана 82 киилэҕэ тустара. Киниэхэ спарринг партнер буоларым. Үчүгэй уолаттары кытта дьарыктанан, биллэрдик эбиллибитим. Маастар нуорматыгар эппиэттиир этим. 1979 сыллаахха Дьокуускайга Бүтүн Сойуустааҕы турнир буолбута. Онно бастакы, иккис миэстэни монголлар ылбыттара. Байра уонна Энкэ диэн. Дьиҥинэн, икки иһигэр киирдэххинэ маастар нуорматын толороҕун диэн этэ. Онно ол икки бастакыны омуктар ыллылар диэн, мин ааппар маастар нуорматыгар докумуон толорбуттара. Ол гынан баран биэрбэтэхтэрэ.

Соҕуруу элбэхтик күрэхтэспитим. Белоруссиянан, Таджикистанынан, Узбекистанынан, Чебоксарынан сылдьан тустар этим. Улахан түһүлгэлэргэ миэстэлэспэт этим да буоллар, кыттарым.

1976 сыллаахха Арассыыйа финалыгар барбыттаахпын. Онно олимпиецтары кытта биир көбүөргэ тустубутум. Таһымнаах тустууну онно көрбүтүм. Биһигиттэн Захар Чукров – үһүс, Чурапчыттан Афоня Захаров 48 кг эмиэ үһүс буолбуттара. Амма уола Ефрем Ефремов 52 кг Хабаровскай (үөрэнэр сирин) аатыттан кыттан, иккис миэстэни ылбыта. Роман Дмитриев убайа Гаврил Дмитриев, Сэбиэскэй Сойуус чемпиона, 52 кг үһүстээбитэ. Ефремов кэнниттэн. Онно Сойуус чемпионнарыныын, призердардарыныын, олимпиецтардыын биир көбүөргэ көрсүспүт эбиппин.

Кэлин аҕа буолан баран уолаттарбын тустуу эйгэтигэр эмиэ сирдээтэҕим. Уол оҕо олоххо бастакы хардыылары оҥороругар спорт суолтата улахан. Ону бэйэм эппинэн-хааммынан билбитим.

 

Дьолбор көстүбүт күндү киһим

– Олоҕуҥ аргыһын ханна, хайдах көрсүбүккүнүй?

– Аанчыкпыныын университет уопсайын 13-с куорпуһугар биир этээскэ олорбуппут. Устудьуоннар фойеҕа мустан уруок ааҕар этибит. Биирдэ утары икки кыыс тылбаас оҥорон тиритэ-хорута олороро. “Хайа, итини сатаабаккыт дуо?” диэн баран начаас оҥорон биэрдэҕим дии.

Арай саас Аанчык дьүөгэтэ хоһум аанын тоҥсуйда уонна ыҥыран ылан:  “Аанчык эйиэхэ уруучука биэрээри гынар. Баран ылар үһүгүн”, – диэтэ. Иһиттим дуу, истибэтим дуу диэт, баттахпын сууна охсоот, футболкабын уларыттаат, ойдоҕум дии. Элээрдэн түстүм. Аанын арыйда. Кыыһым кыбыстан, сирэйэ тэтэрэн аҕай турар. Оҕо буоллаҕа дии, уон тоҕустаах. Кыыс долгуйбутун көрөн, мин сүрэҕим эмиэ битийдэ. Боростуой шариковай уруучуканы утары уунна. Ол махтанан.

Онтон ыла уопсайбыт түннүктэрин анныгар туран кэпсэтэр буолбуппут. Аанчыкпыныын доҕордоһуубут оннук саҕаламмыта. Соҕуруу туста барабын. Аанчыкпар кэһиилээх кэлэбин. Водолазка уонна кожа курдук дьууппа аҕалбыппар, кыыһым үөрүү-көтүү бөҕө буолбута. 

Иккис кууруска Өктөөп бырааһынньыгар Аанчыкпын дьиэбэр ыҥырдым. Ийэм Сайсарыга кыыһыныын олороро. Кыыспын көрөн сэргээбитэ. Ол өрөбүллэргэ Аанчыгым дойдутугар сөмөлүөтүнэн көттө. Ийэбин кытта кэпсэтиэм диэн буолла. Ол кэмҥэ ыйы ыйынан куораттарынан сылдьар буоламмын, тренерим кэпсэтэн, үөрэхпэр “академ” биэрдилэр. Онон Үөһээ Бүлүүгэ айанныыр буоллум. Ийэм барахсан тэрийэн ыытта. Биир бөтүөн дьэдьэннээхпин, Амма уола буоллаҕым. Кимтэн эрэ андаатар бэргэһэ, биир уолтан унтуутун уларсан, дьэ, күтүөттүү тиийдим. Аҕыйах хонон баран Аанчыгым ийэтэ Мария Ивановна билсиһии оҥоробун диэтэ. Сэтинньи 20 күнүгэр аймахтарыныын күтүөтү кытта көрсүһүү диэн оҥордулар.

Ол курдук 1977 сыллаахха тохсунньу 12 күнүгэр саахсаламмыппыт. Олунньу 22 күнүгэр Сайсары остолобуойугар наһаа үчүгэй устудьуоннар сыбаайбалара буолбута. Бииргэ үөрэммит уолаттарым ВИА группалаахтар этэ, кинилэр кэлбиттэрэ. Аны тустуук уолаттарбын ыҥырбытым. Аанчык факультетын кыргыттара, мин факультеппыттан – эдэр ыччат бөҕө. Аймахтар икки өттүттэн мустубуттара. Сыбаайбабытыгар бэлэхтээбит германскай чайнай сервистэрэ билиҥҥэ диэри ыскаап саамай күндү мала буолан турар.

Аанчыгым, Анна Сергеевна – мин дьолбор көстүбүт күндү киһим. Ийэ кынныбар Мария Ивановнаҕа наар махтанабын. Кыыһын наһаа үчүгэйдик ииппит диэн. Бэйэтэ эмиэ соҕотоҕун улаатыннардаҕа дии. Кэнники наар ийэбитиниин бииргэ олорбуппут. Миигин булка барарбар өрүү таҥаспын-саппын, аспын-үөлбүн бэрийэн ыытар буолара. Оннооҕор сиргэ хонорго спальник тикпиттээх. Хаһаайка быһыытынан дьаһаллаах бөҕөтө.

Мин суохтуур, күннэтэ саныыр, ахтар киһим, Аанчыгым Дьылҕа хаан ыйыытынан бараахтаабыта. Онон билигин оҕолорбор сиэннэрбин көрсөбүн, биэбэйдэһэбин. Эбэлэрин суохтаппат буола сатыыбын.

 

Аллайыаханан, Дьааҥынан, Чечнянан...

– Ис дьыала инспекторыттан – министиэристибэҕэ, ону ааһан Чечня сэриитигэр Арассыыйа таһымыгар ыстаап начаалынньыга дуоһунаска үлэлээбитиҥ – идэҕин сөпкө талыыҥ туоһута буоллаҕа?

– Ис дьыала инспектора милииссийэҕэ суох буолан хаалбытыгар, миигин, оскуола учууталын, милииссийэҕэ ылбыттара. Магадаҥҥа юридическайы бүтэрэрбэр 36 саастааҕым.

Олохтоох буоламмын дьону-сэргэни билэрим. Участковайдатан баран силиэстийэҕэ ылбыттара. Дьыаланы арыйыыга бастыҥ көрдөрүүм иһин Сойуустан «Знак за отличную службу в МВД СССР» диэн бэлиэни Саха сириттэн бастакынан ылар чиэскэ тиксибитим. Миниистир Кайдышевтыын бииргэ бу бэлиэни Сойууска биэс буолан туппуппут. Маннык бэлиэни кэнники Саха сиригэр аныыр буолбуттара. Ол саҕана Сойуус быһаарара. Милииссийэҕэ карьерам итинник саҕаламмыта. ССРС ИДьМ-н академиятыгар ыыппыттара, үөрэнэн кэлэрбэр Аллайыахаҕа анаабыттара. Мин иннибэр үлэлээбит начаалынньыктар бары кэлии дьон эбит. Бастакы саха киһитэ милииссийэ начаалынньыгынан ананан тиийбитим. Үлэһиттэрим олохтоох киһи суоҕун кэриэтэ. Аны Москваттан кэлэн үлэлии сылдьар подполковниктары үс киһини устан кэбистим. Мин капитан буоллаҕым дии. Дьонум үҥсэн, Москваҕа суруйбуттар. Инньэ гынан биэс киһилээх бэрэбиэркэ кэллэ. Милииссийэлэри, олохтоох нэһилиэнньэни эмиэ ыҥыран ыйытыы бөҕө. Үһүс күнүгэр эбиэттэн киэһэ салайааччылара Платон Петрович Ощепков ыҥырда. “Үлэҥ-хамнаһыҥ сөптөөх” диэн буолла.

Кэлии дьон олохтоохтортон түүлээҕи, балыгы көрдүүллэрэ тохтообута. Ыраахтан айаннаан кэлбит дьону төттөрү-таары сүүрдэллэрэ бэрээдэктэммитэ. Олохтоох дьонтон милииссийэҕэ үлэлии кииртэлээбиттэрэ. Дьэ, итинник Аллайыахаҕа үс сылым туолан, куоракка кэлиэхтээҕим.

Ол кэмҥэ Дьааҥыга Иван Иванович Горохов бэйэтин дойдутугар салалтаҕа барар буолбут уонна ИДьМ миниистиригэр киирэн: «Лазаревы миэхэ ыытыҥ. Дьонум иэдэйдилэр. Миэхэ дьаһаллаах, бэрээдэги олохтуур киһи наада», — диэбит. Онон Дьааҥы улууһугар ананным. Бирикээс буоллаҕа дии.

Кыраларбытын – Айаалы уонна Аннушканы оннук көһө сылдьан Аллайыаханан, Дьааҥынан үлэлээбит кэмнээҕим. Улахан уолбут Ньургун Аммаҕа эбэтиниин хаалбыта. Айаал Дьааҥыга оскуолаҕа киирбитэ. Барыта биэстэ көспүппүт. Онно барытыгар кэргэним барахсан бииргэ сылдьыһара.

Үлэбэр биир киэн туттуум – Чечняҕа сулууспам. Министиэристибэҕэ үлэлии олордохпуна Арассыыйа бэрэбиэркэтэ манна буолбута. Ону генерал Коков диэн салайар этэ. Кини туруорсуутунан Саха сириттэн соҕотоҕун, 25 регионтан икки аҥаар тыһыынча киһилээх “Группировка МВД России” диэн баарыгар онно маҥнайгы солбуйааччынан алта ый устата Чечня сэриитигэр үлэлээн кэлбитим. Арассыыйа таһымыгар Байыаннайдарга ыстаап начаалынньыга диэн дуоһунаска сылдьыбытым. СӨ Бэрэсидьиэнэ В.А. Штыров аатыгар хайҕабыл сурук ыыппыт этилэр. “Лазарев П.В. диэн улахан салайааччылаах эбиккит, резервэҕэ ылыҥ” диэн сурук ыыпыттарын биир куоппуйата бэйэбэр эмиэ баар. Онон “Группировка МВД России” улахан салайааччыларын ортолоругар соҕотох азиат буолан сылдьыбытым биир киэн туттуум буолар. Холобур, мин бас бэриниибэр Горовой Александр Владимирович сылдьыбыта. Ол саҕана Красноярскайтан. Билигин Арассыыйа ИДьМ-н бастакы солбуйааччыта, генерал полковник.

Алта ыйым туолан, дойдубар кэлбитим. Атыттар өссө алталыы ыйга салгыы хааланнар, генерал буолбуттара. Онон генеральскай дуоһунаска оннук үлэлээн ааспытым. Миниистир солбуйааччытынан аҕыс аҥаар сыл, федеральнай судьуйанан тоҕус сыл үлэлээтим. «Полковник внутренних служб в отставке», «Федеральный судья в отставке», «Ветеран боевых действий», «Награжден именным оружием» уонна өр сыллаах үлэм иһин «СӨ үтүөлээх юриһа» аат иҥэриллибитэ.

 

Оҕону спорт уонна үлэ киһи оҥорор

– Уолаттарбыт иккиэн спорка кыра эрдэхтэриттэн сыстыбыттара. Ньургун уҥуоҕунан уһун, ыйааһына улахан буолан, бэйэтиттэн икки сыл аҕа уолаттардыын тустара. Кырата син биир таайара чуолкай буоллаҕа. Аны хонтуруол кытаанаҕа. «Сырыттыҥ дуо?», «Хайдах туһуннуҥ?» диэн ыйыт да ыйыт. Хас күрэхтэһии аайы аҕата көбүөр кытыытыгар олорор. Билигин сүрэҕэр астарбытым дуу дии саныыбын.

Ньургун “Шамаев оскуолатын” ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, Новосибирскайга магистратураҕа, аспирантураҕа үөрэммитэ, докторскай үлэтин онно көмүскээбитэ. 26 сааһыгар физика-математика билимин хандьыдаата, 39 сааһыгар наука доктора буолар. Билигин М.К. Аммосов аатынан ХИФУ үлэлиир.

Баатаҕайга олорор эрдэхпитинэ сарсыарда Айаалым көхсүн имэрийэбин уонна: “Чемпион, чемпион, чемпион мира”, — дии-дии уһугуннарабын. Ону уолум билигин да өйдүүр. Ол 5 км хаама бараары туруорар быһыым. Сылайдаҕына, санныбар олордон, сүгэн кэбиһэбин. Онтон эмиэ хаамтарабын. Иккис кылааска сырыттаҕына Ньургуну, аҕыстан үөрэнэр оҕону, саарпыгын баайан баран таһырдьа ыытабын. Уопсай дьиэбитин иккитэ эргийэн кэлиэхтээх. Аанчыгым биирдэ даҕаны “Оҕону эрдэ туруораҕын” эбэтэр “утуйдун” эҥин диэбэтэҕэ. Онон уолаттарбытыгар кыраларыттан ирдэбил кытаанаҕа. Ылсыбыт дьыалаҕар эппиэтинэстээх буол диэн өйү-санааны иҥэрбиппит.

Өрөбүллэрбэр спорт саалаҕа илдьэ сылдьарым. Ийэлэрэ эмиэ барааччы. Уолаттарбын Ньургуну тустууга, Айаалы боксаҕа биэрбитим. Айаал бастакы кылааһы Баатаҕайга бүтэрбитин кэнниттэн куоракка кэлэбит. Иккис кылаас оҕотугар “Зал борьбы” сылдьарыгар ыарахан, дьиэбититтэн чугас диэн “Динамоҕа” боксер тренергэ Леонов Сашаҕа биэрэбин. Икки сыл онно дьарыктанар. Онтон төрдүс кылааһы бүтэрэригэр “Тустуугун хайыыгын?” диэн уолбуттан ыйыппыппар “Тустуубар барабын!” диэтэ. Инньэ гынан Иннокентий Кочкин диэн эмиэ билэр табаарыспар илдьэн туттаран кэбиһэбин. Аны боксатын тренерэ: “Дьэ үчүгэй буолан эрдэҕинэ ыллыҥ”, – диэн хомуруйбута.

Айаал оскуоланы бүтэриэр диэри сороҕор хотор, сороҕор хотторор балаһыанньаҕа сылдьыбыт оҕо. Эмиэ бэйэтиттэн улахан уолаттары кытта наар тустара. Университекка киирэригэр Уваров Василий Петровичка, университетын бүтэрэрин саҕана Сивцев Иван Николаевичка көһөрбүппүт. Уонна баччааҥҥа диэри тренерэ Иван Николаевич буолар.

Айаал сүрдээх ньоҕой. Эппитин, ылыммытын толорон баран тэйэр. Оскуоланы бүтэрэригэр мин полковникпын. Туйах хатарар киһим буолуо этэ диэн бүччүм санаалаах: «Милииссийэ оскуолатыгар киирэр инигин?» – диэн ыйытааччы буоллум. Эппиэтэ биир –  «Тустуом этэ». Онон физкултуура институтугар үөрэнэ киирбитэ.

Оҕону үлэлэтиэххэ наада. Сайыны быһа үлэлиир киһи ханна күүлэйи, көрү батыһыай?! Оҕоҕо соло, бириэмэ хаалларбатахха, кини сайдар, улаатар, туһа эрэ киһитэ буолар. Соруммутун ситиһэр, ыарахантан толлубакка, санаабытын толорор эрэ сыаллаах улаатыа.

Ньургун от үлэтигэр алтыс кылаастан барбыта, эмиэ ол Новиков биригээдэтигэр. Айаалы эмиэ алтыс кылаастан Абаҕаҕа таһааран олохтоон, эмиэ окко хаалларарым, күһүн биирдэ ыларым. Ахтыытыгар «Сүрэҕэлдьиирбин от үлэтэ тоһуппута» диэн эппит этэ. От үлэтэ, чахчы, күүстээх үлэ. Кырдьык, оҕону элбэххэ үөрэтэр, сайыннарар.

Уолаттарым иккиэн бэйэлэрэ талбыт хайысхаларынан барбыттара. Оттон кыыспыт Аннушка улахан убайыттан уонча сыл балыс. Саха гимназиятын кыһыл көмүс мэтээлинэн, университетын кыһыл дипломунан бүтэрбитэ. Мин туйахпын хатарбыт киһим – соҕотох кыыспыт Анна Петровна Ураллааҕы Академияны бүтэрбитэ, билигин ИДьМ юриһа, майор званиелаах. Икки оҕо ийэтэ, хаһаайка мааныта.

 

Айаал – Азия континенын лиидэрэ

– Олимпиадаҕа үстэ кыттыы – бу спорт чыпчаала, үгүс сыралаах үлэ, дьаныардаах дьарык үтүө түмүгэр кэлэр ситиһии... 

– Айаал бастакы улахан ситиһиитэ устудьуоннарга 2008 сыллаахха этэ. Арассыыйаҕа бастыыр. Онно бастаабыт киһи аан дойдуга барыахтааҕын сборга хойутатан ыҥыран, кавказтар бэйэлэрин уолларын ыыталлар. Ол уоллара хотторор. Тренерэ Иван Николаевич Сивцев «манна эйигин көйгөтүүһүлэр. Киргизияҕа барыахха» диир. Иван Николаевич Киргизияҕа үөрэммит. Онон уолу онно олохтуур. Онтон ыла Кыргызстан аатыттан тустар. Отучча турнирга туһунна. Үксүгэр призер. Аан дойдуга 4-5-тэ туһунна.

Азия уонна Европа континенын тэҥниир буоллахха, Азия өттө тустууга быдан күүстээх. Онно Кытай, Индия, Япония, Корея, Иран, о.д.а. дойдулар киирэллэр. Онно Айаал алта төгүл чемпионнаан, призердаан тустубута – бу улахан көрдөрүү. Азия континенын лиидэрэ. Аан дойду тус Кубогар үһүс буолар. Ити титуллаах эрэ спортсменнар киирсэр күрэхтэһиилэрэ. Аны үс Олимпиада кыттыылааҕа. Парижка бэйэтин кыаҕынан адьас үчүгэйдик туһунна диибин.

– Петр Васильевич, кэпсээҥҥин киһи эрэ истэ олоруон курдук. Сэргэх сэһэниҥ иһин махтанабыт. Дьиэ кэргэҥҥэр бары үчүгэйи, бигэ туруктаах олоҕу баҕарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....