02.04.2020 | 09:36

Петр Гоголев: «Ил Түмэн норуотун интэриэһин мэлдьи көмүскүөҕэ»

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта – Ил Түмэн спикерэ Петр Васильевич Гоголев. Кини билиҥҥи олохпут сытыы боппуруостарыгар бэйэтин санаатын аһаҕастык эппитигэр махтанабыт.

– Аан дойдуну коронавирус дьаҥа аймаата. Ил Түмэн хайдах быһыылаахтык үлэлиирий, туох былаан баарый?

– Төрүт Сокуон ирдэбилинэн, Ил Түмэн бастайааннай, күннэтэ тохтообокко үлэлиир, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын үрдүкү уоргана. Онон ханнык да ыксаллаах түгэҥҥэ парламент үлэтин тохтоппот, тохтоон хаалбат.

Кулун тутар 24 күнүгэр былааннаабыт уочараттаах пленарнай мунньахпытын көһөрөргө күһэллибиппит. Тоҕо диэтэххэ маҥнайгы ыалдьыбыт киһини кытта алтыспыт, кинилэри кэлин мунньахха тулалаан олорбут 23 дьокутааты “самоизоляцияҕа” баралларыгар сүбэлээбиппит. Барыта этэҥҥэ. Күн бүгүн норуот дьокутааттарын уонна аппараат үлэһиттэрин ортотугар ыалдьыбыт киһи суох.

Парламент улахан аҥаара дьиэттэн үлэҕэ көстө да буоллар, син биир үлэлээбиппит курдук үлэлиибит. Федеральнай сокуон барылларын үөрэтэбит, этиилэрбитин чиҥэтэбит, бастакы ааҕыыга көрбүт барылларбытын ситэрэбит.

Кулун тутар 27 күнүгэр Бырабыыталыстыбаҕа сыстыганнаах ыарыыны эмтээччи медицинэ үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтиэххэ диэн этии киллэрбиппит. Икки күнүнэн Ил Дархан дьаһала тахсыбыта. Онно махтанабыт.

Бу бэнидиэнньиккэ үгэс курдук планеркабын ыыттым. Сис кэмититэттэр салайааччыларыгар туһаайан сорудах бэрилиннэ. Уратыта диэн мунньахпыт онлайн-режиминэн барда. Экономикаҕа, үп-харчы эйгэтигэр, дьоҕус уонна орто бизнескэ ыарыыттан сылтаан тахсыан сөптөөх соччото суох быһыыны-майгыны хайдах аччатары, охсууну хайдах сатарытары дьүүллэстибит. Күннээҕи балаһыанньаны кэтээн көрөбүт. Планеркаҕа бэйэбит боппуруостарбытын эмиэ таарыйдыбыт. Холобура, кэтэхтэн «дистанционнай» форманы кэҥэтэр сыалтан регламеммытын хайдах уларытыахха сөбүн ырытыстыбыт. Маны сэргэ, «көҥүл көмүһү» туттарыы сокуонун барылыгар Ил Түмэн сыһыанын, социальнай ситимнэргэ тахсыбыт Саха сиригэр ыттары дьакыйдылыр диэн айдааҥҥа, Холуобунай кодекска баар ыстатыйаҕа сөп түбэһиннэрэн, омугу омукка ньүдьү-балай күөртээһин баарын-суоҕун туһунан Арассыыйа Генпрокуратуратыгар үҥсүү ыытары дьүүллэстибит. Муус устар 28-29 күннэригэр былааннаммыт уочараттаах пленарнай мунньахпытыгар бэлэмнэнэбит.

Конституция уларыйыытын туһунан

– Конституцияҕа киирэр уларыйыылары хайдах сыаналыыргын ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэ этибит. Ил Түмэн Конституцияҕа уларытыылары ырытар мунньаҕар куоластааһыҥҥа “туттуммутуҥ”. Тоҕо итинник куоластаатыҥ?

– Кулун тутар 12 күнүгэр пленарнай мунньахха мин бэйэм тус санаабын этэн турабын. Билэргит курдук, куоластыырбар туттуммутум. Ити барыта аҥаардастыы үрдүттэн олорон тоокколонуо суохтаах. Сорох интернет СМИ-лэр итини саба быраҕан “хара” биитэр “үрүҥ” эрэ диэн сыана быһыахтарын сөп.

Уларытыыларга туһуламмыт үгүс этиилэр, дьиҥэр, хара маҥнайгыттан киириэхтэрин сөп этэ. Тоҕо диэтэххэ уопсастыбабыт урут-уруккуттан илдьэ кэлбит сыаннастарын быһаччы таарыйаллар. Социальнай гарантиялары өссө хаҥатар туһунан тустаах уларыйыылар бааллар. Бу маны өйүүбүн. Ол эрэн сөбүлэспэт өрүттэрим эмиэ бааллар.

Бастатан туран, Судаарыстыбаннай Дуума субъектар парламеннарыгар сыһыанын ахсарбатым. Региональнай парламеннар бу уларытыыны киллэрииттэн хара маҥнайгыттан туора тутуллубуттара. Ол иһин тус бэйэм икки этиибин ыыппытым. Бастакы этиим – кыттыгас дьаһайыы чэрчитинэн тахсар сокуоннары үп-харчы өттүнэн хааччыйар ороскуоту федеральнай бүддьүөт булгуччу уйунуохтааҕын туһунан. Иккиһэ – төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар сиргэ, айылҕа баайыгар, тылга, ураты култуураҕа, итэҕэлгэ бырааптарын конституциянан мэктиэлиир туһунан. Бу бастакы этиибин өйөөбүттэрэ буоллар, холобура, кэнэҕэс үбэ-харчыта суох «Кыылларга эппиэтинэстээх сыһыан туһунан» («Об ответственном отношении к животным») курдук сокуоннар тахсыа суох этилэр. Иккис этиим олохтоох норуоттар промышленнай тэрилтэлэри кытта биир тылы булан бииргэ үлэһэллэригэр төһүү буолуо этэ.

Субъектар интэриэстэрин көмүскүүр, нолуокка, бүддьүөт тутулугар сыһыаннаах араас этии киирбитин билэбин. Ити этиилэри сирийэн дьүүллэспэтэхтэрэ. Тохсунньу 27 күнүгэр РФ Конституциятыгар уларытыылары киллэрэргэ үлэлэһэр бөлөх «төгүрүк остуол» тэрийбитэ. Онно туруорсубутум да, тыл биэрбэтэхтэрэ. Дьиҥэр, региональнай парламеннартан соҕотох бэрэссэдээтэл мин эрэ этим.

Иккиһинэн, Конституция федеральнай тутулугар куттал үөскүүр. Федеральнай территориялартан сылтаан. Урут Арассыыйа Конституционнай Суутугар ирдэбиллээх тахсыам диэн этэн турабын. Ол эрэн эппиэт хайдах буоларын эмиэ эрдэттэн билэбин. Федеральнай сокуон ылылла илик – онон мөккүөр төрдө суох диэхтэрин сөп. Арассыыйа Төрүт сокуонун 71-с ыстатыйатын «б» пуунугар олоҕуран территориялары наардааһын федеральнай киин тус боломуочуйата. Ол аата бу сокуон барылын оҥорорго даҕаны регионнары кытыаралларын саарбахтыыбын. Ол да буоллар, суукка биэрдэхпинэ, субъектартан биирдэстэрэ ити боппуруоска дьиксинэрин болҕомтоҕо ылыныахтара уонна, онно олоҕуран, утарсыы баарын өйдүөхтэрэ дии саныыбын.

Норуот демократияны бэйэтэ тутар

– Эн санааҕар, билиҥҥи демократия дьиҥнээх демократия өйдөбүлүгэр төһө сөп түбэһэрий?

– Ыйытыккыт «теоретическай» буолан тахсар. Гете уонна кини «Фаустун» санаатахха, Мефистофель хайдах «абитуриены» үөрэппитин өйдөөн кэлиэххэ сөп: «Суха, мой друг, теория везде, но зеленеет жизни древо».

Сытыы тыллаахтар мин «академичноспыттан» иҥнэллэр. Кинилэр тоҕо эрэ билиини-көрүүнү спикер үлэтигэр мэһэй-таһай курдук көрөллөр. Маннык хоруйдуом этэ: Арассыыйа Конституциятыгар «гражданственность» диэн тус бэйэм өйдөбүлбүн түстүүр тыллар суруллубуттар: «Мы, многонациональный народ Российской Федерации, соединенные общей судьбой на своей земле…». Бу тыллар биһиги политико-правовой идентичноспыт – бэйэбитин бас билиниибит, сис өйдөбүлбүт, демократия институттарын ис тутула уонна тас көрүҥэ – хайдах буолуохтааҕын ыйаллар.

Биллэн туран, демократияны хантан да сүһэн ылбаккын. Анал халыыба да, киэбэ да суох. Норуот демократияны бэйэтэ тутар, историятыгар уонна култууратыгар олоҕуран, сыаннастарыгар сигэнэн. Төһө да официальнай история европоцентризмы өрө туттар, биһиги, Арассыыйа норуоттара, евразийскай санаа нэһилиэнньиктэрэ буолабыт, ону эппитигэр-хааммытыгар чугастык иҥэринэ сылдьабыт. Ити быраапка, политикаҕа эмиэ сыһыаннаах.

– Үлэлии сылдьар юрист быһыытынан, биһиги сокуоннарбыт ханнык сүрүн итэҕэстэрин чорботуоҥ, тугу көннөрүөҥ этэй?

– Федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ таһымыттан көрөн, боломуочуйаттан сылтаан, сокуон ылынарга араастаһыы баар. Субъектар федеральнай таһымҥа сокуон барылын киллэрэн, ону ылыналлара уустук. Бу олоҕурбут практика.

Ол иһин сороҕор сокуоммут барылын төттөрү ылабыт, сүрүн идеятын сүһэн ылан, тылын-өһүн кыратык уларытан баран, ГосДуума дьокутааттара бэйэлэрин ааттарыттан туспа сокуон барылын оҥорон киллэрэллэр. Манна сыал-сорук – сокуон таҕыстын диэн.

Олоххо-дьаһахха итэҕэстээх сокуон уларыйыахтаах. Өрөспүүбүлүкэ сокуоннарын уларытыы, саҥа сокуоннары ылыныы ити биһиги ытык эбээһинэспит. Ол иһин биһигини талбыккыт, 70 дьокутааттан 19-ҕа үрдүк хамнастаах.

Мин санаабар, сүрүн боппуруос сокуоннарга буолбатах, сокуоннары толорууга уонна быраабы туһаныыга сытар. Хомойуох иһин, быраабы үөрэтиини уонна быраапка бүттүүн үөрэниини туора илгэн кэбистибит.

Итиннэ Егор Борисов бэйэтин таһымыгар сөптөөх дьаһаллары ылыммыта. Бырабыыталыстыба бу боппуруоска хат төннүө диэн эрэнэбин.

Буруйу барытын дьокутаакка сыҕайар сыыһа

– Өр үлэлээбит, норуот бэрэстэбиитэлинэн хаста да талыллыбыт киһигин. Дьокутаат уобараһа норуот хараҕар уларыйда дии саныыгын дуо? Аныгы кэм дьокутаата хайдаҕый?

– Былырыын Ил Түмэн 25 сылын бэлиэтээбиппит. Үгүс бэтэрээннэр дьокутааттарга сыһыан тосту-туора уларыйбытын аһаҕастык этиммиттэрэ. Буруйдаах барыта моттойоҕо диэбиккэ дылы, билигин туох баар буруйу барытын дьокутаакка сыҕайаллар. Дьиҥэр, оннук буолбатах.

Араас боппуруос баар. Дьон-сэргэ күннээҕи үлэҕэ баттатан, ити боппуруостар эҥин араас өрүттэрин, туораттан дьайыыларын сөпкө өйдөөбөт, икки өттүн ситэ ыраҥалаабакка аҥардастыы дьүүллүүр.

Ол аата дьокутааттар уонна кириитикэлээччилэр атах тэпсэн олорон кэпсэтэр балаһааккалара баар буолуохтаах. Ил Түмэн алтыс ыҥырыылаах мунньаҕар биһиги ону тэрийдибит. Хомойуох иһин, экспердэр уонна суруналыыстар кыайа-хото кэпсэтэр кыамталара суоҕа биллэн таҕыста, бэлэмэ суохтар эбит, бэйэлэрин эрэ хаһыаттарыгар биитэр блогтарыгар боппуруостары салгыы ырыталлар. Балаһааккалары салгыы сайыннаран, публичнай мөккүөр култууратын сайыннарыахтаахпыт. Ити Ил Түмэн ытык иэһэ.

Норуот өйөбүлэ суох, ханнык баҕарар парламент кэскилэ кэрэгэй. Ыарахан кэмнэргэ съезд, парламент эрэ уопсастыба сайдыытын тосхоллорун быһаарар кыахтаах. Итини демократия сайдыытын атахтыан баҕарааччылар чопчу өйдүүллэр. Ол иһин норуоту бэрэстээбиитэллиир институттары, дьокутааттары, парламены хараардар туһугар элбэх харчы куталлар, өссө да кутуохтарын сөп.

Ити барыта ааһыаҕа. Уопсастыба бэйэтин бэйэтэ салайына үөрэнэригэр кэм кэрдии ирдэнэр. Оччоҕо биһиги туспа суоллаах-иистээх российскай демократияны тутуохпут. 19-с үйэ бастакы аҥаарыгар Алексис де Токвиль диэн киһи «Америкаҕа Демократия» диэн үлэтигэр маннык суруйан турар: «Көҥүл норуоттар күүстэрэ-күдэхтэрэ олохтоох уопсастыбаҕа баар. Бэйэни салайыныы тутулуга суох буолуу олохсуйарыгар, алын сүһүөх оскуола наукаҕа оруолун курдук». Атыннык эттэххэ, алфавиты билии Төрүт Сокуон ис хоһоонун үөрэтэргэ туһалыырын курдук.

Парламены, дьокутааттары «хараардыыны» кыайан бохсубаппыт буолуо, ол эрэн дьоҥҥо-сэргэҕэ ыксаллаах түгэҥҥэ Ил Түмэн эрэ норуот интэриэһин көмүскээччи буолуоҕа диэн санааны тиэрдиэхпит дии саныыбын.

– Университекка, Парламеҥҥа үлэҕиттэн ордон, иллэҥ кэмҥин хайдах атаараҕын?

– Иллэҥ кэмим чахчыта олус аҕыйах. Сынньалаҥмар дьиэ кэргэмминээн алтыһа сатыыбын. Хата, куһаҕан да үчүгэйдээх дииллэринии, билигин “карантиҥҥа” буоланнар, үлэм быыһыгар бииргэбит.

Уолаттар дьиэҕэ кыайан тулуйан-тэһийэн олорботтор. Ол иһин киэһэлик ону-маны саҥаны айа сатыыбыт. Холобур, аймахтарбыт уонна Саха сириттэн ыҥырыллыбыт буойуннар Аҕа дойду сэриитигэр кыттыыларын туһунан викторина толкуйдаабытым. Биир ыйытыкка сөптөөх хоруй наҕараадата компьютерга 15 мүнүүтэ оонньуур көҥүлү биэрэр. Элбээбитэ үс чаас оонньуохтарын сөп. Холобура, «Сэбиэскэй Саха сирэ» танковай холуонналар тутуутугар олохтоохтор төһө харчы хомуйбуттарай? Танковай холуонналар ханна сэриилэспиттэрэй? Бу курдук самоизоляция кэмигэр дьиэ кэргэммин сэргэхситэ сатыыбыт.

Хомойуох иһин, бултуурга, балыктыырга отой бириэмэ кыайан аттарбаппын.

Соччото суох төрүөттээх да буоллар, дьиэҕэ хааллыбыт кэмҥитин туһалаахтык атаараргытыгар ыҥырабын. Эппиэтинэспитин өйдөөн, сомоҕолоһон, дьаҥы бары бииргэ кыайыахпыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....