30.08.2024 | 12:00

Петр Андреев: «Айылҕа биэрбитинэн сылдьабын...»

Петр Андреев:   «Айылҕа биэрбитинэн сылдьабын...»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киһи барахсан санаатын күүһүнэн олох очурдарын этэҥҥэ туоруур. Оттон кини араас тургутууларга өссө кэҥээн биэрдэҕинэ, чахчы, тирээн турар кыһалҕаны иһигэр иҥэрэн, буһаран, ыараҥнатан, ырытан, иннин-кэннин хайан, ону быһаарар суолу тобулар эбээт. Онно холку, киэҥ көҕүстээх буолуу эрэйиллэр. Ити этиллибит барыта бүгүҥҥү дьоруойбутугар быһаччы сыһыаннаах.

Таҥара бэлэҕэ

– Петр Васильевич, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха.

– Кииним түспүт сирэ – Хатас. Дьонум олохтоох хатастар. Аҕам Василий Петрович (дьон-сэргэ Баай Бааска диэнинэн билэр), ийэм Елизавета Егоровна Андреевтар «Хатас» сопхуоска олохторун тухары сүөһүгэ үлэлээбиттэрэ.

Төрүөхпүттэн харахпынан инбэлииппин, «врожденная катаракта» диэн диагнозтаах күн сирин көрбүппүн. Ойор-тэбэр дьоллоох оҕо саастааҕым диэн этэр кыаҕым суох, хайдах баарынан этэбин. Хараҕым ыарыытын таһынан псориазтаах этим, доруобуйам мөлтөҕүттэн да буоллаҕа. Оҕо киһи онтон кыбыстарым ханна барыай?! Онон ханна даҕаны сылдьыбат дьиэ киһитэ этим. Үөрэх да суох. Дьиҥэр, мин инникибэр ыалдьааччы дьон суох буолбатахтар этэ. Көрбөттөр уопсастыбалара эмиэ кыһаммыта аҕай. Үөрэх, идэ ылыы туһунан сүбэ-ама биэрэ сатаабыттара даҕаны, барытыттан наар бэйэм аккаастанарым.

Бииргэ төрөөбүттэр алтыа этибит, билигин үһүөйэхпит. Оннук Дьылҕа хаан ыйааҕынан соҕотоҕун сорсуйбут, орто омурҕаммын ааспыт муусука, ырыа куттаах Петр Андреев диэммин. Жатай олохтооҕобун.

– Оҕо сылдьан тугу сэргиир, туох ыра санаалаах этигиний?

– Оччотооҕуга Геологтар бөһүөлэктэригэр баар көрбөттөр оскуола-интэринээттэригэр үөрэммитим. Сэттэ сааспыттан судаарыстыба аһыгар улааппыт киһибин. Каникулларбар эрэ дьиэбэр барарым. Дьонум сопхуос тутаах үлэһиттэрэ буоланнар, Прасковья Павловна, оччотооҕу «Хатас» сопхуос дириэктэрэ, тугу көрдөһөллөрүн быһа гыммат эбит этэ. Инньэ гынан каникулбар тахсарбар сып-сылаас, сып-сымнаҕас сыыдам сырыылаах хара өҥнөөх «Волга» массыынанан ыллаттараллара. Ол кэмҥэ мин саҕа дьоллоох киһи суох буолара! Хайа, оччотооҕуга «Волга» аҕыйаҕа да сыттаҕа. Ол оҕо сааһым биир кэрэ, чаҕылхай түгэнэ буолан хаалбыт.

Дьонум наар пластинка ылан биэрэр этилэр. Ону күнү быһа элэйиэр диэри эргитэн тахсарым. Кола Бельды, Битлз ырыаларын истэн улааппытым. Онон ол пластинкаларым муусукаҕа бастакы кыымы сахпыттар дии саныыбын.

Оскуолаҕа хорга ыллыырым, струналаах үнүстүрүмүөннэргэ оонньуурум. Духовойу эмиэ баһылаан испитим. Ол куруһуокпут тохтоон, салгыы умнуллубута.

Дьон үксэ музыкальнай үөрэҕи бүтэрэн ыллыыр буолаллар. Миэхэ оннук суох. Айылҕа биэрбитинэн сылдьабын. Таҥара бэлэҕэ. Ол иһин дьон миигин ылынар, сэргиир.

Оскуолаҕа ырыа уруогуттан тирэх ылан, ырыаҕа, муусукаҕа интэриэһим күүһүрэн, бу билиҥҥэ диэри дьарыктаах буоларбыттан дьоллоохпун. Оҕолоох киһи «ааппын ааттатар киһи кэллэ» диэн үөрэр. Оттон оҕото суох киһи аатын ааттатаары, үйэлээҕи хаалларарга дьулуһар. Ол сиэринэн миэхэ күннээҕи дьарыгым, олоххо тардыһыым ырыам буолар.

 

Доҕотторум – аанньалларым

– «Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс» диэн өс хоһооно баар. Саха уйан, аһыныгас майгылаах, уһун санаалаах, киэҥ көҕүстээх. Эн олоххор оннук дьоннооххун дуо?

– Мин олоҕу хайдах баарынан ылынабын. Урууга-аймахха биир эмэ кытаанах дьылҕалаах, кыһалҕалаах олохтоох киһи баар буоллаҕына, бу кини бэйэтин эрэ туһугар олорбот, уруу-аймах тыыннаах хааларын туһугар олох олорор дииллэр. Итини өбүгэлэрбит аньыыларын боруостаһар диэн ааттыыллар. Онно сөпсөһөбүн.

Мин дьолбор көрсүбүт, уруу-аймах да дьоммуттан чугастык алтыһар доҕоттордоохпуттан үөрэбин. Кинилэрдиин миигин муусука булсуһуннарбыта. Алексей Потапов уонна Иннокентий Никифоров-Батас – чугастык саныыр, ылынар доҕотторум. Кинилэр аттыбар баар буоланнар олоҕум араас өҥнөөх кырааскаланар. Кэнсиэртэргэ кыттыы, гастролларга айан мин сиэрэй олохпун тупсарарга дылылар. Ытыс тыаһа хабылла түһэрэ – бу миэхэ улахан ситиһии. Дьон ырыабын ылынара олоххо интэриэспин күүһүрдэр, өрө көтөҕөр, кынаттыыр.

«Эйгэ» диэн бөлөххө сылдьабын. Салайааччыбыт Алексей Потапов үгүс  киһиэхэ ырыа, муусука нөҥүө олоххо интэриэһи, сырдыкка, үрдүккэ тардыһыыны саҕар. Киниттэн үөрэнэрим, саҥаны билэрим, туспар туһанарым олус элбэх.

Алексейдыын 2000 сыллар саҕалыыналарыгар билсибиппит буолуо. Көрбөттөр уопсастыбаларын чилиэннэрин айымньыларынан хомуурунньук таһаарар бырайыакка үлэлэспиппит. Алексей бэйэтин устуудьуйатыгар устан, MP3 альбом күн сирин көрбүтэ. Доҕордоһуубут онтон саҕаламмыта. Бастакы ырыаҕа уһуйааччым –  кини. Ырыа эрэ тула буолбакка, киһи быһыытынан болҕомтото, үтүө сүбэтэ күннээҕи көрсөр кыһалҕаларбар күүс-көмө буолар. Мин доруобуйабын, турукпун ыйыталаһар чугас киһим эмиэ кини.

Алексей абыраабыта элбэх. Үс төгүл өлөр өлүүттэн быыһаан турардаах. Биирдэ сайын айылҕаҕа, Аммаҕа барыы буолла. Итиини тулуйбакка, эмискэ суһал көмө наада буолла. Онно Алексей кэмигэр бэлиэтии көрөн, түргэн быһаарыныыны ылан, өлөр өлүүттэн быыһаабыта.

Иккис түгэн ковид кэмигэр буолбута. Ыарыы сибикитэ суохха дылы этэ. Оннук соҕотоҕун сытан, арай улам мөлтөөн испитим. Ол кэмҥэ оруобуна Алексей эрийбитэ уонна сүүрэн-көтөн, быраастары атахтарыгар туруорбута. Анаалыһым “положительнай” буолбутугар, балыыһаҕа ылбыттара. Система бөҕөтө ылан, тыынар аппараакка сытан, бэттэх кэлбитим. Тыҥабын 50% сиэппит этим. Кыратык да хойутаабытым буоллар, анараа дойдулуу сыспыт эбиппин. Ол кэмҥэ дьиэбэр чыычаах киирэн өлбүт этэ. Ити эмиэ туох эрэ бэлиэ буоллаҕа.

Аны биирдэ эмиэ бааһым бэргээн, балыыһаҕа илдьибитигэр, ылымаары гыммыттара. Быраастар ыалдьар дьону үрдүнэн-аннынан көрөллөрө, хомойуох иһин, баар дьыала. Онуоха доҕорум айдаарсан, улаханнык туруорсан, балыыһаҕа киирэммин эмиэ тыыным уһаабыт кэмнээҕим. Онон бырааппар Алексейга төлөммөт иэскэ киирбитим ыраатта. Кини, чахчы, олохпор аанньал курдук көрсүбүт киһим. Этэргэ дылы, бииргэ эрэ төрөөбөтөх буруйдаахпыт. Барытыттан сылайан, санаам самнаары гыннаҕына, өрө көтөҕөн, психолог курдук кэпсэтэн, эмиэ орто дойду олоҕун кэрэтин кэрэхсиир турукка элбэхтик киллэрэр истиҥ киһим.

Доҕорум Иннокентий Никифоров Мукучуттан төрүттээх. Музыкант, байаанныыр, ырыа суруйар, аранжировка да оҥорор. Бэйэтэ эмиэ мөлтөхтүк көрөр эрээри, онно-манна сылдьарбар хараҕым кини буолар. Кэлэр-барар кэммэр кинитэ суох сатаммаппын.

Мин туспар кыһаллар да кыһаллар, түбүгүрэр да түбүгүрэр чугас доҕоттордоохпунан киэн туттабын, махтанабын. Бэл, уруу-аймах дьоммуттан ордук мин туспар ыалдьар дьонум – кинилэр.

 

Киһи олоҕун бэйэтэ киэргэтэр...

– Эн ырыаларгын дьон-сэргэ биһириир. Москубаҕа Гран-при буолан кэлбит эбиккит дии. Ол туһунан ааҕааччыларга кэпсии түһүөҥ дуо?

–  2008 сыллаахха муус устар 25 күнүгэр Москубаҕа «Толбон» ансаамбылынан Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэххэ Гран-при буолан кэлбиппит. Аны «көрбөттөргө» эҥин диэн кыараҕас таһымнаах буолбатах ээ. Соһуччу үөрүү, ситиһии этэ.

Дьиҥэр, бастаан доруобуйам туруга мөлтөөн, аккаастаабыппар «эйигинэ суох биһиги барбаппыт» диэбиттэрэ. Хайыахпыный, бардаҕым дии. Киһиргээһинэ суох, хайдах баарынан эттэххэ, ансаамбыл толоруута миигинэ суох табыллыбат курдуга. «Саха» НКИХ ыҥыран кэпсэтиннэрбиттэрэ эмиэ туспа үөрүү этэ. Алексей Егоров «Сахам сирэ» диэн ырыатынан кыттыбыппыт. Ол кэнниттэн бэйэтэ бэлэмнээн, «Мужское братство» бэстибээлгэ, Алексей Егоров төрөөбүт дойдутугар Бүлүү улууһугар сылдьан кэлбиппит, ситиһиилээхтик кыттыбыппыт.

Ону таһынан ырыалардаах коллекция картотекалаахпын. Диискэҕэ кэпсээннэри, ырыалары уһулабын. Көмпүүтэрбэр төһө сатыырбынан, билэрбинэн үлэлиибин. Ити бэйэм дууһабынан ылынар, сөбүлүүр дьарыгым.

Чугастык саныыр, истиҥ доҕоттордоохпуттан, алтыһан ааһар бииргэ ыллыыр дьонноохпуттан дьоллоохпун. Күннээҕи кыһалҕабын тэҥҥэ үллэстэр социальнай үлэһиппэр Екатерина Чербоеваҕа, куруук ыраахпын чугаһатар, эминэн хааччыйар Игорьбар махталым муҥура суох.

Ханнык даҕаны уопсастыбаҕа олорбутун иһин, киһи олоҕун бэйэтэ киэргэтэр эбит. Ол киниттэн эрэ тутулуктаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....