Пенсионнай пуонда салайааччыта Георгий СТЕПАНОВ: “Интэриниэти туһаныҥ, “Госуслуги” регистрацияланыҥ”
Ыам ыйын 15 күнүгэр РФ Пенсионнай пуондатын Саха сиринээҕи салаатын баһылыга Георгий Михайлович Степанов @republic_sakha_yakutia14 инстаграм страницаҕа быһа эфиргэ тахсан, нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдаата.
Санатан эттэххэ, ыам ыйын 7 күнүгэр РФ бэрэсидьиэнэ В.В. Путин 3 сааһыгар диэри оҕолоох кыаммат дьиэ кэргэттэргэ көмө оҥоһулларын туһунан уурааҕа тахсыбыта. Ол уурааҕы ситэрэн биэрэр иккис уураах ыам ыйын 11 күнүгэр тахсыбыта: 3 сааһыттан 16-гар диэри оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ, социальнай балаһыанньаларыттан тутулуга суох, 10-нуу тыһ. солк. көмө оҥоһуллар буолбута; маны таһынан ыйга 5000 ылар дьон араҥата кэҥээн биэрбитэ – Ийэ хапытаалын ылар бырааба да суох, 3 сааһыгар диэри оҕолоох, дьиэ кэргэн туһанар кыахтаммыттара.
– Судаарыстыбаннай өҥөлөр сайтара үлэлээбэт. Хайдах сайабылыанньа ыытабыт?
– Бастаан утаа ыарахаттар, техническэй мэһэйдэр баар эбит буоллахтарына, билигин сайт үчүгэйдик үлэлиир буолла. Мин бэйэм кэтээн көрүүбүнэн, Арассыыйа соҕуруу өттө утуйа сыттаҕына, сарсыарда эрдэ эбэтэр күн бастакы аҥаарыгар киирэр ордук эбит.
Маны таһынан Пенсионнай пуонда килийиэннэри кытта үлэлиир сулууспаларыгар тиийиэххитин сөп. Билигин пандемия кэмигэр килийиэннэри кытта үлэлиир сулууспаларбыт төлөпүөнүнэн суруттарыы нөҥүө приемнуохтарын сөп. Оннук үлэ, бастатан туран, интэриниэт мөлтөх сиригэр, хоту улуустарга тэриллэр.
Пандемия кэмигэр Пенсионнай пуонда үлэтигэр эмиэ уларыйыылар киирдилэр, онон хааччахтар өһүллэн бардахтарына, сотору кэминэн урукку киэппитигэр киириэхпит дии саныыбын.
Саамай табыгастаах ньыма – “госуслуганан” сайаапка ыытыы. Билигин көмө ыла олорор дьон 99,9 бырыһыана электроннай ньыманан сайаапка түһэрбит дьон.
– 16 саастарыттан улахан оҕолорго көмө харчы көрүллэр дуо?
– Суох. Билигин оннук көмө суох. 3 сааһыттан 16 сааһыгар диэри диэни маннык ааҕан таһаарабыт – оҕо 2004 сыл ыам ыйын 11 күнүттэн 2017 сыл бэс ыйын 30 күнүгэр диэри төрөөбүт буолуохтаах.
– Алдаҥҥа Пенсионнай пуондаҕа сатаан эрийэн тиийбэппит.
– Улуустааҕы салааҕытыгар сатаан тиийбэт буоллаххытына, региональнай салаа колл-киинигэр эрийиэххитин сөп: 8-800-100-99-74.
– 10 тыһ. солк. көмө харчыны ыларга сайаапканы төрөппүт эрэ биэриэхтээх дуо, эбээ биэриэхпин сөп дуо?
– Суох. Төрөппүттэр эбэтэр опекуннар уонна попечителлэр эрэ биэрэллэр. Манна эбии быһааран биэрдэххэ, приемнай дьиэ кэргэн уонна оҕо дьиэтин оҕолоро кытта бу көмө харчыны ылар бырааптаахтар.
– 5000 солк. көмө харчыга сайаапка ыытан ылбыппыт. Салҕыы ыларбытыгар эмиэ сайаапка ыытыахтаахпыт дуо?
– Суох. Биирдэ ыыппыт сайаапкаҕытынан 3 ый устата 5000 солкуобайдаах көмөнү ылаҕыт.
– Мин сайаапкам “обработкаҕа” турбута ыйтан орто, хайыыбын?
– Туох эрэ техническэй биричиинэлээх буолуон сөп. Холобур, оҕо дааннайын киллэрэргэ үгүс төрөппүттэр төрөөбүтүн туһунан туоһулуур сурук нүөмэрин киллэрэллэр, аакта нүөмэрэ эрэ киириэхтээх. Ол иһин сыыһа диэн аккаас кэллэҕинэ, хаттаан суруйаллар. 8-800-100-99-74 нүөмэргэ СНИЛСкыт нүөмэрин этэргэ бэлэмнэнэн баран эрийиҥ.
– Докумуоммар сыыһалаах буоллахпына, көмө харчыны сатаан ылыам дуо?
– Улахан сыыһалаах буоллаххына – суох. Быһаарыахха наада. Оттон кыра алҕас тахсыбыт буоллаҕына, эһиги сайаапкаҕытыгар ыйбыт нүөмэргитинэн биһиги исписэлиистэрбит эрийиэхтэрэ, чуолкайдыахтара.
– Биэнсийэ анатарбар хайдах сайабылыанньа биэрэбин, самоизоляцияҕа олоробун, интэриниэти сатаан туһаммаппын?
– Пенсионнай пуонда үлэтэ килийиэҥҥэ эрийэн тиийии ньыматынан үчүгэйдик үлэлиир. Сааһынан биэнсийэҕэ тахсыы буоллаҕына, исписэлиис эрийэн, дааннайдаргытын ылыаҕа.
Инбэлииттэр биэнсийэлэрэ МСЭ бюрота ыытар дааннайдарынан барар.
– Биэнсийэбит төлөнөр графига хайдах буоларый?
– Ыам ыйыгар урукку курдук графигынан барар. Графигынан бырааһынньык күнэ түбэһэр буоллаҕына, урут онтон кэлэр күҥҥэ көһөрө. Оттон билигин бырааһынньык эбэтэр өрөбүл түбэстэҕинэ, биир күн эрдэ бэриллэр.
– Уолум тохсунньуга 16 сааһын туолбут буоллаҕына, көмө харчыны ылбат дуо?
– Суох. Тоҕо диэтэххэ, уураах тахсарын саҕана кини номнуо 16-тын туолбут.
– Үлэ киниискэтин электроннай барыйааҥҥа көһөрүү булгуччулаах дуо?
– 2020 сылтан Үлэ киниискэтин электроннай ньыманан толоруохха сөп буолла. Бу үлэһит бэйэтин баҕатын хоту эрэ оҥоһуллар. Тэрилтэ электроннайга көһөрөргө этии киллэрэр, үлэһит бэйэтэ быһаарыыны ылынар. Билигин кумааҕы киниискэни илдьэ сылдьар буоллаххытына, хаһан баҕарар электроннайга көһүөххэ сөп. Оттон электроннайтан төттөрү кумааҕыга көспөккүт.
– Биэнсийэлээх киһи үлэтиттэн уурайбытын туһунан Пенсионнай пуондаҕа хайаан да иһитиннэриэхтээх дуо?
– Суох. Тэрилтэ бэйэтэ Пенсионнай пуондаҕа дааннайдары ыытар.
– Биэнсийэ хаһан төлөнөрүн быһааран биэриҥ.
– Биэнсийэ 16 баан нөҥүө барар. Хас биирдии улуус графиктаах. 8 чыыһылаҕа хотуларга барар. 10-ка – Дьокуускайга, 15-20 чыыһылаларга – онтон атын улуустарга.
– Төрөппүттэр арахсыбыт буоллахтарына, көмө харчыга ким сайабылыанньа биэрэрий?
– Суут быһаарыытынан оҕо кими кытта олорор да, ол киһи сайаапканы ыытар. Арахсыбыт ийэлэр уонна аҕалар тэҥинэн көмө харчыны ылбаттар.
– Иитиэх оҕо хайдах 10 тыһ. солк. көмөнү ыларый?
– Килийиэннэри кытта үлэлиир сулууспаҕа опекун бэйэтэ тиийэн сайабылыанньаны толорор, тоҕо диэтэххэ судаарыстыбаннай өҥө сайтыгар төрөппүт оҕолоргут эрэ дааннайдара киирэллэр.
– Пенсионнай пуонда үлэлиир дуо?
– Улуустарга килийиэннэри кытта үлэлиир сулууспаларбыт бары үлэлииллэр. Прием эрдэттэн суруттарыынан барар.
– Социальнай ситимнэргэ 70-80 саастаахтарга көмө харчы туһунан информация кырдьык дуо?
– Суох. Оннук төлөбүр суох. Арай 65-тэриттэн үөһээ саастаахтарга региональнай көмө оҥоһуллубута.
– Бэс ыйыгар биэнсийэ кэмигэр кэлиэ дуо?
– Пенсионнай пуонда 30 сыл үлэлээбитин тухары биэнсийэ кэмигэр төлөнөр. Онон бэс ыйыгар графигынан ылыаххыт.
– 10 тыһ. солк. көмө харчыбыт хаһан түһэрий?
– Бэс ыйыгар. Ол эрэн бэс ыйын бастакы күнүгэр бары ылыахтара диэб эппин. Ый устата түҥэтиллэн бүтүөхтээх. Биһиги барыллаан ааҕарбытынан, 200 тыһыынча кэриҥэ оҕо бу көмөнү ылыахтаах.
Сайабылыанньаны алтынньы 1 күнүгэр диэри биэриэххэ сөп.
– Ийэ хапытаалын даача учаастагар дьиэ туттарбар туһаныахпын сөп дуо?
– Быйылгыттан оннук көҥүллэннэ. Даача учаастагар ИЖС эрэ дьиэни туттар буоллаххытына көҥүллэнэр.
– Көмө харчыны ыларбар хайаан да сайаапка суруйуохтаахпын дуо?
– Оннук. 5000, 10000 солкуобайдаах көмөнү сайаапка ыыттаххытына эрэ ылаҕыт.
– Биэнсийэ индексацияланар дуо?
– Атырдьах ыйын 1 күнүгэр индексация оҥоһуллар.
– Арай киһиэхэ 2 СНИЛСтаах буоллаҕына?
– Килийиэннэри кытта үлэлиир сулууспаҕа тиийиэххитин наада. Икки СНИЛСтаах буоллаххытына, биэнсийэҕэ тахсаргыт саҕана буккуур тахсыан сөп.
– Мин пенсионер буоларым туһунан ыспараапканы хантан ылабын?
– Пенсионнай пуонда сайтыгар тус кабинеккытыттан, судаарыстыбаннай өҥө порталыттан. Бэйэҕит бэчээттээн таһаараҕыт. Эбэтэр тута ханнык уорганнарга туттарыахтааххытынан, кинилэр электроннай почталарыгар ыытаҕыт. Бу ыспараапка электроннай илии баттааһыннаах буолар.
Манна биири тоһоҕолоон этиэм этэ, билигин, араас таһымнаах биэдэмистибэлэр икки ардыларыгар электроннай дааннайдары атастаһыы үлэтэ олус үчүгэйдик сааһыламмыт кэмигэр, биэнсийэлээх, аҕам саастаах киһини ыспараапка эккирэтиһиннэрэр сыыһа. Ханнык баҕарар уорган биһиэхэ ирдэбил ыытыан сөп. Ыспараапката аҕалыҥ диэтэхтэринэ, эһиги сокуоннай быраапкытыгар олоҕуран, ирдэбил ыыталларыгар этиэххитин сөп. Билигин оннооҕор пенсионнай дастабырыанньалар наадата суох буолбуттара.
– Ийэ хапытаалын харчыта төһө түргэнник түһэрий?
– Сайабылыанньа ый устата көрүллэр, харчы түһэрэ 10 күн болдьохтоох.
– 2 оҕолоох дьахтарбын. Хотугу ыстааспынан биэнсийэҕэ хаһан тахсыахпын сөбүй?
– Ыстааскыт 12 сылтан элбэх + 2 оҕо = 50 сааскытыгар биэнсийэҕэ тахсаҕыт.
– Мин сааһым – 49. 3 оҕолоохпун. Биэнсийэҕэ тахсар бырааптаахпын дуо?
– Хотугу ыстааскыт 12 сылтан тахсар буоллаҕына, 50 сааскытыгар биэнсийэҕэ тахсаҕыт.
– Социальнай ситимнэргэ көмө харчыга билигин сайаапка ыытар наадата суох, сүтэн хаалыан сөп диэбиттэр этэ, кырдьык дуо?
– Суох. Биир да сайабылыанньа сүтүө суоҕа. Тус кабинеккытыгар сайаапкаҕыт ханнык таһымҥа турарын көрө олороҕут.
– Учуутал буоллахпына, биэнсийэҕэ тахсарбар хас сыл ыстааһым көрүллэрий?
– 25 сыл педагогтаабыт буолуохтааххын.
– 30 сыл ыстаастаахпын, 1 оҕолоохпун, биэнсийэҕэ хаспар тахсабын?
– 55 сааскар тахсаҕын.
– Дьааҥы улууһун Сайдыытыгар биэнсийэбит кэлэ илик.
– Мин ону билэн олоробун, хонтуруолга ыллым. Наада тирээтэҕинэ, тырааныспар министиэристибэтиттэн көмө көрдүөхпүт. 20 чыыһылаҕа диэри биэнсийэни тиэрдиэхпит.
– Иккис төгүлүн биэнсийэбин хаттаан аахтара сатыыбын. Портал үлэлээбэт.
– 8-800-100-99-74 биһиги төлөпүөммүтүгэр эрийиҥ.
– Үлэм ыстааһын хайдах билэбин?
– Пенсионнай пуонда сайтыгар тус кабинекка, судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар выписка ирдиэххитин сөп. Порталга тус кабинет арыныҥ, мобильнай сыһыарыыларынан туһаныҥ.
– Сайаапка толорорбор сыыспыт буоллахпына?
– Аккаас кэлэр. Хаттаан толороҕут. Оҕо аатын барытын улахан буукубаларынан суруйар тоҕоостоох.
– Аллараа Халымалар биэнсийэбит хаһан кэлэр?
– Бастакы харчылаах транш барбыта. Почтанан ылар дьон 20 чыыһылаҕа диэри ылыаххыт.
– 3 оҕолоох аҥаардас аҕабын. Биэнсийэҕэ эрдэ тахсыахпын сөп дуо?
– Суох. Эрдэ тахсыы ийэлэргэ эрэ көрүллэр. Арай дьиэ кэргэҥҥэ инбэлиит оҕо баар буоллаҕына, төрөппүттэртэн биирдэстэрэ биэнсийэҕэ эрдэ тахсыан сөп. Холобур, 2-3 оҕолоох (биир оҕолоро инбэлиит) дьиэ кэргэн ийэтэ оҕотун ахсаанынан 5 сыл эрдэ тахсар быраабын туһанар. Оттон аҕалара инбэлиит оҕолоох буолан, 5 сыл эрдэ биэнсийэҕэ тахсар.
– Кулун тутар 2 күнүгэр сайтка биэнсийэҕэ тахсар сайаапканы ыыппытым – хоруй суох.
– Биһиги сайтпыт, социальнай ситимнэрбит, колл-киин 8-800-100-99-74 нөҥүө сибээскэ тахсаарыҥ.
– 3-7 саастаах оҕо босуобуйатыгар ханна сайаапка ыытабыт?
– Ол барыта Социальнай харалта нөҥүө барар, биһиги боломуочуйабыт буолбатах.