06.07.2022 | 11:16

Педагогтар уонна медиктэр ипотекалара

Чэпчэтиилээх ипотека усулуобуйатын, кимиэхэ бэриллэрин сиһилии үөрэттибит.
Педагогтар уонна медиктэр ипотекалара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

17.06.2022 с. РФ Бырабыыталыстыбатын 1100 нүөмэрдээх уурааҕар олоҕуран, Уһук Илин ипотеката кэҥээбитэ - медиктэргэ уонна педагогтарга тарҕанар буолбута:

- Педагог дуоһунаһыгар үлэлии сылдьар, 5 сылтан кырата суох ыстаастаах, идэтинэн судаарыстыбаннай уонна  муниципальнай тэрилтэҕэ Уһук Илин территориятыгар үлэлиир буоллаҕына ылар кыахтаах.

- 5 сылтан итэҕэһэ суох судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай медицинэ тэрилтэтигэр Уһук Илин территориятыгар үлэлиир киһи ылыан сөп.

*Социальнай суолталаах идэлэри өйөөһүн буоларынан, сааһынан хааччаҕа суох, дьиэ кэргэннээх буолара ирдэммэт. 

*Уураахха медицинэ тэрилтэтин үлэһитэ диэн суруллар - хайаан да медик идэлээх буолара ирдэммэт.

*Оттон оскуола үлэһитэ хайаан да педагог эрэ буолара ирдэнэр.

*Чааһынай тэрилтэ үлэһиттэрэ хапсыбаттар. 

*5 сыл ыстаас ирдэнэр - Уһук Илин территориятыгар үлэлээбит буолуохтаах.

Уһук Илин ипотеката:

- 2% диэри ставкалаах (Сберга, холобур, билигин 1,5%)

- Кирэдьиит суумата - 6 мөл. солк.

- Куоракка саҥа дьиэни юридическэй сирэйтэн эбэтэр сир атыылаһан дьиэ туттуохха сөп. 

- Тыа сиригэр эргэ дьиэни атыылаһыы көҥүллэнэр.

- Уһук Илин ипотеката киһиэхэ биирдэ бэриллэр.

- Урут ылыллыбыт кирэдьииттэргэ рефинансирование оҥоһуллубат.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....