Патриотическай иитии ыйа саҕаланна
Месячнигы үөрүүлээхтик арыйыы Юнармеец күнүнэн саҕаланна. Тэрээһин киин куорат 3, 9, 10, 24 №№-дээх, Табаҕа, Марха 1 №-дээх оскуолаларын, Улаатан эрэр оҕолор кииннэрин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах буолан ааста.
Бу күн Юнармейскай килбиэн III истиэпэннээх бэлиэтинэн С. И. Климаков аатынан киин куорат 24 №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ Ксения Глушкова, М.И. Кершенгольц аатынан 9 №-дээх оскуола үөрэнээччитэ Артем Семенов, Табаҕа орто оскуолатын үөрэнээччитэ Владимир Акреев, Новопашин аатынан куорат 10 №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ Роман Беляев, Марха 1 №-дээх оскуолатын юнармееһа Николай Ильинов, куорат 3 №-дээх оскуолатыттан Ньургун Никифоров, 13 №-дээх оскуолаттан Алина Андреева уонна Руслан Прокопьев бэлиэтэннилэр.
Юнармеец күнүнэн киинэ лекторий, маастар-кылаастар, квест-оонньуу, юнкордар балаһааккалара ыытылынна, «АВАНГАРД» УМЦ «Анал байыаннай эпэрээссийэ дьоруойдара» Эр санааланыы уруогун ыыттылар.