10.02.2023 | 16:00

Патриотическай иитии ыйа буола турар

Дьокуускай куораттааҕы Эдэр армеецтары бэлэмниир кииҥҥэ (Юнармия дьиэтэ) олунньу ый устата Патриотическай иитии ыйа буола турар.
Патриотическай иитии ыйа буола турар
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Месячнигы үөрүүлээхтик арыйыыга Юнармейскай килбиэн III истиэпэннээх бэлиэтинэн С.И. Климаков аатынан киин куорат 24 №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ Ксения Глушкова, М.И. Кершенгольц аатынан 9 №-дээх оскуола үөрэнээччитэ Артем Семенов, Табаҕа орто оскуолатын үөрэнээччитэ Владимир Акреев, Новопашин аатынан куорат 10 №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ Роман Беляев, Марха 1 №-дээх оскуолатын юнармееһа Николай Ильинов, куорат 3 №-дээх оскуолатыттан Ньургун Никифоров, 13 №-дээх оскуолаттан Алина Андреева уонна Руслан Прокопьев наҕараадаламмыттара.

Бэҕэһээ Дьокуускай куоракка халлаан тымныйан, оскуола оҕолоро үөрэммэтилэр. Онон Клара Цеткин уулуссатын, 14/3 үлэлиир Эдэр армеецтары бэлэмниир кииҥҥэ былааннаммыт тэрээһиннэр эмиэ, хомойуох иһин, ыытыллыбакка, Юнармия дьиэтин үлэтин хаартыскаларынан сырдатабын.

Айсен Никитин, Эдэр армеецтары бэлэмниир киин педагога:

Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиэхэ 600-тан тахса оҕо дьарыктанар. Оттон  өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ааспыт сыл түмүгүнэн уопсайа 7000 тахса оҕо бэлиэтэммитэ. Биһиги Кииммитигэр киирэргэ, бастатан туран, оҕо бэйэтэ баҕалаах буолуохтаах. Иккиһинэн, төрөппүт сөбүлэҥин ирдиибит. Хас биирдии уһуйааччы куорат оскуолаларыгар сыһыарыллан үлэлиирин бэлиэтиир тоҕоостоох. Үлэбит эбии үөрэхтээһин курдук былаанынан аттарыллан ыытыллар. Ол курдук, нэдиэлэ ахсын оскуолаларынан сылдьан байыаннай-патриотическай хайысхалаах дьарыктары ыытабыт. Бу манна педагог оҕону интэриэһиргэттэҕинэ, оҕо баҕаран туран бэйэтэ кэлэр.

Дьарыктанар оҕолорбутун сүрүннээн эт-хаан өттүнэн сайдыылаах уонна олоххо бэлэмнээх буола улаатарга үөрэтэбит. Ону таһынан өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут историятын, Арассыыйа уонна Саха сирин Конституцияларын үөрэтэбит, полиция, быыһыыр сулууспа үлэлэрин ис хоһоонун кытта билиһиннэрэбит, бастакы көмө, туризм хайысхаларын кэпсиибит, суруналыыстыкаҕа уо.д.а. дьарыктыыбыт. Онон баҕалаах оҕо наһаа элбэх.

Иннокентий Иннокентьевич аптамаат саа хайдах хомулларын көрдөрөр

Биир уһуйааччыга хас оҕо сыһыарыллан сылдьарый?

Хас биирдии учуутал 160-лыы оҕолоох. Ону сэргэ оскуола учууталларын, кылаас салайааччыларын, завучтары кытта ыкса үлэлиибит.

Аныгы оҕону патриоттуу санааҕа иитэр уустук дуо? Оҕо үксэ гаджет тутан баран сылдьар курдук дии...

Аныгы оҕолор даҕаны игровой хайысхалаах дьарыктары сэргииллэр. Холобура, аптамаат саа хайдах ыһылларын, хомулларын билиэхтэрин, сатыахтарын эмиэ баҕараллар.

Оттон оҕону патриоттуу санаа диэҥҥэ интэриэһиргэтии – ол педагог соруга. Биллэн турар, оҕо-оҕо араас буолар, ону, дьэ, педагог бэйэтин билиитинэн, уопутунан, ньыматынан интэриэһиргэтиэхтээх. Холобура, мин бэйэм эппиэттээх Марха оскуолаларыгар үлэбин тииргэ сыал ытыыттан, аптамааты хомуйарга үөрэтииттэн, эт-хаан өттүнэн эрчиллиилэртэн саҕалаатым.

Дьокуускайга Бүтүн Арассыыйатааҕы «Аҕа дойдуну көмүскээччигэ сурук» ыччат аахсыйата саҕаланна

Иннокентий Горохов, Эдэр армеецтары бэлэмниир киин педагога:

Хас биирдии этээс тус-туһунан аналлаах. Ол курдук, бастакы этээскэ Юнармияны кытта саҥа билсэр оҕолор дьарыктаналлар. Үһүс этээскэ билигин Арассыыйа үрдүнэн ыытылла турар «Саллаакка сурук» аахсыйа буола турар уонна оҕолор аптамаат сааны ыһарга-хомуйарга үөрэнэллэр. Үөһээ этээскэ квиз-викториналары тэрийэн ыытабыт, “Эдэр суруналыыс” куруһуога үлэлиир. Манна сотору IT хайысхалаах саала баар буолара күүтүллэр.

Дьокуускай куораттааҕы Юнармия дьиэтигэр ситиһиилэри, саҥа уонна интэриэһинэй бырайыактары баҕарабыт!

«Аҕа дойдуну көмүскээччигэ сурук» ыччат аахсыйатыгар кыттарга быстах байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар буойуттарга махтал уонна өйөбүл тыллардаах сурук суруйуохха наада.
Суруктары эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна байыаннай госпитальга эмтэнэ сытааччыларга тиэрдэллэр.
Үлэлэри маннык аадырыһынан туталлар: Ленин пр., 15, 7-с этээс, бырайыактыыр офис.
Аахсыйа болдьоҕо: олунньу 1-15 күннэрэ
Сиһилии: 40-88-46, +79248787109 (Анастасия) төлөпүөннэринэн билсиэххэ сөп.

Оҕолор «Саллаакка сурук» аахсыйаны сэргииллэр эбит
Төрдүс этээскэ сымнаҕас пуфиктарга олороннор оҕолор сэлэһэллэр, санаа атастаһар кыахтаахтар. Билигин манна миэбэл, техника кэлэн турарын кэтэһэллэр
Халлаан сылыйдаҕына иитиллээччилэр айылҕаҕа сылдьаллар. Онно анаан-минээн рацияны, компаһы сатаан туттарга үөрэнэллэр
Электрическэй воздушка саанан экраҥҥа сыалы ытыы. Ойуута дьиҥнээх курдук, саа лазерынан ытар

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...