Пандемия кэмигэр хайдах аһыыгыт?
Аан дойдутааҕы Доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ саҥа тарҕаммыт коронавирус дьаҥын, өссө кулун тутар 11 күнүгэр “пандемия” диэн сүрэхтээбитэ. Пандемияны сэрэтии сүрүн ньымата: карантин уонна бэйэ изоляцията. Онтон ордук суолу аан дойду тобула илик.
Кэнники кэмнэргэ тарҕаммыт “элбэх белоктаах, сыалаах аһы аһаатахха, киһи ыалдьыбат үһү” диэн сураҕы Роспотребнадзор исписэлиистэрэ туох да научнай тирэҕэ суоҕунан ааҕаллар эбит. Пандемия кэмигэр карантиҥҥа уонна бэйэ изоляциятын эрэсиимигэр олорор дьон аһылыгын рационун Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаата тарҕатта. Онно этиллэринэн, биһиги билигин дьиэттэн тахсыбакка олорор кэммитигэр күннээҕи аһылыкпытыгар 3 сүрүн усулуобуйаны учуоттуохтаахпыт:
- биһиги билигин стресс үөскүүр усулуобуйатыгар олоробут;
- ыарыы кэмигэр организм араас бактериялары, вирустары утары үлэлииригэр көмө наада;
- физическэй хамсаныыбыт олус аҕыйаата.
Маннык усулуобуйаҕа олоҕуран, аһылыкпытыгар хаһааҥҥытааҕар да болҕомтолоох буоларбыт тоҕоостоох эбит. Күннээҕи калорийбытын ортутунан 200-400 ккал аччатыахтаахпыт. Роспотребнадзор сүбэлииринэн;
- 3-7 саастаах оҕоҕо (физическэй көхтөөх буолуутун учуоттаан туран) сууккаҕа – 1500 ккал;
- 7-8 саастаах оҕоҕо сууккаҕа – 1600-2000 ккал;
- дьахталларга сууккаҕа – 1600-1800 ккал;
- эр дьоҥҥо сууккаҕа – 1800-2100 ккал.
Аһылыкпытыгар белок, сыа, углевод, микронутриент барыта баар буолуохтаах. Сууккаҕа 2 л уу иһиллиэхтээх. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕо күҥҥэ 1 л ууну иһиэхтээх, оттон 12-18 саастаах оҕо 1,5 л ууну иһиэхтээх.
Роспотребнадзор исписэлиистэрэ бэйэ изоляциятын кэмигэр тугу сиэтэххэ киһи этин-сиинин туругун сөпкө тутан сылдьыан сөбүн быһаарбыттар. Ол курдук, күннээҕи аһылыкка баар буолуохтаах:
- килиэп (сэлиэһинэй, оруос бурдуктан), мохоруон, куруппа арааһа;
- үрүҥ ас (үүт бэйэтинэн, иэдьэгэй, кефир, ынах арыыта, суорат);
- көтөр этэ, балык, эт арааһа (балыгы нэдиэлэҕэ иккитэ сиэхтээхпит);
- мас арыыта (оливковай, кукурузнай, соевай о.д.а. көрүҥнэрэ);
- сымыыт (нэдиэлэҕэ 2-3-тэ);
- оҕуруот аһа уонна фрукта.
Маннык испииһэктэн күннээҕи менюну таҥан таһаарабыт. Холобур, сарсыардааҥы аһылыкка куруппаттан хааһы, сымыыт, иэдьэгэй буолуон сөп. Утахха улахан дьоҥҥо кофе, оҕолорго какао, чэй. Иккис аһылыкка: утахтар, фрукта, эриэхэ арааһа, үрүҥ астар, сушка, баранка. Эбиэккэ: оҕуруот аһа сокууска быһыытынан. Итии аһылыкка – эт, балык миинэ. Иккис бүлүүдэҕэ – эт арааһа, балык оҕуруот аһын, куруппаны, мохоруону кытта. Эти арыыга буолбакка, ууга эбэтэр бэйэтин сүмэһинигэр буһарар ордук. Күнүскү үссэниигэ: иккис аһылыкка курдук астар барсаллар. Киэһээҥи аһылык: оҕуруот аһа, куруппа, эт арааһа. Утахха үүттээх чэй. Утуйуох иннинэ: кефир, йогурт.
Биллэн турар, уойбат туһуттан, минньигэс уонна бурдук аспытын аҕыйатабыт.