07.11.2023 | 12:30

П.А. Ойуунускайга анаммыт декада ыытыллар

Сэтинньи 5 күнүттэн 15 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай деятель, духуобунай лидер Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаммыт декада ыытыллар.
П.А. Ойуунускайга анаммыт декада ыытыллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Декада чэрчитинэн Емельян Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын судаарыстыбаннай холбоһуктаах музейдарыгар уонна филиалларыгар, ол иһигэр Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын музейдарыгар: Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Таатта улууһугар, М. К. Аммосов аатынан Нам улууһугар уонна И.Н. Барахов аатынан Үөһээ Бүлүү улууһугар, итиэннэ Национальнай библиотекаҕа, улуустар уонна куорат уокуруктарын библиотекаларыгар быыстапкалар, экскурсиялар, уруоктар, лекциялар, куонкурустар ыытыллаллар.

Национальнай художественнай музей «Достояние Республики» диэн Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаммыт экспозициялаах мультимедийнай быыстапка-айаҥҥа ыҥырар.

Аан дойду норуоттарын хомуһун музейыгар уонна киинигэр Платон Ойуунускай олоҕун, үлэтин кытта билсиэххэ сөп.

Дьокуускай Кииннэммит библиотекаларын систиэмэтин сайтыгар «Саха норуотун чулуу уола» виртуальнай быыстапка үлэлиир.

И.С. Жараев аатынан Саха сирин норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэлэрин национальнай киинин сайтыгар Платон Ойуунускай олоҕун, айар үлэтин сырдатар аудиовизуальнай архыып матырыйаалларын кытта билсиэххэ сөп.

 «Арчы дьиэтэ» духуобунай култуура киинэ уолаттар ортолоругар «Сахалыы саҥа сатараатын!» оратордар онлайн-күрэхтэрин, оттон ХИФУ Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын института устудьуоннарга анаан уус-уран тыл, ааптарыскай хоһоон, кэпсээн куонкурустарын ыыталлар.

Сэтинньи 11 күнүгэр «Мин историям» Музей комплексыгар «Ойуунускай уонна Мин» култуурунай-сырдатар тэрээһин ыытыллыаҕа.

Киин куорат Орджоникидзе болуоссатыгар, сэтинньи 11 күнүгэр 11.00 чааска, үөрүүлээх миитин уонна Платон Алексеевич Ойуунускай пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу буолуоҕа. 1-гы №-дээх Бырабыыталыстыба дьиэтигэр «Саха омук салбырҕастаах санаатын саталаах саҥатын саҥарыаҕыҥ...» төгүрүк остуол ыытыллыаҕа.

Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаммыт үөрүүлээх тэрээһин кини аатын сүгэр Саха академическай тыйаатырга 17.00 чааска саҕаланыаҕа, онтон 18.00 чааска «Кэрэкээн» испэктээкил буолуоҕа.

Саха норуотун чулуу уола, биллиилээх судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай деятель, Саха сирин судаарыстыбаннаһын төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, поэт, прозаик, драматург Платон Алексеевич Ойуунускай 1893 сыл сэтинньи 11 күнүгэр Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Платон Ойуунускай аата Саха академическай тыйаатырга, Дьокуускай куорат литературнай музейыгар, аэропортка, Саха сирин нэһилиэнньэлээх пууннарын уулуссаларыгар (ол иһигэр Дьокуускайга, Мииринэйгэ, Нерюнгрига, Бүлүүгэ) иҥэриллибитэ.

1993 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ литература, искусство уонна архитектура эйгэтин айымньыларын иһин туттарыллар Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ олохтоммута.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...