Ойууру уоттан харыстааҥ!
Сыл аайы, муус устарга, халлаан биллэ сылыйда да, биһиги олохтоохторбут айылҕа туонатыгар сынньана тахсаллар. Саха сиринээҕи айылҕа харыстабылын прокуратурата, нэһилиэнньэ ойуурга тахсарыгар быраабылалары тутуһуохтааҕын санатар.
Ол курдук, РФ Бырабыыталыстыбатынан 24.12.2012 с. ылыллыбыт Баһаары утары эрэһиим 218 пууннаах 390 №-дээх быраабыла ирдииринэн, тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сирдэргэ оту өртөөһүн, кутаа уоту оттуу бобуулаах. Быраабыла олоххо киириэҕиттэн, Саха сиригэр өртөөһүнтэн уонна кутаа оттууттан барбыт ойуур баһаара аҕыйаата (2017 с. – 15 ойуур баһаара, 2019 с. – 13 баһаар турбута).
Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин 26.01.2016 с. 26 №-дээх бирикээһинэн, тыа хаһаайыстыбатын сирдэригэр кутаа уот оттуу анал бэлэмнэммит сирдэргэ эрэ көҥүллэнэр:
- уот оттуллар сирэ дьаама, котлован курдук аччаабыта 0,3 м. дириҥнээх уонна 1 м. диаметрдаах гына сиргэ иһирдьэ хаһыллыбыт буолуохтаах. Дьаамаҕа тимир эбэтэр атын уокка умайбат матырыйаалтан иһит (буочука, баах, мангал) туруоруллуохтаах. Уот кыыма 1 куб. м. сиргэ түстэ да умуллар усулуобуйата тэриллиэхтээх.
- аһаҕас уот оттуллар сирэ араас тутууттан (дьиэттэн, сарайтан од.а.) 50 м., ойууртан 100 м., титирик мастартан 30 м. ыраах буолуохтаах,
- аһаҕас уот туттуллар сир тулата 10 м. хаппыт оттон-мастан ыраастанахтаах. 0,4 м. минерализованнай балаһа оҥоһуллуохтаах.
- уоту оттооччу уот барар түгэнигэр түргэнник саба тутар, баһаарынайдары ыҥырар сибээстэһэр тэриллээх буолуохтаах.
Аһаҕас уоту оттуу бобуллар:
- Липпэ сирдэргэ (торф);
- Күн-дьыл туругун сабаҕалааһфын тыал түһэрин сэрэттэҕинэ;
- Үүнэн турар мас анныгар;
- Уокка сиэммит иһит иһигэр;
- Тыал 5 м/с түргэн буоллаҕына анал иһитэ суох кутаа оттуллубат;
- Тыал 10 м/с түргэн буоллаҕына;
Баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын кэспит киһи административнай эппиэтинэскэ тардыллар, ыстыраап гражданнартан 4 тыһ. солк., дуоһунастаах сирэйтэн – 15 тыһ.солк., юридическэй сирэйтэн – 200 тыһ. солк.
Быраабыланы кэһэн туран уотунан туттуу түмүгэр, баайга-дуолга эбэтэр киһиэхэ чэпчэки уонна орто таһымнаах хоромньу оҥоһуллубут буоллаҕына – 400 тыһ. солк. административнай ыстыраап ууруллар.
Маннык быһыыланыыттан киһи эмсэҕэлээһинэ таҕыстаҕына, юридическэй сирэйтэн – 600 тыһ. солк. саҕалаан 1 мөл. солк. тиийэ ыстыраап ууруллар. 90 хонук иһигэр төлөнүөхтээх. Физическэй сирэй ыстыраап таһынан 3 сылга диэри хаайыыга уураахтанан холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыан сөп.
Маны таһынан, хаар ууллуоҕуттан ардахтаах кэм кэлиэр, эбэтэр кыстык хаар түһүөр дылы бобуулаах:
- Саҥа үөскээн эрэр ойуурдарга, мас кэрдиллибит дэлээнэтигэр, куурбут оттоох сиргэ, мас анныгар уот оттор.
- Умайбыт испиискэ тымтыгын, табаҕы сиргэ быраҕар.
- Өстүөкүлэни быраҕар. Тоҕо диэтэххэ, өстүөкүлэ күн сардаҥатын күүһүрдэн баһаар уота туруон сөп.
- Сааскы бултка умайар саа быыһын туттуу.
- Бензин, оҕунуох иҥмит матырыйаалларын сиргэ хаалларыы.
- Үлэлии турар мотуору саппыраапкалааһын, техника уонна уматык аттыгар табахтааһын.
Сири туһанааччылар уонна бас билээччилэр ойуурдарын, сирдэрин таһынааҕы тыаны хаппыт оттон-мастан ыраастыыр үлэни ыытыахтаахтар. Эбэтэр 05. м. кэтиттээх ойууру баһаартан харыстыыр хаһыылары оҥоруотаахтар.
Мас кэрдээччилэр мутугу уматаллара баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмин кэнниттэн биирдэ көҥүллэнэр. Мутугу хомуйан умаппыт сирдэрин кумаҕынан, буорунан көмүөхтээхтэр.
Ойуур баһаарын төрүөтэ буолбут киһи, өскөтүн 50 тыһ. солк. элбэх хоромньуну оҥорбут буоллаҕына, 500 тыһ. солк. ыстыраабы таһынан 10 сылга диэри хаайыыга уурахтаныан сөп.
Баһаары ыыппыт дьоҥҥо хоромньу таһынан, баһаарынайдар үлэлэрин, ойууру чөлүгэр түһэрии ороскуота барыта эбиллэр.
Ойуур баһаарын бэлиэтии көрдөххүтүнэ, маннык нүөмэрдэргэ эрийэн биллэриҥ:
ЫБМС: 01 эбэтэр 112
ФБУ «Авиалесоохрана»: 8-800-100-94-00
Саха сиринээҕи диспетчердэр сулууспалара: 44-74-76
Бэйэҕит улуускут лесничествотыгар.
Туһааннаах уорганнар кэмигэр үлэлээбэтэхтэринэ Айылҕа харыстабылын прокуратуратыгар биллэриҥ: Дьокуускай к.,. Каландаришвили уул., 5, сайт: http://proksakha.ru, дьуһуурунай прокурор 8 (4112) 44-58-98.